Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин балыыһаҕа байыаһы кытта көрүстэ

Share

Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин мэдиссиинэ тэрилтэтигэр сытар анал байыаннай дьайыы байыастарын кытта көрүстэ. 

«Көрсүһүү олу сэргэх уонна интэриэһинэй буолла. Итии чэйдээх, минньигэс тортаах байыастар дьиэлэригэр курдук сылаас кэпсэтиини ыыттылар. Биһиги ыччаппыт төрөөбүт дойдуларын сайыннарыыга патриотизмы уонна дьулууру көрдөрөллөрө ордук үөрдэр. Биһиги харахпыт далыгар күүстээх уонна инникэ сырдык сыаллаах- соруктаах көлүөнэ улаатан, дойдубут кэскилигэр бэйэтин кылаатын киллэрэргэ бэлэм»,-диэн ТГ- ханаалга Саха сирин байыастар дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Марина Бахилина иһитиннэрдэ.

Алдан улууһуттан төрүттээх, 29 саастаах Игорь Юргин анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр бэһис киһинэн дойду үрдүк наҕараадатыгар тиксибитэ. Кини эмиэ «Хорсун быһыы» уордьанынан уонна «Хорсун быһыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago