Игнат Федоров «Байанай бэлэҕэ» диэн оонньуу айбыт
Атыы-эргиэн долбуурдарыгар сахалыы оонньуулар үксүүллэрэ олус үчүгэй. Ол аата саха бэйэтэ мындырдаан оонньуу арааһын оҥорор буоллаҕа. Сунтаарга «Ньургуһун» уһуйаан иитээччитэ Игнат Федоров «Байанай бэлэҕэ» диэн оонньуу айан оҕолору аралдьытар, саха сүрүн дьарыгар иитэр.
Кырачаан уолаттар бэйэлэрэ быһан оҥорбут харыйа оонньуурдарын шкурканан кыһамньылаахтык аалаллар. Ууска иитээччи Игнат Федоров хас биирдиилэригэр чугаһаан анал үɵрэх, сүүтүк сүбэ биэрэр. Сунтаар нэһилиэгин «Ньургуһун» уһуйаана бэйэтин күүһүнэн «Тук-тук» диэн уолаттарга аналлаах уһанар хос арыйан үлэлээбитэ үһүс сыла буолла.
Сунтаардааҕы «Ньургуһун» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Татьяна Саввинова: «Уһуйааҥҥа үксүн дьахтар аймах үлэлиир, маныаха уол оҕону — эр киһилии иитиигэ «Уус хоһо» оҥорор киһи арааска уһуйуллуо эбиттэрэ буолуо диэн санааттан бэйэбит күүспүтүнэн «Тук-тук» диэн хос арыйбыппыт. Манна уолаттар киирэн арааһы уһаналлар. Аны уһуйааччыны уран уус тɵрɵппүппүтүн Игнаты бэлиэтии кɵрɵн, ыҥыран олус айымньылаахтык үлэлии сылдьарыттан үɵрэбит», — диэтэ.
Уолаттары ууска уһуйааччы Игнат Федоров бу уһуйааҥҥа бастаан тɵрɵппүт быһыытынан сылдьан, устунан физкултуураҕа, ууска иитээччи быһыытынан айымньылаахтык үлэлиир. Оҕолору сахалыы тыыҥҥа, уолаттары эр киһи сүрүн дьарыгар угуйар, уһуйар сыалтан «Байанай бэлэҕэ» диэн бэртээхэй оонньуу айбыт.
Игнат Федоров: «Уол оҕону кыратыттан булка-балыкка, сиэргэ-туомҥа, айылҕаҕа хайдах сылдьарга иитэр сыалтан бу оонньуу айыллыбыта, пуорумҥа, мунньахха олус сэргээн маастар-кылаас ыытан кэллим. Олус сэргээтилэр», — диэн кэпсээтэ.
Иитээччи бу айар үлэтинэн Саха сирин иитээччи эр дьонун пуорумугар ситиһилээхтик кыттан бастыҥ ааты ылбыта. Бу күннэргэ үɵрэҕирии олунньу ыйдааҕы мунньаҕар маастар-кылаас биэрэн кэллэ. Оҕолор бу оонньуу кɵмɵтүнэн балыктааһын, күɵгүлээһин, кустааһын, аар тайҕа кыылларын билэ улааталлар.
ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: