Салгыы
Игорь Юргин «Суолталааҕы кэпсэтии» кылаас чааһы ыытта

Игорь Юргин «Суолталааҕы кэпсэтии» кылаас чааһы ыытта

Ааптар:
09.09.2024, 19:15
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

«Суолталааҕы кэпсэтии» кылаас чааһа Дьокуускай куорат 39 №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэригэр буолла. Оскуола оҕолоро Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргины кытары көрсөн кэпсэттилэр.

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа оҕолору кытта төрөөбүт дойдуларын иннигэр ытык иэс, дойду көмүскэлин суолталарын туһунан кэпсэппитэ. Кини кэпсээннэрин тус олохтон уонна байыаннай сулууспа чаҕылхай холобурдарынан арыаллаан, оҕолор хорсун быһыыларын  туһунан дириҥник өйдүүллэригэр көмөлөстө. Оскуола оҕолоро Арассыыйа Дьоруойун болҕойон иһиттилэр, ыйытыктары биэрдилэр. Игорь Юргин оскуолаҕа таптыыр уруоктарын, куруһуоктарын интэриэһиргээн ыйыттылар. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

Ыалдьыт доҕордоһуу, итэҕэл уонна эппиэтинэс сыаннастарыгар болҕомтотун уурда. Игорь Юргин хас биирдии оҕо инникитин үөрэҕэр, үлэҕэ-хамнаска ситиһэн, тулалыыр дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөнү оҥорон инникитин Дьоруой буолуохтарын сөптөөҕүн бэлиэтээтэ.

«Маннык уруоктар ыччаты көҕүлүүр эрэ буолбакка, көлүөнэлэр икки ардыларыгар сибээһи бөҕөргөтөр, уопут атастаһарга сибээһи оҥорон күүһүрдэр», – диэн Игорь Юргин үллэһиннэ.

Санатан эттэххэ, бу сыл олунньу 15 күнүгэр дойду Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан Игорь Юргиҥҥа «Кыһыл көмүс сулус» мэтээл туттарыллан Российскай Федерация Дьоруойа үрдүк аат иҥэриллибитэ.

Игорь Юргин Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит «Дьоруойдар кэмнэрэ» бырагыраама кыттыылааҕа. Дьоруой Саха сирин бырабыыталыстыбатыгар стажировка барар, кини настаабынньыга Ил Дархан Айсен Николаев буолар.

+1
5
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: