Ийэ эрэнэр буоллаҕына

Ийэ эрэнэр буоллаҕына

Ааптар:
19.05.2023, 16:45
Бөлөххө киир:

Тапталлаах ийэбит Екатерина Дмитриевна үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото. Билиҥҥилии эттэххэ, ийэбит чахчы лиидэр хаачыстыбалаах. Туппута тупсан, салайбыта сатанан ураты киһи буоллаҕа.

Дьиэтигэр эмиэ биир оннук. Барытын кэмигэр бүтэрэн-оһорон, дьаһайан, салайан. Аҕалаах ийэбит иккиэн пиэримэҕэ үлэлээбиттэрэ. Онон сынньанар, өрүүр күн диэн суох буолбутун да иһин, кэтэх хаһаайыстыбалаах буолааччыбыт.  Сүөһү, сибиинньэ, куурусса иитэллэрэ. Онно барытыгар биһигини, оҕолору кыра эрдэхпититтэн көмөлөһүннэрэ үөрэппиттэрэ, кэлин олохпутугар туһалаабыта. Ити буоллаҕа, оҕону үлэнэн иитии диэн.

Мин билигин да ол такайбыттара туһалыыр диэн эрэллээхтик этэбин. Ону таһынан, эн эмиэ кини курдук бэрээдэги тутуһар киһи буолуохтааххын диэн атын оҕолору холобурдууллара. Онон үөрэхтэригэр кыһамньылаах, барыга көхтөөхтүк кыттар, элбэҕи ааҕар, дьонноругар көмөлөһөр, үлэһит оҕолору ис сүрэхпититтэн үөрэн туран киэн тутта көрөрбүт. Ийэм миигин биирдэ: «Эн курдук дьон дьоруой буолаллар», — диэн соһуппута. Ити миэхэ наһаа улахан күүһү биэрэргэ дылы гыммыта. Ийэ эрэлэ баар эбит, киһиэхэ хаһан баҕарар, ханна баҕарар бигэ тирэх буолар сүдү күүс. Мин тута оттомура уонна санаабар харыс үрдүү, бэл, улааппыт курдук буола түспүтүм. Дьэ, оннук эбит, ийэ оҕотугар эрэнэр тыла. Ыраах үөрэххэ барарбар наһаа өйөөбүтэ. Миэхэ эрэнэрин биллэрэрэ, ол иһин мин хайаан да үчүгэйдик үөрэниэхтээхпин, дьоммун хомотуо суохтаахпын диэн өйдөбүллээх буоларым. «Дьон сатыырын сатыахтааххын», — диирэ. Онон көнө суолга бигэтик үктэнэрбэр ийэм барахсан оруола олус улахан эбит! Биһиги тапталлаах ийэбит барахсан билигин даҕаны барыбытын тылынан дьаһайа, сүбэлии олорор. Ийэ барахсан, киһиэхэ саамай күндүтэ, кэрэтэ. Ийэ хаһан да оҕотугар үтүөнү, кэрэни, сырдыгы эрэ баҕарар. Ону өйдөөҥ.

Иван Сивцев-Бээди

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: