Салгыы
Ийэ буолуу – дьол…

Ийэ буолуу – дьол…

20.10.2024, 09:00
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа-М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ Национальнай киинин Перинатальнай киинигэр саҥа төрөөбүт кырачааннарга уонна оҕо күүтэр дьахталларга (хат буолууга доруобуйатынан кутталлаах бөлөххө киирсээччилэргэ)  биир кэлим көмөнү оҥороллор. Манна Саха сирин бары улууһуттан оҕо күүтэр кэрэ аҥаардар көрдөрүнэ кэлэллэр. Кинилэр ортолоругар «төрүөҕэ суох» («бесплодие»)  диагнозтаахтар эмиэ бааллар.

Мэдиссиинэ Национальнай киинин көмө репродуктивнай технологиялар отделениеларыгар экстракорпоральнай үөскэтии (ЭКО) процедураларын 2001 сылтан Уһук Илиҥҥэ биир бастакынан оҥорбуттара.

Манна даҕатан эттэххэ, бу өҥө төлөбүрдээх уонна балачча сыаналаах этэ. Ол гынан баран, исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, көдьүүһэ кыра курдуга.

Онтон 2013 сыллаахтан экстракорпоральнай үөскэтии процедуратын Мэдиссиинэ Булгуччулаах страховкатын полиһынан босхо туһаныахха сөп буолбута. Бэйэлэрэ кыайан оҕолонор кыахтара суох дьон бу процедураны хаста да төхтүрүйэн оҥорторор кыахтаммыттара. Дьокуускайга оҥорторуон баҕалаах дьон элбээбитэ үрдүк технологияны сайыннарарга үтэйэр күүһүнэн буолбута.

Өскөтүн экстракорпоральнай үөскэтии процедуратын көдьүүһэ 2016 сылга диэри баара-суоҕа 17% тиийэр буоллаҕына,  2017 сылга  – 25,1%, 2023 сылга 32% тэҥнэспитэ.

«Төрүөҕэ суох» буолуу төрүөттэрэ

Перинатальнай киин испи­сэлиистэрэ Саха сиригэр төрүөҕэ суох буолуу  төрүөттэ­рин ырытан көрбүттэрэ. Онуоха бастакы миэстэҕэ дьахтар «төрүөҕэ суох» диагноһа турбута. Ол эбэтэр дьахтар киэлитин (маткатын) турбатын аһарар кыаҕа кэһиллибит  эбэтэр олох суох буолар.

Иккис миэстэҕэ – эр киһи доруобуйата.

Кэргэнниилэр оҕолонор кыахтара суоҕун төрүөтүнэн  эндокриннай кэһиллиилэр уонна генитальнай эндомет­риоз буолаллар.

Ону таһынан, аан дойдуга барытыгар дьахталлар хойутаан төрүүр буоллулар. Өскөтүн уон сыл анараа өттүгэр «төрүөҕэ суохтарынан»  кыһалҕаланан  кэлэр дьахталлар орто саастара 31-32  эбит буоллаҕына, билигин  35-36 сааска  тиийбит.

Ити үөһээ этиллибиттэри учуоттаан, эмчиттэр быраас­ка хойутаабакка кэлэргэ сүбэ­лииллэр. Көмө репродуктивнай технологияларынан экстракорпоральнай үөскэтии процедуратын   кэргэнниилэр да, соҕотох дьахталлар да туһаналлар. Кинилэр мэдиссиинэ наадалаах чинчийиилэрин ааһаллар.

ЭКО оҥорторорго хардыылар

«Дьокуускайга экстракорпоральнай үөскэтии (ЭКО) процедуратын оҥорторууну  4-6 ый күүтэллэр. Төрүөҕэ суох буолуу төрүөтүн быһаартарарга олорор сиргинэн дьахтар консультациятыгар толору чинчийиини ааһыахха  сөп. Манна 2-3 ый, ардыгар арыый уһун бириэ­мэ барар. Онтон дьахтары  биһиги отделениеҕа ыыталлар. Быраастар бу кыһалҕаны туоратарга  ханнык эмтэнии ирдэнэрин  быһаараллар.  Холобур, көмө репродуктивнай технологиялар сүрүн түһүмэхтэригэр (стимулирование овуляции)  гормональнай терапия, киэли  турбалара аһарбат буолууларын  туоратарга лапароскопическай эпэрээссийэ эбэтэр эр киһи урологка эмтэниитэ. Тута экстракорпоральнай процедураны туһанарга 30% эрэ сүбэ­лиибит.  Салгыы Перинатальнай киин хамыыһыйата көрөрүгэр Мэдиссиинэ булгуччулаах страховкатын суотугар процедуралары оҥорторорго ирдэниллэр докумуоннары бэлэмниэхтэрин наада. Барыта этэҥҥэ быһаарылыннаҕына, кэргэнниилэр ЭКО оҥортороллоругар направление ылаллар. Онуоха төрөппүт буолуохтаах дьон дойду иһигэр ханнык баҕарар килииникэни талыахтарын сөп.

Хомойуох иһин, билиҥҥитэ наадыйар дьоҥҥо барыларыгар Дьокуускайга оҥорор кыахпыт суох. Ол гынан баран, өрөспүүбүлүкэ таһыгар барар дьон ахсаанын аҕыйатар туһугар экстракорпоральнай  процедура кээмэйин сыыйа-баайа улаатыннарарга былааннанабыт», – диэн көмө репродуктивнай технологиялар отделениеларын сэбиэдиссэйэ, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата Айталина Семенова кэпсиир.

Дьахтар гормональнай стимуляция иннинэ доруобуйатын толору чинчиттэрэр. Бастатан туран, гормонтан тутулуктанар уорганнары: «молочнай железаны», дьахтар киэлитин, яичниктары, щитовиднай былчархайы бэрэбиэркэлэтиллэр. Тоҕо диэтэххэ, гормональнай стимуляция, бастатан туран, бу уорганнарга дьайар.

Ийэ буолуохтаах дьахтар доруобай буолара улахан суол­талаах. Быраабыла курдук, экстракорпоральнай үөскэтии кэнниттэн хат буолуу арыый ыараханнык ааһар. Ол иһин,  бастакы үс ыйга (триместргэ) дьахталларга гормональнай көмө ананар.

Уопсастыба сыһыана уларыйда

Исписэлиистэр уопсастыба экстракорпоральнай процедураҕа сыһыана уларыйбытын бэлиэтииллэр. Уон сыл анараа өттүгэр ЭКО кэнниттэн хат буолуу аҕыйахтык бэлиэтэнэрэ,   акушер-гинекологтар экстракорпоральнай процедураны ааһааччыларга сэрэхтээхтик сыһыаннаһаллара. Оттон билигин хайыы үйэ ЭКО процедурата  дьикти түбэлтэнэн ааҕыллыбат буолла. Экстракорпоральнай процедура ньымата наадалааҕын, көдьүүстээҕин өйдөөтүлэр.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: