Хаартыска видеоттан скриншоттанна
Бүгүн Бэрэсидьиэн Владимир Путин алта сыллаах болдьоххо дуоһунаһыгар киирэр сиэрэ-туома буолла. Кини норуотун иннигэр андаҕар биэрэн баран бар дьонугар санаатын эттэ, махтанна. Онно байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар махтанарын, кинилэр дьиҥнээх дьоруойдар буолалларын бэлиэтээн эттэ.
Арассыыйа Дьоруойа, штурмовой этэрээт хамандыыра, майор Игорь Юргин санаатын үллэһиннэ:
— Бүгүн сырдык, бэлиэ күн – биһиги талбыт Бэрэсидьиэммит Владимир Путин инаугурацията. Кини бүгүн дойдуну салайар дуоһунаһыгар киирдэ. Мин тус бэйэм киниэхэ куоластаабытым уонна этэрээтим киниэхэ куоластаабыттарын сүүс бырыһыан билэбин.
Инаугурация диэн миэхэ, офицер киһиэхэ, үрдүк суолталаах, дьоммут иннигэр андаҕар. Биһиэхэ байыаннайдарга бу олус улахан суолталаах, тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ биһиги дойдубут Сэбилэниилээх Күүстэрин Үрдүкү Главнокомандующайдара буолар. Мин олус үөрэбин уонна киэн туттабын, Бэрэсидьиэммэр итэҕэйэбин. Кини дойдубутун сылтан сыл сайыннаран, үөһэ таһаарда.
Дойдубутугар норуот хаһаайыстыбата, экэнэмиэкэ, култуура, успуорт бары эйгэтэ салгыы сайдыа уонна биһигини дьоллоох олох күүтэр, биһиги эйэлээх олох туһугар үлэлиибит.
Сулустар тугу кэпсииллэр? Астрологтар туох диэн билгэлииллэр? ХОЙ Барыылаах-кэлиилээх, тэтимнээх нэдиэлэ үүммүт. Арыый уоскуйа түһэр…
Соторутааҕыта Саха сириттэн 200-тэн тахса тулаайах байыаннай дьайыыга ыытыллыбытын курдук сонун социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта. Ол…
Бүгүн Тулалыыр эйгэни харыстааһын уонна Эколог күнүнэн сибээстээн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук,…
Быйыл Ил Дархан "Үлэ киһитэ" бириэмийэтин 50 киһи ылары ситистэ. Сунтаар Элгээйититтэн үлэ киһитэ Раиса…
Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын чэрчитинэн, Саха сиригэр мэдиссиинэ бөдөҥ эбийиэктэрэ тэтимнээхтик…
Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын федеральнай эриэйтинигэр Саха сирэ быйыл Арассыыйаҕа 72-с миэстэттэн 24-с миэстэҕэ тахсыбыт.…