Иэстээх тэрилтэлэр бааллар
Саха сирин Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондата РФ Дьиэ-уот кодексын 169 ыст. 1 ч. олоҕуран хапытаалынай өрөмүөн пуондатын усунуоһа биирдиилээн дьоҥҥо уонна юридическай сирэйдэргэ сүктэриллэрин туһунан санатар.
Бу сыл кулун тутар 18 күнүнээҕи туругунан “Якутпромстройпроект” ХЭТ саамай улахан иэстээх ахсааныгар киирбит. Ол курдук, бу тэрилтэ 5125533,67 солк. иэстээх (аадырыһа: Дзержинскэй, 18/2).
Ону тэҥэ иэстээхтэр:
— “Армада” ХЭТ — 2 670 551,80 солкуобай (Нерюнгри к., Ленин проспега, 4; Нерюнгри к., Карл Маркс проспега 17/1);
— “Лотос” — 1 251 929,71 солкуобай (Дьокуускай к., Ленин пр., 52);
— “Якутия авиахампаанньа” — 1 098 570,54 солкуобай (Дьокуускай к., Орджоникидзе, 8);
— “Саян-Строй” — 790 550,95 солкуобай (Дьокуускай к., Лермонтов уул., 98; Дьокуускай к., Лермонтов уул., 98/1); (Дьокуускай к., Чехов уул., 35).
Онон СӨ Хапытаалынай өрөмүөн пуондата иэстээхтэри төлөһөллөрүгэр ыҥырар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: