Саха киһитэ сөхтөҕүнэ уонна дьиибэргээтэҕинэ, эбиитин мунаардаҕына итинник диэччи. Бу сырыыга мин эмиэ итинник саҥа аллайдым. Учуутал идэлээх буолуум биир саамай омсото диэххэ дуу, төттөрүтүн үтүөтэ эбитэ дуу, эдэр эрдэхпиттэн уоппускам харчыта кытта наар кинигэ сырсыытыгар бүтээхтиирэ. Оннук гыннаҕа дуу, кырдьар үйэбэр мунньуммут баайым-дуолум диэн киһи хараҕар көстүбэт. Оттон көстүбэт баай диэн тугун билэҕит.
Ол иһин буолуо, таһырдьа дьаарбайа тахсаары кинигэ маҕаһыынын быһа ааспаппын. Арыт күн «бичиктэргэ» иккилиитэ тиийэбин. Ардыгар атыыласпыппын кыайан туппаккабын, массыыналаах оҕобун күүтэ таарыйа, аттыларыгар баар былыргы сэбиэскэйи санатар остолобуойдарыгар чэйдии киирэбин. Дьону кытта сэлэһэ сатыыбын.
Кэпсэппэт кэм кэлбит…
Сороҕор абааһы көрөөччүлэр бааллар:
—Додууска, сүгүн олор, ол мин тугу ааҕарбар тоҕо тиистиҥ?—дэһэллэр.
Хомойуох иһин, итиннэ киирээччилэртэн сорохторо, уун-утары турар «Бичик» маҕаһыына баарын билбэттэр даҕаны! Хаһан да харахтаабатахтар!
—Тыый, тоойуом, иккиэн тахсыахха ээ, мин ити эппиппин көрдөрүөм, аһары бэрт кинигэ баар, — эҥин диэммин биир эдэр уолу илдьэ тахсыбытым, киһим, хата онно состороонньо атыыттан “кыыспар бэлэхтиэм” диэн ааттаан… курууска атыыласпыта!
—Тоойуом, кыыскар бу ас-күөс, иис-уус кинигэлэриттэн ыл, — диэн сүбэлээтим.
—Ээ, суох, кини астаабат, — диир.
—Оттон биэрдэххинэ, дьэ, астыа дии!—аахсан тураммын биир кинигэни күүспүнэн ыллардым.
Оҕонньор тоҕо итинник гынна диэҥ? Учуутал буоллаҕым эбээт. Көрөөрүбүн! Дьон хайдах сыһыаннааҕын билээри. Түмүгү оҥорор арыычча эрдэ эрээри, ордук эдэр ыччат ситэри сыаналаабат, аанньалааҕынан аахпат. Ону били аһыыр сиргэ аһаабакка олороммун (массыынабын күүтэбин буоллаҕа) киирэр-тахсар дьону кытта ыаһахтаһан итинник түмүктээхпин.
Саатар билиҥҥи киһи айах атан кэпсэтиэн букатын баҕарбат. Наар куотуналлар. Бу саастаах киһи тоҕо тугу токкоолоһор диэн баардыылаабаттар. Онон киһи киһини кытта кэпсэтиэн саарыыр кэмэ сатыылаан турар…
Ааҕааччыларга тугу этээри гыммыппын чуо иһитиннэриим. “Иһэ истээх, таһа тастаах” диэн мээнэҕэ эппэтэҕим. Иһэ—барыта хаартачыка, 60 устуука. Таһа — дьэрэкээн сурук-бичик, ыйынньык (ити хаата), оттон хаартачыка тас, кэтэх өттө — сөптөөх хардалар! “Улахан эбит!” диэххит, баҕар.
Оннук буолбатах! Манна аныгылыы куар-куодунан “Айардар” эрэ тутталлар курдук көрөбүн, “Меморис” сыһыарыыга төлөпүөҥҥүнэн босхо хачайдаан киирдэххэ, доҕоттоор, күн эгэлгэтэ барыта баар!
Холобур, Кыайыы күнүнэн эр дьоҥҥо чугас соҕус ыйытыыны ылыахха: Иван Кульбертинов туһунан. «Кини кимий?» диэххэ. Эппиэтэ хаартачыка кэтэҕэр сурулла сылдьар диэбитим. Оттон ити “киинэтигэр” дьикти: кини хаартыскалара, сэрии саҕана фашистар бэргэн ытааччыны тутарга биллэриилэрэ, кыргыһыы толоонуттан эҥинэ бэйэлээх көстүүлэр лиэнтэ курдук элэҥнээн бараллар. Тиэкиһи ааҕааччы саҥата чуолкайа, ойуулуктар оруннаах баҕайытык ойуоккалаһаллара… дьэ, туохтан да көрөргө кэрэ, билэргэ бэлэм!
Киһи астынара диэн күннэтэ баар суол. Кыраттан да үөрэр киһи элбэҕи ситиһэр. Оттон бу хаартачыканы илиибэр тутан олорон “кыра” диир кыаҕым суох. Олус бэркэ толкуйдаммыт, табыллыбыт, сүрэҕэ да суох киһини, оҕону кэккэ боппуруостарга билиинэн хааччыйарга анаммыт сүдү суолталаах, саһа сытар сэкириэттээх, сиэпкэ сылдьар сүбэһит эбит.
Мин туох да диэҥ, бу сырыы ахсын киһи үөйбэтэҕинэн соһуталыыр хампаанньа бородууксуйаларын мээнэҕэ кэтээбэт эбиппин. Мантан “ас таһаараары”, онтон астынаары, дьоллоноору бу эҥээр элиэтиир эбиппин диэн үөрэ олоробун.
Доҕотторуом, эһиги эмиэ ыччаттаах дьон буолуоххут. Бэйэҕитигэр сэргэ, оҕолоргутугар-сиэннэргитигэр анаан бу маҕаһыыннартан талбыккытын ылыҥ, кэтээн күүтүҥ уонна киэн туттуҥ!
Анньыыһын НЕУСТРОЕВ
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…
Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…
Элэктэриичэстибэ уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулуктаах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …
Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…
Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…