II Хомустаах нэһилиэгин олохтоохторо көлүөнэлэри ситимниир ураты кинигэлэннилэр
Бу күннэргэ Нам улууһун II Хомустаах нэһилиэгин олохтоохторо XVII үйэттэн саҕалаан, XXI үйэҕэ диэри сайдан кэлбит нэһилиэктэрин устуоруйатын туһунан дириҥ ис хоһоонноох кинигэни тутан, олус үөрэн, санаалара көнньүөрэн олороллор.
Кинигэни бэлэмнээн таһаарбыт нэһилиэк ытыктанар дьонуттан биирдэстэрэ, Нам улууһун, Ленскэй уонна II Хомустаах нэһилиэктэрин Ытык киһитэ, СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Мария Габышева: «Үс сылы быһа ыра санаа оҥостубут кинигэбит дьэ таҕыста. 2022 сыллаахха Саха АССР төрүттэммитэ 100, Арассыыйа судаарыстыбатыгар киирбиппит 390 сылларын бэлиэтээбиппит. Биһиги үбүлүөйдээх кэмҥэ түбэспит дьолбут буоллаҕа. Онон түгэни мүччү туппакка, силиспитин-мутукпутун, төрдүбүтүн умнубакка, ааспытын сүтэрбэккэ ыччаппытыгар тиэрдэр, билиһиннэрэр ытык иэспит. Аныгы көлүөнэ ыччат төрөөбүт нэһилиэгин уруккутун, онно олорон ааспыт уонна билигин олорор аймахтарын, биир дойдулаахтарын биллиннэр диэн соруктаах архыып докумуоннарыгар, биирдиилээн дьон ахтыыларыттан, бэчээккэ тахсыбыт кэмчи матырыйааллартан таҥан бу кинигэни таһаардыбыт. Олорон ааспыт дьоммут сырдык ааттарын үйэтиттибит, билиҥҥи көлүөнэ дьоммутун сырдаттыбыт», —,диэн бэлиэтээтэ.
Кыраайы үөрэтэр, историческай, библиографическай ис хоһоонноох кинигэ — нэһилиэк энциклопедията. Архыып матырыйааллара, биэрэпис чахчылара, топонимика, статистика барыта туттуллан, нууччалыы эттэххэ, уникальнай кинигэ.
Мин нэһилиэк, улуус устуоруйатыгар анаммыт бэрт элбэх кинигэни бэлэхтэттим, аахтым да, биир да маннык ис хоһоонноох кинигэни көрө иликпин. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, өбүгэлэриттэн саҕалаан былыр бу нэһилиэккэ олорбут ыалларынан наарданан, нэһилиэк хас биирдии ыала хос эһэлэриттэн, эбээлэриттэн саҕалаан сиэннэригэр тиийэ суруллубута дьикти. Холобура, Олесовтар дьиэ кэргэни ылан көрүөҕүҥ. Аҕалара Олесов Иван Васильевич-Аабы Уйбаан (1872-1972). Бу халыҥ аймах 217 сирэйтэн саҕалаан 230 сирэйгэ тиийэ сырдатыллыбыттар. Манна хаартыскаларын эбэн кэбис. Атын сиргэ олохсуйбут оҕолоро, бу нэһилиэккэ олорор оҕолор бары ыйыллыбыттар. Аны манна кинилэр хос сиэннэригэр тиийэ ахтыллыбыттар. Ол иһигэр наҕараадалара кытта ыйыллыбыт. Дьиктитэ баара, бачча элбэх дьону ааҕа сырдатыы киһини олох сылаппат, төттөрүтүн салгыы ааҕа олоруоххун баҕараҕын. Дьиҥэр, атын улуус, нэһилиэк киһитэ билбэт дьонуҥ буоллаҕа эбээт. Манан буоллаҕына, олохтоохтор олох таттаран билистэхтэрэ. Кырдьык да, ыччакка олус наадалаах кинигэ кэмигэр тахсыбыт. Историческай үбүлүөйдэргэ анаммыт кинигэ үөһэттэн айдарыллыбыттыы, сакаастаммыт курдук Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылларыгар күн сирин көрөн, II Хомустаах нэһилиэгин ыалларыгар дьоһуннаах күндү бэлэҕинэн буолла.
Бүгүн «Нам улууһун II Хомустаах нэһилиэгэ» кинигэни ааптардар Е.П. Сивцев аатынан орто оскуола үөрэнээччилэригэр билиһиннэрдилэр.
Кинигэ эрэдээксийэтигэр, тылыгар-өһүгэр үлэлэспит II Хомустаах нэһилиэгиттэн төрүттээх, бу оскуолаҕа үөрэммит «Саха» НКИХ суруналыыһа Георгий Белоусов тэрээһини салайан ыытта.
СӨ Ытык Сүбэтин чилиэн, СӨ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, бочуоттаах тутааччы, Чурапчы улууһун Бочуоттаах үлэһитэ, салайар үлэҕэ олоҕун анаабыт «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, төрөөбүт нэһилиэгин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрсибит, хас да сылы быһа орто оскуола туйгун үөрэнээччилэригэр анал истипиэндьийэ анаабыт меценат Иннокентий Аммосов үөрэнээччилэргэ туһаайан санаатын маннык тиэртэ:
Нэһилиэк ытык киһитэ, өр сылларга баһылыгынан үлэлээбит Петр Тарскай оскуола үөрэнээччилэригэр туһаайан маннык эттэ:
Тэрээһин кэнниттэн оскуола үөрэнээччилэриттэн кинигэни төһө кэрэхсээбиттэрин ыйыталастым. 7 кылаас үөрэнээччитэ Никита Никитин санаатын бу курдук үллэһиннэ.
Оттон 9 кылаас үөрэнээччитэ Саша Гоголева көхтөөх уопсастыбанньык буолан, араас тэрээһиннэри ыытар эбит.
Суолталаах тэрээһини — кинигэ ааптардарын кытта көрсүһүүгэ нэһилиэк Ытык киһитэ Мария Габышева нэһилиэгин дорҕоонноохтук ааттатар дьону холобурдаата:
Оскуола оҕолорун кытта көрсүһүүнү Мария Николаевна кэскиллээх баҕа санаанан түмүктээтэ:
«Алаас ааттаах, дойду сурахтаах» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Бу кинигэ — нэһилиэк устуоруйата, кэлэр кэм кэрэһитэ. Ийэ дойдуга бэриниилээх буолу — патриотизм тыынын ыччакка иҥэрэр, төрөөбүт дойдуларын кытта ситимниир, аймах-билэ дьон өйдөбүнньүгэ буолан, II Хомустаах нэһилиэгин ыччаттарын сырдыкка, үйэлээххэ угуйар олохторун сулуһунан буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: