Ийэ хапытаалын 22 сэртипикээтин түөкүннээн туһаммыт дьон сууттаныахтара

Share

ИДьМ управлениетын силиэстийэлиир чааһын силиэдэбэтэлэ, ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаалын үбүн харчыга көһөрүүгэ (обналичивание средств) кэккэ түөкүннээһини оҥорбут кредитнэй-потребительскэй кэпэрэтиип үс үлэһитигэр көбүтүллүбүт холуобунай дьыаланы силиэстийэлээһини түмүктээтэ.

Силиэстийэ чахчытынан, сокуоннайа суох дьыаланы 34 саастаах Дьокуускай куорат олохтооҕо тэрийбит. Бииргэ үлэлиир икки дьахтарын кытта куйаар ситимин угуйук көмөтүнэн уустук материальнай балаһыанньаҕа сылдьар ийэ хапытааллаах дьахталлары көрдөөбүттэр. Куомуннаһааччылар салгыы сөбүлэспит кыргыттары кытта дьиэ тутуутугар эбэтэр атыылаһыытыгар тус сыаллаах иэс харчы (целевой займ) биэрэр туһунан сымыйа сөбүлэҥҥэ илии баттаспыттар. Бу кэнниттэн түөкүттэр сымыйа сибидиэнньэлээх хомуллубут докумуону Биэнсийэ пуондатын салаатыгар төлөбүр ылар туһугар ыыппыттар эбит.

Инньэ гынан, 2018 сыл сэтинньититтэн 2020 сыл ахсынньытыгар диэри тэрээһиннээх бөлөх ийэ хапытаалыттан 22 судаарыстыбаннай сэртипикээти харчыга көһөртөрбүттэр, уопсайа 7,8 мөл. солк. тахса сууманы уорбуттар.

Холуобунай дьыаланы суукка ыыппыттар. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
5
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин 300-тэн тахса ыалыгар “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” бэлиэни туттардылар

Быйыл Саха сирин 305 ыала “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” ураты бэлиэнэн наҕараадаланна. Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин…

24 минуты ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитинэн Валентина Кириллина санаатын үллэһиннэ

Ил Дархан Айсен Николаев сарсын, ахсынньы 19 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиилээх тахсыаҕа. СӨ Уопсастыбаннай…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Икки сылы быһа түөкүттэргэ албыннаппыт

Ленскэй оройуонун полициятыгар биир эдэр киһи түөкүттэри үҥсүбүт. Кини этэринэн, икки сылы быһа түөкүттэргэ албынната…

54 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Капитоновкаҕа Чэбдигирии Оһуокайа

Бүгүн Капитоновкатааҕы В.И.Кононов аатынан кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин үлэһиттэрин ыҥырыытынан республикатааҕы Оһуокай уопсастыбатын этээччилэрэ ыалдьыттаатылар.…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аввакумовтар — «Хрустальное сердце Дальнего Востока» күрэх кыайыылаахтара

Ньурба улууһун олохтоохторо,  Аввакумовтар дьиэ кэргэн  «Хрустальное сердце Дальнего Востока» күрэх кыайыылаахтарынан буоллулар диэн СӨ…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Аллараа Халыма улууһун оскуолата уонна административнай дьиэтэ ирдэбилгэ сөп түбэспэт туругунан борокуратуура миэрэ ылла

Өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын сорудаҕынан Аллараа Халыма борокуратураата үөрэх эйгэтигэр бэрэбиэркэ оҥордо. Черскэйдээҕи 7-с көрүҥнээх анал (коррекционнай)…

3 часа ago