Нерюнгри оройуонун Иенгра сэлиэнньэтигэр бу күннэргэ табаһыт сүттэ. Кини алтынньы 4 күнүгэр үлэлиир сириттэн барбыт уонна төннүбэтэх диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Табаһат киһи доруобуйатыгар кыһалҕалаах эбит. Алтынньы 7 күнүгэр Быыһыыр сулууспа 4 быыһааччыта уонна Ис дьыала министиэристибэтин 1 үлэһитэ көрдөөһүҥҥэ тахсыбыттара, билиҥҥитэ түмүк суох.
СӨ Быыһыыр сулууспата өссө икки улууска сүппүт дьону көрдүүллэрин иһиттиннэрэр.
2024 сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр Өймөкөөн оройуонун Уус Ньара бөһүөлэгэр алтынньы 5 күнүгэр сүппүт 2018 с.т. оҕону көрдөөһүн үлэтэ салҕаммыта. Бу оҕо Индигирка өрүскэ сүппүт диэн сабаҕаланар. Икки бөлөҕүнэн арахсан быыһааччылар катерынан сылдьан Муома оройуонун кытта кыраныыссаҕа, 110-ча км диэри көрдөөбүттэрэ. Көрдөөһүн туох да түмүгү биэрбэтэҕэ уонна алтынньы 6 күнүгэр тохтотуллубута.
Быыһыыр сулууспа Ленскэй оройуонугар сүппүт 1960 с.т., 2024 сыл балаҕан ыйын 20 күнүгэр сүппүт киһини көрдөөһүнү хонтуруолга тутар. Сүппүт киһи Ленскэй улууһун Бэчинчэтигэр соҕотоҕун олорбут, доруобуйатыгар кыһалҕалаах эбит. Аймахтара этэллэринэн, иһэ сылдьар эмэ-томо дьиэтигэр хаалбыт, ону таһынан дьиэҕэ ытын хаайан барбыт. Аймахтара, нэһилиэк олохтоохторо бары көрдүүллэр, ыаллар тиэргэннэрин, быраҕыллыбыт дьиэлэри, чугастааҕы күөллэри, бултуур үүтээннэри кэрийбиттэр даҕаны туох да биллэ, сүппүт киһи көстө илик.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…