II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр
Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр. Ол туһунан нэһилиэк баһылыга Петр Никитин маннык кэпсээтэ:
—Бүгүн биһиги нэһилиэккэ Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Улуу Кыайыы знамята кэллэ! Нэһилиэгим дьоно-сэргэтэ олус долгуйан туран знамяны көрүстүлэр. Кыайыы күнүн төһөлөөх харах уулаах, ыарахаттары көрсөн аҕалбыттарын биһиги умнубаппыт. Умнубаппыт уонна киэн тутта кэпсиибит хорсун санаалаах биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит эйэлээх олоҕу уһансыбыттарын.
Көрсүһүүгэ ыаллыы сытар нэһилиэк баһылыктара сүгүрүйэн туран Знамяны туттулар, убаастабылларын биллэрэн сүгүрүйэн ыллылар. Бүгүҥҥү бэлиэ күн — дириҥ суолталаах күн! Ол курдук, хас биирдии киһи этигэр-хааныгар бу ааспыт сыллары билигин даҕаны сүрэхтэригэр илдьэ сылдьалларын, убаастыылларын биллэрдилэр.
Салгыы Кыайыы Знамята Амма улууһугар айаннаата. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: