Иһээччи буолан төрөөбөттөр…
Ускул-тэскил сылдьар дьону сиргэнэ көрөбүт, аахайбатахтыы туттабыт. Сайынын куйааска, кыһынын улахан тымныыга муна-тэнэ сылдьалларын көрөн киһи хараастар. Хаһан эрэ кинилэр эмиэ дойдулаах, төрөппүттэрдээх буолуохтара, туохтан маннык олох очуругар оҕустарбыттара буолла диэн санаан аһараҕын…
«Тирэх» баар буолан…
Халлаан сылыйда даҕаны, уулуссаҕа ускул-тэскил сылдьар дьон ахсаана эмискэ элбиир. Ханна арыгы маҕаһыына баар, ол тула суксуруһаллар. Бу дьон аһыы утахха ылларан баран онтон аккаастаналлара уустук. Төһө даҕаны аһыы утахха умсубуттарын, олорор дьиэлэрэ-уоттара суоҕун иһин, кинилэр дьоннор эбээт. Хаһан эмит көнөр суолга туруохтара дуо? Олох очуругар оҕустарбыт дьоҥҥо ханнык, туох көмөлөр баалларый?
Улахан тымныыларга чөлгө түһэрэр социальнай “Тирэх” киин сылаас аһылыгынан хааччыйар. Хантан билэн кэлэллэрий диэн киин үлэһитэ Елена Иннокентьевна Григорьеваттан ыйытабын. Онуоха кини: «Истибит буолаллар, ону сэргэ куруук аһатар буоламмыт күүтэллэр», – диэн кэпсээтэ. Онон мин ити күн Автовокзал оройуонугар тиийдим.
Олох дьуоҕата
Автовокзал суол нөҥүөтүгэр баар улахан маҕаһыын ойоҕоһугар “газель” массыына кэлэн тохтоото. Үлэһиттэр номнуо уопуттаах дьон хомуллар остуолу ойутан таһааран астарын тардыбытынан бардылар. Хааһылаах, итии чэйдээх тимир хаппахтаах иһиттэри остуолга уураат, быласымаас иһиттэргэ ас куппутунан бардылар. Онтон-мантан биирдиилээн дьон кэлэн уочараттаан турдулар. Сорохтор кыбыстыбыт курдук аска чугаһаабакка дугдуҥнуу туралларын көрөн, үлэһиттэр ыҥыраллар. Аһыы турдахтарына киин үлэһиттэрэ аадырыстаах былааҥка кумааҕылары туттараллар, кэпсэтэллэр, суруналлар. Ити кинилэр учуокка ылаары, көмө оҥороору суруналлар эбит. Ускул-тэскил сылдьар дьон быыһыгар аҕам саастаах хас да дьахтар баарын бэлиэтии көрдүм. Таҥастара-саптара син киһилии, халыҥ былааттаахтар. Туохха эрэ суос бэриммит курдук биир дьахтар итии чэйи сыпсырыйа туран миэхэ туһаайан: «Наһаа чугастан хаартыскаҕа түһэрбэт буоллаҕыҥ дии, бомж буолбатахпын, манна дьиэлээхпин, оҕолордоохпун», – диэтэ. Дьахтарга чугаһаан туохтан манныкка тиийбитин ыйытабын. Бастаан утаа эрэммэтэхтии көрдө, онтон арыый уоскуйбут куолаһынан маннык кэпсээтэ:
– Өрүс уҥуор улуустан сылдьабын. Антах кэргэммин кытта иккиэн уопсай хотоҥҥо сүөһү көрөр этибит. Үлэлээн наһаа сылайабыт, ол иһин манна, куоракка көҥүл тыына кэлэбит. Сотору төннүөхпүт. Докумуоннарбыт эҥин бааллар, сүтэрэ иликпит. Биэс оҕолоохпун, уон икки сиэннээхпин. Улахан кыыһым полицияҕа үлэлиир. Аны хаартыскабын көрөн айманыахтара. Хотоҥҥо, сүөһү кутуругар баайыллан олорор уустук ээ, эһиги, куораттар, тугу билиэххитий, бэлэмҥэ олороҕут, – диэн суоһурҕанар курдук саҥарар. Статистика көрдөрөрүнэн, аһыы утахха ылларбыт эр киһи эмтэнэн баран көнөр суолга турар буоллаҕына, дьахтар бу дьуоҕаттан тахсара уустук.
Дьалхааннаах куорат далайыгар
Син сэнэх таҥастаах алта уончалаах аҕамсыйбыт эр киһи тушенкалаах ирииһи сойон хаалыа диэбиттии өрүһүспүттүү сиирин көрөн аһына санаатым. Ким эрэ аҕата, эһээтэ, баҕар, кэргэнэ буолуо. Үрдүттэн ылан дьүүллүү саныыр уустук. Дьон араас дьылҕалаах. Чугаһаан кэпсэппиппэр, бэрт судургутук кэпсэтэн барда.
– Мин былырыыҥҥыттан маннык ускул-тэскил баран хааллым. Кэргэним иллэрээ сыл өлбүтэ. Оҕолор улаатан миэхэ наадыйбаттар, туспа ыал дьон. Сүөһүлээх-астаах эрдэхпинэ, син оттоһо кэлэллэрэ. Кэлин сааһыраммын сатаан үлэни кыайбат буолбутум. Киһи хоно кэллэҕинэ сөбүлээбэтэх курдук туттааччылар. Аны билигин иһэн-аһаан уһаан хааллым. Дьиҥэ, арыгыбын эмтэтэн дойдубар төннүөхпүн баҕарабын. Кэргэним баара буоллар, маннык сырытыннарбат буоллаҕа дии. Антах дойдубар аймахтарым бааллар. Куорат наһаа дьалхааннаах, киһи бириэмэ төһө барбытын да билбэккэ хаалар эбит. Хата, бу босхо итии аһылык аахсыйанан тото-хана аһаан абыранным.
Елена Григорьева, «Тирэх» социальнай киин чөлгө түһэрэр салаатын сэбиэдиссэйэ:
– Биһиги ускул-тэскил сылдьар дьоҥҥо көмө оҥорор социальнай кииммитигэр биир хонуктан алта ыйга тиийэ олоруохтарын сөп. Күҥҥэ үстэ босхо аһатабыт, докумуонун ситэрэригэр, мэдиссиинэ өттүнэн доруобуйатын көрдөрүнэригэр көмөлөһөбүт. Ону сэргэ үлэҕэ киирэллэригэр эмиэ болҕомто уурабыт. Кииммитигэр 90 куойка миэстэлээхпит, онтон 80 миэстэ – ускул-тэскил сылдьар дьоҥҥо, уона итирик туруктаах кэлбит дьоҥҥо ананар. Ааспыт сыл түмүгүнэн, итии аһылык аахсыйабытын уопсайа 41-дэ тэрийбиппит. Ол курдук, ИДьМ кытта ыкса үлэлэһии түмүгүнэн, 315 ускул-тэскил сылдьар дьону учуокка ылбыппыт. Итинтэн 26-65 сааһыгар диэри эр дьон ахсаана – 294, 21-54 сааһыгар диэри дьахтар ахсаана 47-ҕэ тэҥнэһэр. Балартан бастайааннай олорор сирэ суох дьон – 298. Иккистээн учуокка ылбыт дьоммут – 67. Биһиги “Итии аһылык” аахсыйа тэрийэрбитигэр Бааһынай ырыынагын, Автовокзал, Үрүҥ Күөл, Грэс, Авиагруппа, Сайсары, ЯКСМК, Кытай ырыынагын оройуоннарыгар тиийэбит. Маннык аахсыйалары тэрийэ сылдьан аһыы кэлбит дьону учуокка ылабыт уонна көмө оҥорор туһунан аадырыстаах былааҥкабытын туттарабыт. Былырыыҥҥы сыыппараны көрдөххө, ити учуокка турбут дьоммутуттан 177-тэ улуустан киирэ сылдьан арааска түбэспит дьон буолаллар. Биһиэхэ учуокка турбут дьонтон 45%-ра көнөр суолга туран, билигин этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Үгүстэр сибээскэ тахсан махтанааччылар, оттон сорохтор уулуссаҕа көрүстэхтэринэ кыбыстан дорооболоһооччулара суох. Биһиэхэ саамай сүрүнэ – дьон көнөр суолга туран, олоххо тирэҕин булуута буолар.
Ким буруйдааҕый?
Сүрэҕэ суох уонна иһээччи эрэ киһи ускул-тэскил барыан сөптөөх диэн өйдөбүл уопсастыбаҕа баар. Ол эрээри, уонтан тахса сыллааҕы холобуртан аҕаллахха, Дьааҥы улууһуттан быстах харчылаһа кэлбит уол кырбанан докумуонун сүтэрэн баран, маҕаһыын таһыгар умналыы турарын кэргэним аһынан батыһыннаран киллэрбиттээҕэ. Бу киһиэхэ кыра харчы, итии аһылык биэрэн баран, Дьааҥыттан төрүттээх билэр дьоммор биллэрбиппин өйдүүбүн. Биир итинник хобдох дьылҕалаах Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх дьахтары өйдүүбүн. Кэргэнэ өлбүтүгэр аймахтара инбэлиит дьахтары атаҕастаан үүрэн кэбиспиттэр этэ. Дьахтар Бэстээхтэн куоракка киирэн баран аһыы утахха умсубут этэ. Күһүөрү кыһын көстүбэт буолбут этэ. Дьон бэйэ-бэйэҕэ кырыктаах уонна тоҥуй сыһыана дьылҕаны алдьатыан сөп. Киһи иһээччи буолан төрөөбөт. Олох очуругар оҕустаран хаайыыга түбэһэн баран, оннун-дьаһаҕын булбатах үгүс. Сорохтор төрөппүт оҕолоруттан атаҕастабылы көрсөн уулусса дьоно буолаллар. Онуоха билигин Саха сиригэр «Тирэх» киин уонна уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьахталларга аналлаах приют баар. Олох биир. Оттон аһыы утаҕы, куорат түүҥҥү күлүмүн сиппит суох… Ол эрээри, ханнык да түгэҥҥэ аһыныгас буолуу дьон олоҕун уларытарын умнумаҥ!
- 26-65 сааһыгар диэри эр дьон ахсаана – 294,
- 21-54 сааһыгар диэри дьахтар ахсаана 47-ҕэ тэҥнэһэр.
- Балартан бастайааннай олорор сирэ суох дьон ахсаана – 298.
- Иккистээн учуокка ылыллыбыт дьон ахсаана – 67.
- «Тирэх» кииҥҥэ учуокка турбут дьонтон 45%-ра көнөр суолга турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: