Салгыы
“Ийэ баар бу сиргэ – аан дойду аанньала” кинигэ сүрэхтэннэ

“Ийэ баар бу сиргэ – аан дойду аанньала” кинигэ сүрэхтэннэ

23.12.2022, 19:22
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр,  “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтин айар кэлэктиибигэр үөрүүлээх күн буолла.

Бу кинигэ САССР 100 сылыгар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылыгар элбэх оҕолоох ийэлэри үйэтитэр аналлаах “Ийэ баар бу сиргэ – аан дойду аанньала” кинигэбит ааҕааччыларбытыгар дьоһун бэлэҕинэн буолла. “Сахамедиа” холдинг уонна “Саха сирэ” эрэдээксийэ күн сирин көрдөрбүт кинигэлэригэр Саха сирин элбэх оҕолоох ийэлэрин туһунан ахтыы хомуллан киирдэ. Ахтыылары хомуйуу быйыл сайыҥҥыттан саҕаланан, бастакы чааһыгар лоп курдук сүүс суруйуу киирдэ. Онон, биэс уонна онтон элбэх оҕону ииппит, олох киэҥ аартыгар таһаарбыт,  хорсун-хоодуот үлэһит, үтүө санаалаах ийэлэрбит олохторо барыбытыгар үтүө холобурунан буолуоҕа. Кинигэни хаһыат үлэһиттэрэ бэйэлэрин кыахтарынан оҥорон-таҥан таһаардылар.

Бу үөрүүлээх тэрээһини “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин эбээһинэһин толороччу Анивера Акимова иилээн-саҕалаан ыытта. Тэрээһиҥҥэ, «Сахамедиа» салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Чокуур Гаврильев, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистири солбуйааччы Афанасий Постников уонна кинигэҕэ киирбит ийэлэр оҕолоро, сиэннэрэ кыттыыны ыллылар.

Бүгүҥҥү бэлиэ түгэҥҥэ кэлбит ыалдьыттар,  “Ийэ баар бу сиргэ – аан дойду аанньала” кинигэ  туһунан санааларын маннык эттилэр:

Афанасий Постников, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистири солбуйааччы:

— «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтэ бу САССР үбүлүөйдээх 100 сылыгар сүүс ийэ туһунан ахтыы кинигэтин Ийэ сылын бүтүүтэ бэчээттээн таһаарбыта ураты суолталаах дии саныыбын.  Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Ийэ сылынан 6 тыһ. тэрээһин буолан ааста. Олортон биирдэстэринэн бу кинигэ хомуллан тахсыыта буолар. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо ийэлэрин аатын үйэтитээрилэр суруйбут ахтыылара хомуллан кинигэ буолан тахсыбытынан эҕэрдэлиибин. Саха сиригэр элбэх оҕолоох 32 тыһ. тахса ыал баар, онон бу бырайыак салҕанан,  ийэҕэ аналлаах кинигэлэр өссө да тахса туралларыгар баҕарабын.

Петр Аргунов, Өлүөнэтээҕи уу тардыытын управлениетын салайааччыта:

— Биһиги бу кинигэҕэ ийэбит туһунан ахтыы тахсыбытын көрөммүт олус үөрдүбүт. Ийэбит “Ийэ баар бу сиргэ – аан дойду аанньала” бастакы кинигэҕэ сүүс  бастыҥ, биллиилээх ийэлэр ортолоругар киирбититтэн астынныбыт. Бу бастакы кинигэҕэ киирбит ийэлэр үксүлэрэ Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар, ол кэннэ дойду чөлүгэр саҥа түһэр ыарахан кэмигэр төрөөбүт-үөскээбит дьон буолаллар. Ол курдук биһиги ийэбит эмиэ олох тосту уларыйар кэмигэр, ааспыт үйэ 90-с уустук сылларыгар биһигини төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн, киһи гынан таһаартаабыта. Ол иһин биһиги аймах үөрэн, долгуйан туран «Сахамедиа» холдиҥҥа, кинигэни оҥорон таһаарбыт дьоҥҥо махталбытын тириэрдэбит.

Мария Габышева, Дьокуускай куорат олохтооҕо:

— Бу Ийэ сылын бүтүүтэ биһиэхэ соһуччу бэлэх оҥоһулунна, олус ис киирбэх ааттаах кинигэ таҕыста. Манна мин ийэм туһунан ахтыы бэчээттэннэ. Мин ийэм Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сылларыгар, ол кэннэ сэрииттэн урусхалламмыт хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэриигэ үлэлии-үлэлии, биһигини биэс оҕону бэйэтэ ииппитэ, киһи оҥорбута. Оччотооҕу ийэлэр бары да биир дьылҕалаахтара, үлэни өрө тутан, илиилэрин күүһүнэн өрөбүл-сынньалаҥ, уоппуска диэни билбэккэ үлэлээн кэлбит дьон. Онон кинилэр ааттарын үйэтитии, махталы биллэрии — бу, бастатан туран, ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитии буолар. Ол иһин биһиги «Сахамедиа» айар холбоһукка уонна «Саха сирэ» хаһыат эрдээксийэтигэр маннык үчүгэй бэлэҕи биһиэхэ, ийэлэрбитин үйэтитэн кинигэ оҥорон таһаарбытыгар махтанабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: