Светлана Жиркова: «Дьон туох кыһалҕалааҕынан көрөн көмөлөһөбүт, үөрүүгэ да, хомолтоҕо да, барытыгар тэҥҥэ сылдьабыт»
Көмүс сүрэхтээх волонтер-дьахталлар тустарынан, Аан дойдутааҕы дьахталлар бырааһынньыктарынан, кэпсиир тоҕоостоох.
Светлана Алексеевна Жиркова.
Биир киэн туттар волонтерунан Кэбээйи улууһуттан төрүттээх, билигин Дьокуускай куоракка олорор, эдэрдии эрчимнээх Светлана Жиркованы ааттыыбыт. Кини эдэр ийэ, уопсастыбанньык, волонтер. Госпиталга сытар бааһырбыт уолаттарга бородуукта наада диэн буолбутугар, биир дойдулааҕын, Кэбээйи улууһун түмсүүтүн актыыбынай кыттыылааҕа Мария Поповалыын ис санааларыттан көмөлөһөргө туруммуттара. Ол туһунан кини маннык кэпсиир.
«Былырыын күһүн байыаннай дьайыылар саҕаламмыттарыгар, бааһырбыт уолаттарга көмө хайаан даҕаны наада диэн, волонтердарга кыттыһан барбытым. Мин Кэбээйи улууһун биир дойдулаахтарын түмсүүтүгэр баарбын. Түмсүүбүтүгэр элбэхпит, дьон туох кыһалҕалааҕынан көрөн мэлдьи көмөлөһөбүт, үөрүүгэ да, хомолтоҕо да, барытыгар тэҥҥэ сылдьабыт.
Байыаннай дьайыылар саҕаланыахтарыттан түмсүүбүтүнэн, биир дойдулаахтарбытыттан балык, эт, үүт ас хомуйан госпиталларга эмтэнэ сытар байыастарбытыгар ыытабыт. Мариялыын дойдубут дьоно хомуйбут астарын-үөллэрин пенопласт дьааһыктарга суулаан уган, госпиталларга, инники кирбиигэ сылдьааччыларга ыытабыт.
Итини таһынан, мобилизацияҕа барбыт биир дойдулаахтарбытыгар докумуоннарыгар көмөлөһөбүт. Мобилизацияламмыт биир дойдулаахпыт дьиэ кэргэнигэр байаҥкамааттан ыспыраапка уонна байыаннай чааһыттан бирикээс выпискатын ылан ыыппыппыт. Байыаннай дьайыылар бара турар сирдэригэр, инники кирбиигэ, сылдьар уолаттарбытын кытары мэлдьи сибээстэһэ турабын, Туох наадатынан көмөлөһөбүт», – диэн волонтер Светлана санаатын үллэстэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: