Иистэнэр сыахпыт аана барыларыгар аһаҕас

Иистэнэр сыахпыт аана барыларыгар аһаҕас

27.10.2023, 13:38
Хаартыскалар иистэнэр сыах тус архыыбыттан туһанылыннылар.
Бөлөххө киир:

Дойду үрдүнэн быстах байыаннай хомуур саҕаланаатын кытта көмөнү хомуйар ыстаап Саха сиригэр үлэтин саҕалаабыта. Бу ыстаап хос бэрэссэдээтэлинэн үлэтин саҕалаабыт, билигин иистэнэр сыаҕы сүрүннүүр Ирина Егоровна Саввиналыын билсибитим сыл кэриҥэ буолла. Оччолорго ыстаапка репортаж оҥоро кэлбиппэр, Ирина Егоровналаах аптечка, таҥас-сап хомуйуутунан дьарыктанар этилэрэ. Кинилэр онно үрдүттэн олорон байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга илдьэ сылдьарга дьоҕус аптечкалары тигэллэрэ. Билигин иистэнэр сыах кэҥээн үрүсээк, флистэн көстүүм, балаклава бэргэһэ, кээнчэ, баккы кэмпилиэктэрин тигэр буолбуттара.

Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ

-Таатта улууһун Амма нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар төрөөбүтүм, оҕо сааһым онно ааспыта. Билигин байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар анаан таҥас тигэр сыах салайааччыта буолабын. Саас сааһынан кэпсиир буоллахха, дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕа тахсарын кытта байыаннай дьайыыга хомуур саҕаламмыта. Онно уолаттарбыт турар бэйэлэрэ, таҥаһа-саба суох баран эрэллэр үһү эҥин диэн сурахтары истэн, хайдах эрэ наһаа чугастык ылыммытым, хайаан даҕаны манна кыттыһыахтаахпын, көмөлөһүөхтээхпин диэн санаа миигин үүйэ-хаайа туппута. Бу иннинээҕи сайын ойуур баһаардарыттан эмсэҕэлээбит улуустарга көмөҕө үлэлээбит буоламмын, бу да сырыыга туора турарым сатаммат этэ.

Ити кэмҥэ Дьокуускайга тирэх пуун тэриллибитэ. Онно тиийэн көрбүппүт, чахчы уолаттарбыт турар бэйэлэринэн баран эрэр этилэрэ. Ол иһин бу оҕолорго көмөлөһүөххэ наада диэн санааттан ылсарга санааммытым. Ити кэмҥэ оруобуна Уопсастыбаннай балаатаҕа гражданскай пуорум ыытылла турар этэ. Уолаттарга көмөлөһүөххэ наада диэн ыҥырыы таһаарбыппыт. Инньэ гынан, балаҕан ыйын 24 күнүгэр Николай Дмитриевич Бугаев, Мария Егоровна Емельянова о.д.а. буоламмыт, ааспыт сайын баһаар кэмигэр көмөҕө хомуллубуттан ордон хаалбыт утуйар мөһөөччүктэри, ардахтан харыстыыр плащтары, эмп-томп хомуйа охсон уолаттарбыт кэннилэриттэн батыһыннара ыыппыппыт.

Күргүөмнээх үлэ саҕаламмыта

-Дьэ, ити күнтэн ыла күргүөмнээх үлэ саҕаламмыта. Николай Дмитриевич Бугаев байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, олунньуттан үлэлээбит буолан, логистикатын барытын билэр этэ. Биһиги хомуйбут малбытын-салбытын, эмпитин-томпутун барытын дьаһайан ыытан иһэрэ. Бастаан эмпитин-томпутун хаалыыр аптечкаларбыт суох буолан, тигэргэ быһаарыммыппыт. Манна элбэх киһи көмөлөспүтэ. Биһиги видео-уруок нөҥүө аптечканы дьоҕус гына хайдах тигиэххэ сөбүн устан ыыппыппыт. Элбэх ийэ, эбээ аптечка тигэн аҕалан туттарбыттара. Инньэ гынан, Саҥа дьылга диэри 5000 аптечканы тигэн, хомуйан ыыппыппыт.

Бастаан итинник таҥас хомуйан баран толкуйдаан көрбүтүм, кытай ырыынагын таҥаһа-саба хаачыстыбата мөлтөх. Онон, кэбис, уолаттарбытыгар хаачстыбалаах, илии сылааһынан тигиллибит таҥас наада эбит диэн санааҕа кэлэн, иистэнэр сыах тэринэн алтынньы 1 күнүгэр “Кэрэ” ателье баазатыгар үлэлээн барбыппыт. Ити ателье Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов тас аймаҕа Александра Колесова гиэнэ этэ. Ательетын биир саалатын аҥаарын туран биэрбитэ, онон үлэбит саҕаламмыта. Ол эрээри, син биир туспа киэҥ үлэлиир сир наадатын өйдөөбүппүт. Ити кэмҥэ Орджоникидзе, 10 аадырыска  баар ыстаапка биһигини кытта көрсүһэ АГИПтан Георгий Михайлов кэлбитэ. Дьэ, онно иистэнэрбитигэр туспа дьиэ-уот наадатын эппитим. Биһигини өйөөн, сонно сарсыныгар биһигини Дзержинскэй уулусса 76 аадырыһыгар баар «Якутия» технопаркаҕа олохтуурга быһаарбыттара. Аан маҥнай үлэлии кэлбиппит, киэҥэ-куоҥа, сылааһа, сырдыга үчүгэйэ сүрдээх этэ. Аҥаарбытыгар таҥас быһааччылар, аҥаарыгар иистэнэр сыах тэрийэн үлэлээбиппит номнуо биир сыл буола оҕуста. Үгүспүт аҕам саастаах ийэлэр, эбээлэр. Сыл устата 2000 кэриҥэ оҕону таҥыннардыбыт. Оҕолорбут таҥаспытын тутан наһаа үөрэллэр.

Улуустарбытыгар махтанабыт

-Дьону түмэ тардыы сыралаах буолар. Ол эрээри, саха дьоно-сэргэтэ наһаа түмсүүлээх, уустук кэмҥэ биир сомоҕо буоларга бэлэмнэрин бу сыл устата үгүстүк көрдүм. Билигин биһиги бэйэбит эрэ буолбатахпыт. Ол курдук, улуустары кытта күүскэ, ыкса үлэлэһэбит. Билиҥҥи туругунан, биһигини кытта тоҕус улуус тигинэччи үлэлэһэ олорор. Кинилэр 50% тиийэ биһиги бородууксуйабытын биэрэллэр. Иистэнэр сыахха күҥҥэ ортотунан уончалыы киһи үлэлиир. Иистэнэр массыыналарбытын барытын дьон көмөтүнэн, успуонсардаан ылыммыппыт. Бастаан саҕалыырбытыгар түөрт эрэ иистэнэр массыыналаах эбит буоллахпытына, билигин биһиэхэ уон устуука производственнай массыыналаахпыт, өссө да эбиллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Биһиги сыалбыт-сорукпут – тыа дьонун, Далбар хотуттары түмэ тардан байыаннай дьайыыга көмөҕө кыттыһыннарыы. Ону сэргэ хас улуус киинин, нэһилиэгин ахсын иистэнэр сыахтары тэрийии буолар. Түгэнинэн туһанан бэлиэтиэм этэ, Кэбээйи улууһа олус көхтөөх, ол курдук, чуолаан Мукучу нэһилиэгин аҕа баһылыга Николай Иванович Левин сүрдээх көхтөөх, бэйэтэ биһигини ыҥыран ылан байыаннай дьайыыга көмөлөһөр сыалтан нэһилиэгин дьонугар маастар-кылаас ыыттарбыта. Кыракый нэһилиэк иһигэр сүүрбэттэн тахса Далбар хотун кэлэн үөрэммитэ. Билигин мукучулар иистэнэр сыахтара тиигинэччи үлэлии олорор. Бэлиэтээн этэр буоллахха, мукучулар кыһалҕалаахтык олорор нэһилиэк буолар, оскуолалара умайан хаалан оҕолор ханна миэстэ тахсарынан олус кыараҕастык кыбыллан олорон үөрэнэллэр. Ол да буоллар, иистэнэр сыахха миэстэ булан байыаннай дьайыыга сэмэй кылааттарын киллэрсэ олороллорун сөҕөбүн.

«Эр хоһуун» кэмпилиэги уолаттарбытыгар анаан тигэбит

-Үлэбит сүрүн соругунан уолаттарбытын таҥыннаран ыытыы буолар. Холобур, уоппускаҕа кэлбит, хантараагынан, ыҥырыынан, баҕа өттүнэн баран эрэр бары уолаттарбытын. Ол курдук «Эр хоһуун» диэн мөһөөччүкпүтүгэр уонтан тахса таҥас киирэр: күһүҥҥү кэмҥэ ватин истээх куурка, флис куопта уонна ыстаан, чараас флистэн тигиллибит баккы, ыстаан, тактическай ырбаахы, футболка, балаклава, снуд, куллуку, үтүлүк. Ону таһынан, бытархай мал-сал. Дьон-сэргэ аҕаллаҕына, харысхал ымыылар баар буолааччылар. Иистэнэр сыахпыт аана барыларыгар аһаҕас. Сатаан иистэммэппин, ол эрээри көмөлөһүөхпүн баҕарабын диэн киирэн кэлбит киһини үөрэтэбит, кэлбит волонтердарга барыларыгар үөрэбит.

Көмөлөспүт тэрилтэлэрбитигэр махтал

Биһиэхэ көмөлөспүт тэрилтэлэри ааттыыр буоллахха, аан маҥнай саҕалыырбытыгар оҕо инфекционнай балыыһата 100 тыһыынчаны биэрэн көмөлөспүтэ. “Водоканал” тэрилтэ 400-чэ сууманан көмөлөспүтэ, ону кытта 300 тыһыынчаны “Якутия” авиа-хампаанньа биэрбитэ. Ону сэргэ чааһынай дьон-сэргэ көмөлөспүттэрэ. Ол курдук бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Виктор Григорьевич Пупенко диэн аҕам саастаах успуонсарбыт биэнсийэтин мунньан 100 тыһыынчаны биэрбитэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: