Иистэнньэҥ, үҥкүүһүт, сылгыһыт — бу барыта Розалия Семенова

Share

Тыа сиригэр урукку кэмҥэ толору хааччыллыылаах дьиэни көрөн соһуйар эбит буоллахпытына, билигин сэргии-кэрэхсии түһэбит.

Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгин олохтооҕо Розалия Семенова олоҕун-дьаһаҕын кытта анаан билсиим кини олорор дьиэтин толору хааччыллыытыттан саҕаланна.

Розалия Прокопьевна үлэтин көрөн киһи сөҕөр! Илиинэн үлэ диэтэххэ, хайдахтаах курдук кэрэний, мындырый…

Дьиэ хаһаайкатын үлэтэ үксэ Дьөһөгөй оҕотугар — сылгыга сыһыаннаах. Ол мээнэҕэ буолбатах эбит.

Розалия Семенованы кытта кэпсэтэ сылдьан, кини сылгыларын бэйэтэ көрөрүн олус интэриэһиргии иһиттим уонна таһырдьа тахсан, кинини сылгыларын кытта устарбын көҥүллүүрүгэр көрдөстүм.

Сылгыларыгар сиэтэр отун  Розалия Прокопьевна хайдах буларын бу курдук кэпсээтэ:

Мин сэһэргэһээччим «Тускул» үҥкүү ансаамбылыгар кыттар көхтөөх уопсастыбанньык. Бу дьарыгын туһунан Розалия Прокопьевна маннык сэһэргиир:

Ити курдук, бары өттүттэн дэгиттэр талааннаах бэрт интэриэһинэй киһини: иистэнньэҥ, үҥкүүһүт, сылгыһыт, быһата, олоххо көхтөөх саха аныгы дьахтарын  кытта билсэн баран, дууһалыын сырдаатым.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago