ИДьМ управлениетын силиэстийэлиир чааһын силиэдэбэтэлэ, ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаалын үбүн харчыга көһөрүүгэ (обналичивание средств) кэккэ түөкүннээһини оҥорбут кредитнэй-потребительскэй кэпэрэтиип үс үлэһитигэр көбүтүллүбүт холуобунай дьыаланы силиэстийэлээһини түмүктээтэ.
Силиэстийэ чахчытынан, сокуоннайа суох дьыаланы 34 саастаах Дьокуускай куорат олохтооҕо тэрийбит. Бииргэ үлэлиир икки дьахтарын кытта куйаар ситимин угуйук көмөтүнэн уустук материальнай балаһыанньаҕа сылдьар ийэ хапытааллаах дьахталлары көрдөөбүттэр. Куомуннаһааччылар салгыы сөбүлэспит кыргыттары кытта дьиэ тутуутугар эбэтэр атыылаһыытыгар тус сыаллаах иэс харчы (целевой займ) биэрэр туһунан сымыйа сөбүлэҥҥэ илии баттаспыттар. Бу кэнниттэн түөкүттэр сымыйа сибидиэнньэлээх хомуллубут докумуону Биэнсийэ пуондатын салаатыгар төлөбүр ылар туһугар ыыппыттар эбит.
Инньэ гынан, 2018 сыл сэтинньититтэн 2020 сыл ахсынньытыгар диэри тэрээһиннээх бөлөх ийэ хапытаалыттан 22 судаарыстыбаннай сэртипикээти харчыга көһөртөрбүттэр, уопсайа 7,8 мөл. солк. тахса сууманы уорбуттар.
Холуобунай дьыаланы суукка ыыппыттар. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Куорат оптуобустарын сырыытын кыс ортото уларытыы - мээри кытта көрсүһүүгэ биир сытыы боппуруоһунан буолла. Бу…
Михаил Ефимович Николаев сырдык аатын үйэтитии иитинэн, "Аан Дархан" диэн биэрии ситимин саҕалаата. Биэриини СӨ…
Бу чааска Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев суруналыыстарга пресс-кэмпириэнсийэ ыыта олорор. Куорат мээрэ 2024 сыл…
Саха сиригэр үгэс быһыытынан сыл ахсын Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр сыл тутаах хайысхатын…
Быйыл Саха сирин 305 ыала “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” ураты бэлиэнэн наҕараадаланна. Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин…
Ил Дархан Айсен Николаев сарсын, ахсынньы 19 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиилээх тахсыаҕа. СӨ Уопсастыбаннай…