Соторутааҕыта «Саха сирэ» хаһыакка сэрии сылларын оҕото, култуура туйгуна, Таатта улууһун Орто Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Егоров 60 сыл устата күннүк суруйарын туһунан билиһиннэрбиппин үгүс ааҕааччы сэргээтэ.
Хаһыат сарсыҥҥы чэппиэрдээҕи нүөмэригэр Дмитрий Егоровтыын аны киһи уунан, тууһунан, лимонунан, чесногунан, быһата, норуот ньыматынан эмтэниитэ доруобуйаны бөҕөргөтүөн сөбүн туһунан кэпсэттибит.
Дмитрий Егорович олус туһалаах сүбэлэри мунньа сылдьарыттан сороҕун билиһиннэрдэ.
Киһи чааһы билбэккэ кэпсэтэ олоруох кэриҥнээх сэһэргээччитэ “уринотерапия” диэн биир дьикти эмтэнэр ньыма туһунан кэпсээбитэ, олус интэриэһиргэттэ.
«Дьахтар хайаан да дьахтар, эр киһи хайаан да эр киһи иигинэн эмтэниэхтээх», — диэн бэлиэтиир Дмитрий Егорович. Онон бу тиэмэ хаһыат кээмэйигэр баппатаҕынан сибээстээн, «Эдэр саас» саайтка билиһиннэриим.
Дмитрий Егоров уринотерапиянан — иигинэн эмтэниини 1990 сыллаахха кыһалҕа кыһарыйан саҕалаабыт. «Уоһум, атаҕым тилэҕэ бааһырар этэ. Кыһытара сытыытын көрүөҥ этэ! Уулаах, ириҥэлээх баас этэ.
Биирдэ Тааттаттан кэлэн иһэн Чурапчы чайнойугар кинигэ атыылыы туралларыгар түбэспитим. Туһалаах кинигэҕэ харчыбын кэрэйбэт киһибин. Онно чараас баҕайы омук киһитэ суруйбут иигинэн эмтэнии туһунан кинигэ атыыга баарын ылбытым. Дьиэбэр кэлэн аахпытым, мин ыарыыбар олус туһалаах сүбэлэр эбит. Дьэ, онто ыла бааспын-үүппүн, күөмэйим ириҥэтин иигинэн эмтэнэр буолбутум. Экземаны эмиэ иигинэн эмтиэххэ сөп эбит. Ол маннык эмп маннык оҥоһуллар: 1 л ииги кыра уокка оргутан, түөрт гыммыт биирин ылаҕын. Ити саамай эмтээҕэ эбит. Онон тоҥолохпун,сирэйбин, тобукпун суунар этим. Сүһүөх ыарыытыгар иик эмиэ олус туһалаах. 1941-1945 сэрии уоттаах сылларыгар байыаннай быраастар испиир кэмчи эбэтэр суох буолан, бааһы-үүтү иигинэн эмтииллэрин аахпыттаахпын.
Аны иик эрэ барыта туһалаабат. Мин кэргэним, оҕолорум ииктэрин мунньар этим. Ол сыыһа эбит. Эр киһиэхэ эр киһи, дьахтарга дьахтар эрэ иигэ барсар эбит. Оҕо иигин 8 сааһыгар эрэ диэри туттуохха сөп. Онтон 9 сааһыттан эмиэ арахсан барар эбит. Оҕо иигэ саамай туһалаах.
Дьэ, ити курдук, «араас туһалаах сүбэлэри мунньан, 44 сирэйдээх төрдүс уопсай тэтэрээппин сурунан бүтэрэн эрэбин. Онтуҥ биэнсийэлээх киһиэхэ эмиэ туспа дьарык уонна ол сүбэни бэйэбэр туттабын даҕаны”, диэн бэлиэтиир Дмитрий Егоров туһунан матырыйаалбын сарсыҥҥы «Саха сирэ» хаһыакка булан ааҕыҥ. Сыстыганнаах дьаҥҥа доруобуйабытыгар ураты болҕомтону уурар буолбут кэммитигэр, туһалаах сүбэлэри сурукка эрэ тиспэккэ, бэйэтигэр туһана сылдьар Дмитрий Егоров сүбэлэрэ үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардарыгар эрэнэбин.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…