Иэйэхсит Хотуну хаарынан оҥордо

Share

Быйыл Иэйэхсит сыла үүннэ. Сунтаар улууһун Хаданыгар олорор уран уус Иннокентий Иванов үгэс курдук, сыл бэлиэтин — Иэйэхсит Хотуну хаарынан чочуйан оҥордо.

Хаартыска: И.Иванов тиксэриитэ.

Хадан Киэсэтэ сыл аайы хаарынан ураты оҥоһуктары оҥорон, биир дойдулаахтарыгар бэлэхтиир. Кини илиҥҥи гороскобунан буолбакка, сахалыы халандаар бэлиэлэрин оҥорор идэлээх. Былырыын Айыыһыт Хотуну оҥорбута киэҥ биһирэбили ылбыта. Оҥоһугун чочуйан, кырааскалаан баран, үгэс курдук, ахсынньы 31 күнүн киэһэтигэр эрэ арыйар, көрдөрүүгэ таһаарар. Хаарынан оҥоһугун икки нэдиэлэ кэриҥэ оҥорор, кырааскалыыр. Өҥүн-дьүһүнүн табан дьүөрэлиир.

Оҥоһуктары анаан көрө, хаартыскаҕа түһэ кэлэллэр. Сылга тыһыынча кэриҥэ киһи сылдьар диэн дьиэлээхтэр этэллэр.

Маастар оҥоһуга, нууччалыы эттэххэ, «художественная композиция» буолар — кытыытынан сүрүн уобараһы арыйар, көмөлөһөр оҥоһуктардаах. Холобур, Иэйэхсит Хотун тула көмөлөһөөччүлэрин — кыыллары, көтөрдөрү, уйгу-быйаҥ бэлиэтин — сахалыы иһиттэри оҥорбут. Иэйэхсит Хотун майгытын, санаатын эмиэ көрдөрбүт — мичилийэн, үөрэн-көтөн, дьоҥҥо көмөлөстөрбүн, куустарбын ханнык диэбиттии илиитин даллатан турар. Таҥаһа-саба сиэдэрэй, мааны.

«Иэйэхсит сылын ис хоһооно, кылгастык этэр буоллахха, саас ыам ыйыгар сөп түбэһэр диэн. Көтөр, чыычаах кэлиитэ, от-мас тыллыыта, үрүҥ ас дэлэйиитин бэлиэтэ. Аал-Луук маһа хатыҥ диэн эбит, аны таптыыр кыыллара — туртас уонна куба. Иэйэхсит араҥаччылыыр, сэрэтэр, оҕо-уруу, ыччат тэнийэрин түстүүр», — диэн Иннокентий санаатын үллэһиннэ.

Маны тэҥэ, кини сиэмэнтэттэн скульптуралары эмиэ оҥорор. Олоҥхо дьоруойдарын чочуйан, оҥорон, быйыл көрдөрүүгэ таһаарда.

Хаартыскаҕа: Былырыын оҥорбут Айыыһыт Хотуна.
What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

«Тымныы полюһа-Өймөкөөн» экстремальнай марафоҥҥа 50-ча спортсмен кыттыаҕа

Тохсунньу 11-12 күннэригэр Өймөкөҥҥө «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» VI-с кыһыҥҥы экстремальнай марафоҥҥа дойду 17 эрэгийиэниттэн…

12 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга икки массыына умайбыт

 Дьокуускай куоракка манна массыына умайа турарын, онно эстибитин туһунан иһитиннэриилэр социальнай ситимнэринэн  тахса тураллар. Сыл…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы ГРЭС 55 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир

Тохсунньу 10 күнүгэр "Якутскэнерго" АУо Дьокуускайдааҕы ГРЭС 55 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Бу күн 1970 сыллаахха…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Роспотребнадзорга метапневмовирус хайдах эмтэнэрин кэпсээтилэр

Арассыыйаҕа метапневмовирус сыллата регистрацияланар уонна  тумуу вируснай инфекциятын санатар. Бу туһунан Роспотребнадзор эпидемиологиятын научнай үлэҕэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Синоптиктар саас эрдэ кэлиитин сылыктыыллар

Арассыыйа олохтоохторугар синоптиктар саас эрдэ кэлиитин эрэннэрдилэр. Бу туһунан «Российская газета» дойду гидрометсулууспатын лабораториятын сэбиэдиссэйэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Земскэй учуутал” бырагыраамаҕа докумуоннары хомуйуу саҕаланна

Бэҕэһээҥҥиттэн, 2025 сыл тохсунньу 9 күнүттэн муус устар 15 күнүгэр диэри, “Земскэй учуутал” федеральнай бырайыагынан…

2 часа ago