IT исписэлиистэргэ чэпчэтиилээх ипэтиэкэ 2030 сылга диэри уһатылынна

Share

Дойду Бырабыыталыстыбата IT исписэлиистэргэ чэпчэтиилээх ипэтиэкэни 2030 сылга диэри уһатта. Ол эрээри, ирдэбиллэригэр уонна усулуобуйатыгар уларытыылары киллэрдэ.

Итини таһынан сүрүн болҕомтону эрэгийиэннэринэн олорор исписэлиистэргэ уурдулар. Ол курдук, бу сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн чэпчэтиилээх судаарыстыбаннай ипэтиэкэ Москва уонна Санкт-Петербург куораттартан ураты бары эрэгийиэннэринэн үлэлиир.

Сыллааҕы ыстаапката муҥутаан  6%, бу иннинэ чэпчэтиилээх ипиэтиэкэ 5% этэ. Ону кытта кирэдьиит муҥутуур кээмэйэ  9 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ. Бырабыыталыстыба быһаарыытынан, эрэгийиэннэр кирэдьиит ыстаапкатын эбии бэйэлэрэ кыччатан биэрэр бырааптаахтар.

Чэпчэтиилээх кирэдьиити туһанарга ИТ-исписэлиис ыйдааҕы дохуотун орто кээмэйэ мөлүйүөҥҥэ тиийбэт нэһилиэнньэлээх куораттарга уонна нэһилиэнньэлээх пууннарга  90 тыһ. солкуобайтан кыра буолуо суохтаах.  Ипотека саҥа тутулла турар эбэтэр иккис ырыынакка дьиэ атыылаһарга, ону сэргэ туттарга ылыахха сөп. Манна аккредитациялаах ИТ-хампаанньаларга үлэлиир 18-тан 50 диэри саастаах исписэлиистэр хапсаллар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Алексей Агапов мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа бастакы үтүөлээх тириэньэринэн буолла

Саха сирин элбэх спортсменнарын үөрэппит Алексей Агаповка дойду успуордун миниистирэ Михаил Дегтярев бирикээһинэн мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга «Түмэллэргэ түүн» аахсыйа аан бастакытын геология тиэмэтигэр ананар

Дьокуускайга ыам ыйын 17 күнүгэр «Түмэллэргэ түүн» диэн аахсыйа ыытыллар. Быйыл аан бастакытын аахсыйа геология…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

С гепатиттаах ыарыһахтары эминэн-томунан хааччыйыахтара

«Продолжительная и активная жизнь» саҥа национальнай бырайыак олоххо киириитин чэрчитинэн Саха сиригэр сыл саҕаланыытыттан «Гепатиты…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

ВИДЕО: Горнай трассатыгар муус маҥан кырсаны көрдүлэр…

Социальнай ситимнэринэн Саха сирин олохтоохторо Орто Сурт бөһүөлэк аттыгар трассаҕа маҥан кырсаны бэлиэтии көрбүттэрин видеоҕа…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сиригэр бэтэрээннэргэ анаан мэдиссиинискэй уонна психологическай бырагыраамалар үлэлииллэр

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ мэдиссиинэ уонна психологическай бырагыраамалар…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһугар сокуоннайа суох үлэни бохсор бөлөх мунньахтаата

СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, Нам улууһугар сокуоннайа суох үлэни бохсор  бөлөх тэриллибитэ. Бөлөх салайааччыта –…

4 часа ago