Игорь Юргин: Фашизмы утары пуорум устуоруйа оннунан хааларын туһугар улахан суолталаах

Игорь Юргин: Фашизмы утары пуорум устуоруйа оннунан хааларын туһугар улахан суолталаах

29.10.2024, 10:51
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Норуот сомоҕолоһуутун бырааһынньыгын иитинэн сэтинньи 6 күнүгэр Фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи II пуоруму ыытыахтара. Тэрээһин Саха сирин олохтоохторун фашизм туһунан өйү-санааны кытта охсуһуу идиэйэтин тула түмүөҕэ.  

Пуорумҥа федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ эспиэртэрэ, былаас уорганын бэрэстэбиитэллэрэ, ону тэҥэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа Дьоруойдара кыттыахтара.

“Саха сирэ иккис төгүлүн фашизмы утары хамсааһын киининэн буолар. Бастакы пуорум былырыын Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн барбыта. Мин санаабар, бу тэрээһин устуоруйаны оннунан хаалларыыны, ыччаты патриоттуу тыыҥҥа иитиини күүһүрдэргэ улахан суолталаах. Эһиил Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит, 2025 сыл СНГ Нацизмы утары охсуһууга сомоҕолоһуу сылынан биллэриллибитэ. Биһиги эһэлэрбит, хос эһэлэрбит Улуу кыайыыны уһансыбыттара, бүгүн байыастар анал байыаннай дьайыыга кинилэр аатырбыт бойобуой үгэстэрин салҕыыллар, хорсун быһыыны оҥороллор, төрөөбүт дойдуларын көмүскүүллэр”, – диэн ыччат дьыалаларын уонна социальнай коммуникациялар миниистирин э.т. Игорь Юргин этэр.

Пуорум иитинэн сэтинньи 5 күнүгэр “төгүрүк остуол” буолуоҕа, сэтинньи 6 күнүгэр Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Сомоҕолоһуу күүһэ” быыстапканы туруоруохтара. Ону тэҥэ, “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ «Россия в борьбе с современным фашизмом», «Без срока давности. О преступлениях нацистов в годы ВОВ и в наши дни» быыстапка туруоҕа. Сүрүн тэрээһининэн улахан мунньах буолар, ол түмүгүнэн резолюция ылыныахтара.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -13°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 85% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: