«Иэйии-Вдохновение» үҥкүү-ырыа бөлөҕүн ситиһиилэрэ

Share

Олунньу  24-27 күннэригэр Казань куоракка үһүс төгүлүн ыытыллыбыт норуоттар  икки ардыларынааҕы «Звёздная карусель»  бэстибээл-куонкуруска  Дьокуускай куораттан өрөспүүбүлүкэтээҕи үһүс көлүөнэ оскуолатын волонтёрдарын «Иэйии-Вдохновение» үҥкүү-ырыа бөлөҕө 11 киһи састааптаах баран, ситиһиилээхтик кыттан, өрөгөй кынаттанан кэллилэр.

Ол курдук, » Хореография » номинацияҕа норуот үҥкүүтүгэр Гран-при  үрдүк чыпчаалынан наҕараадаланнылар.  Маны таһынан сүүрбэһис төгүлүн 2023 сылга  атырдьах ыйыгар Сочи куоракка ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы «У САМОГО ЧЕРНОГО МОРЯ»  бэстибээл-куонкуруска  кыттарга сэртипикээти  туттардылар.

Биир бальнай үҥкүүгэ уонна стилизованнай национальнай көстүүм көрдөрүүтүгэр I-кы истиэпэннээх лауреат,  стилизованнай норуот үҥкүүтүгэр ll-с истиэпэннээх лауреат аатын сүктүлэр. Онтон ырыа номинациятыгар эстраднай ырыаҕа Валентин Фёдоров Гран-при  ылан үөрүүтэ үрдээтэ. Инньэ гынан, бары сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ, атахтара сири билбэт гына үөрдүлэр-көттүлэр.

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ

Бэстибээл кыттыылаахтарын, Казань куорат киинигэр баар Кремль аттыгар  «Амакс-Сафар» отельга олохтоотулар.  Олус кэрэ былыргы историческай пааматынньык тутуулардаах куорат устун күүлэйдээтилэр, «Вечерний Казань» экскурсияҕа сырыттылар.

Ансаамбыл муус устар 16 күнүгэр Оҕо дыбарыаһыгар 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээн кэнсиэр оҥорор. Кэнсиэркэ кэлэн кыттаргытыгар ыҥырабыт. Кэнсиэр 16 чаастан буолар.

Ытыктабыллаах аҕам саастаах дьоммутугар «Иэйии-Вдохновение» үҥкүү-ырыа бөлөҕөр өссө да инникитин үрдүк ситиһиилэри, таһаарыылаах үлэни уонна саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны баҕарабыт!

Александра Троева, бөлөх  салайааччыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago