2025 сыл — Иэйиэхсит ийэ хотун сыла

Share

Саха халандаарынан быйыл Иэйиэхсит таҥара сыла саҕаланна. Бу ыйтан Иэйиэхсит ийэ хотун түһэр. Кини сылаас тыына буорга, ууга, салгыҥҥа иҥэр. Киһини амарах, эйэҕэс оҥорор, бары куһаҕантан арчылыыр.

Саха итэҕэлигэр Айыыһыт уонна Иэйиэхсит айыылар аҕас-балыстыылар, Үрүҥ Айыы Тойон кыргыттара буолаллар. Ол алгыс тылыгар маннык этиллэр: «Айыыһыккыт аргыстаннын, Иэйиэхсиккит эҥээрдэстин», — диэн.

Иэйэхсит аһаҕас майгылаах, эйэҕэс, амарах санаалаах. Иэйиэхсит кэллэҕинэ от-мас көҕөрөр, ас-үөл дэлэйэр, киһини бары куһаҕантан сэрэтэр, араҥаччылыыр. Киһиэхэ сүөһү көрөөччү, булчут, үүннэрээччи, эмчит идэлэри биэрэр.

Киһи барахсан Айыылыы санаата уһуктар кэмэ кэллэ. Өркөн өй – муударай мутуга тобуллар кэмэ. Киһи айылҕаттан дьоҕурдара арылларыгар бэрт кэм. Талба талааннаргытын арына сатаатаххытына – сатабыллаах дьон буолан, дьоҥҥө-сэргэҕэ кэрэхситэр кэмҥит кэллэ. Өтө көрөр, сэрэйэр айылгылаах, онон ааһан иһэр албыҥҥа-түөкэйгэ үктэппэт. Кыһалҕалаахха ис сүрэҕиттэн көмөлөһө сатыыр киһи – элбэх ситиһиигэ тиксиэ.

Иннигитин туохха да биэрбэт буоллаххытына, кыыһыра-тымта, улаатымсыйа сатаатаххытына- Дьолуо Айыыһыт тиэрэ эргийиэ. Ыарахан ньэгири түргэнник аһарына үөрэниҥ. Өһүргэниини, бэйэни аһыныыны тохтотуҥ. Дьиэ кэргэҥҥэ ытыктабыл, өйдөһүү-өйөһүү, бэйэ бэйэни харыстааһын сыаннастарын өрө тутуу. Сорох сэлээр быһыылар-майгылар үтүөнү түстээбэт сыллара. Өйү тутуу, киэҥ көҕүстээх буолуу, дуоспуруннаах туттуулаах дьону быйыл хаччы оҥоруу, байыы-тайыы күүтэр сыла.

Иэйиэхситтэр элбэхтэр:

  • Киһи иэйиэхситэ – Нэлбэй, Нэлэгэлдьин, Эдьээн Иэйиэхсит.
  • Сылгы иэйиэхситэ – Сэлэгэлдьин, Дьөһөгөй Иэйиэхсит.
  • Ынах-сүөһү иэйиэхситэ – Мылахсын, Ынахсыт, Иһэгэй Иэйиэхсит уо.д.а
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Шаман» киинэ премьерата буолла

Тохсунньу 10 күнүгэр "Лена" киинэ тыйаатырыгар "Шаман" диэн Арассыыйа киинэтин премьерата буолла. "Сахафильм" дириэктэрэ Алексей…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

Дыгын оонньуулара: Уус Алдан улууһугар чөмпүйүөн Куубага ыытыллыаҕа

Уус Алдан улууһа национальнай многоборьеҕа чөмпүйүөн Куубагын ыытарга бэлэмнэнэр. Күрэхтэһии Дыгын оонньууларыгар иккис сүүмэрдиир түһүмэҕэ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сииттэлэр саҥа сылы сэргэхтик көрүстүлэр

Сииттэ нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев 2024 сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньаҕар олохтоохтор тоҕуоруһа муһуннулар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр

Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр. Ол туһунан…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа

Бу сыл тохсунньу 11 күнүттэн «Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан 206 нүөмэрдээх маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа. Бу туһунан «Чурапчы…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһин салҕанар

Хантараагынан  байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһиҥҥэ Биир кэлим кииннэр үлэлэрэ салҕанар. «Манна хандьытааттар психологтар уонна мэдиссиинэ үлэһиттэрин…

5 часов ago