Иенграҕа «Хуктывун – 2024» табаһыттар бырааһынньыктара буолла
Бэҕэһээ, кулун тутар 9 күнүгэр, Иенграҕа быйыл дойдуга Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар аналлаах «Хуктывун – 2024» национальнай бырааһынньыгы түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Табаһыттар күнүгэр тыһыынчаттан тахса киһи сырытта. Ыалдьыттарга уонна тыа сирин олохтоохторугар анаан киэҥ бырагыраама оҥоһулунна. Куорат уонна Иенгра олохтоохторун артыыстара улахан кэнсиэр тэрийэн ыыттылар, бырааһынньык хонуутугар үгэскэ кубулуйбут атыы- эргиэн тэрийдилэр, баҕалаахтары табанан айаннаттылар. Маны кытта саамай күүтүүлээх ыраах дистанцияҕа таба сүүрдүүтэ буолла. Табаһыттар кыайыы иһин эр дьонтон дьахтарыгар тиийэ биир тэҥник кииристилэр. Олохтоох маастардар «Аяврив эвэды тэткэв» куонкуруска кыһыҥҥы национальнай таҥастарын кэлиэксиэйэлэрин көрдөрдүлэр. Ким баҕалаах бары успуорт күрэхтэһиилэригэр кытыннылар уонна успуорт национальнай көрүҥнэригэр кииристилэр. Табаһыт күнэ «Эян» КК этно-дискотекатан түмүктэннэ.
«Бүгүн Иенгра өрүс мууһун былаһааккатыгар толору киһи», — диэтэ Роман Щегельняк. «Сыллата бу бырааһынньык биһиги оройуоммутугар ыалдьыттары түмэр уонна барыларын кытыннаран, бэрт сэргэхтик ааһар. Табаһыт күнэ – Нерюнгри оройуонун уонна Иенгра нэһилиэгин бырамыысыланнай сайдыытыгар ураты суолталаах. Норуот үгэстэрин, култууратын сайыннарар ураты кэрэхсэбиллээх. Иенграҕа бу дойду дьиҥнээх хаһаайыттара — табаһыттар олороллор. Кинилэр өбүгэлэрин төрүт дьарыктарын көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдэллэр. Бу биһиги оройуоммут олохтоохторугар төрүт дьарыкка ытыктабыллаах сыһыаннаһыы кэрэ устуоруйата». Ити кэннэ оройуон баһылыга Роман Щегельняк таба иитиитигэр сүҥкэн кылааты киллэрбит табаһыттарга үрдүк наҕараадалары туттарда.
«СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» Бочуоттаах бэлиэнэн «Золотинка» МУП чуум үлэһитэ Юлия Семенова уонна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Махтал суругунан «Золотинка» МУП табаһыта Юрий Семенов наҕараадаланнылар. Оттон Нерюнгри оройуонун дьаһалтатын баһылыгын Бочуотунай грамоталарын туттардылар: Николай Шмагиҥҥа, «Золотинка» МУП табаһытыгар; Ольга Александроваҕа, «Өлүөхүмэ» аҕа ууһун общинатын үлэһитигэр; Климентий Колесовка, көһө сылдьар родовой община табаһытыгар; Любовь Кулбардиноваҕа, «Золотинка»МУП табаһытыгар.
Табаһыт күнэ – бу Иенгра уонна бүтүн Нерюнгри улууһун олохтоохторун барыларын түмэр. Ыаллыы сытар эрэгийиэнтэн элбэх ыалдьыт болҕомтотун тардар, Хотугу норуоттар национальнай култуураларын чөлүгэр түһэриигэ уонна успуорт кыһыҥҥы национальнай көрүҥнэрин дьоҥҥо тарҕатыыга көмөлөһөр.
Нерюнгри дьаһалтатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: