Елизавета Аржакова — волонтер ийэ
Дойдуга буола турар быһыы-майгы барыбытын долгутар. Саха сирин ийэлэрэ ис сүрэхтэриттэн байыаннай дьайыылар саҕаланыахтарыттан көмөлөһөн барбыттара, кинилэр түүннэри-күнүстэри уолаттар тустарыгар сүүрэллэр-көтөллөр. Бүгүн кинилэр, көмүс сүрэхтээх волонтер-дьахталлар – аан дойду аанньаллара тыһыынчанан саллаат уолаттар ийэлэрэ, эрэллээх тыыллара буолаллар. Аан дойдутааҕы дьахталлар бырааһынньыктарынан, кинилэр тустарынан кэпсиир тоҕоостоох дии саныыбын.
Елизавета Николаевна Аржакова
50-ча сыл Уус Алдан улууһун Лөгөй орто оскуолатыгар уонна Саха-Бельгийскэй гимназияҕа физика учууталынан үлэлээн баран, билигин сынньалаҥҥа олорор. Елизавета Николаевна амарах сүрэхтээх, волонтер ийэлэртэн биирдэстэрэ.
Аан бастаан «Саха» НКИХ ханаалынан Москваҕа волонтер ийэлэр мустан мунньахтаабыттарын көрбүт. Ийэлэр кэпсииллэрин, балаһыанньаны истэн баран сүрэҕэр чугастыы ылыммыт, хайдах эмэ көмөлөспүт киһи диэн санаа үүйэ-хаайа туппут. Ол кэннэ сэтинньи ыйга Дубайга олорор кыыһа Москваҕа барабын, онно күүлэйдии кэлэ сырыт диэн ийэтин ыҥырбыт. Елизавета Николаевна тута байыаннай дьайыыларга сылдьар уолаттары саныы түспүт уонна төрөөбүт төрүт астарын илдьэргэ быһаарыммыт.
«Москваҕа тиийбит күммэр, аймах уолбунаан Альбертыын уонна кийииппинээн Мариялыын Саха сирин Бэрэстэбиитэлистибэтигэр тиийбиппит, биһигини Туйаара Константинова көрсүбүтэ, олус истиҥник кэпсэппиппит. Бу тиийэрбэр сахалыы астары: хаан, буотарах, эт, арыы, барыанньа, сироп илдьибитим.
Ол кэннэ дойдубар кэлэн баран, «Аал-уот» түмсүүбүт кыттыылаахтарын кытары сүбэлэһэн, ким төһө кыахтааҕынан, эт хомуйан Владивостокка ыыппыппыт. Биһиги нэһилиэкпититтэн бэйэм үөрэппит оҕолорум, үс уол сылдьар. Онон биир дойдулаахтар уолаттарбытын долгуйа кэтэһэбит, көмөлөһөргө кыһанабыт. Мин санаабар, өссө сомоҕолоһуохпутун наада, анал байыаннай дьайыыларга ыччаттарбыт төрөөбүт Ийэ дойдуларын хайдах көмүскүү сылдьалларын көрөбүт-истэбит. Биһиги уолаттарбытыгар эрэнэбит, кинилэринэн киэн туттабыт», – диэн кэпсээтэ кырдьаҕас учуутал.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: