Ийэ хапытаалын суумата төһөнүй?

Share

Элбэх оҕолоох ыаллар оҕо төрөөтөҕүнэ, судаарыстыбаттан көмө ылар бырааптаахтар. Бу маннык хас да хапытаал баар. 2022 сылга Ийэ хапытаалларын суумалара төһөнүй?

Федеральнай Ийэ хапытаала – бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн) — 524 527,90 солкуобай;

— иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (бастакы оҕоҕо хапытаалы ылбыт буоллахтарына) —  168 616,20 солкуобай;

— иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (бастакы оҕоҕо хапытаалы ылбатах буоллахтарына) — 693 144,10 солкуобай.

Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) биэрэллэр. Бу хапытаал суумата федеральнай Ийэ хапытаалын  сууматын 30%-гар тэҥнэһэр:

— 157 358,40 солкуобай (оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн иннинэ төрөөбүт буоллаҕына);

— 207 943,23 солкуобай (оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буоллаҕына).

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо бэриллэр:

-144 467,00 солкуобай.

“100 сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал:

— 100 000,00  солкуобай (оҕо 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөтөҕүнэ).

Ааҕан көрдөххө, холобур, быйыл иккис оҕолоро төрөөбүт ыал урут федеральнай Ийэ хапытаалын ыла илик буоллахтарына, бары хапытааллартан (үһүс оҕоҕо бэриллэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалтан ураты) лоп курдук 1 001 087 (1 мөлүйүөн) солкуобайы олордон ылар эбит.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма Сулуһа суох Дьоруойа

Амма улууһугар Аҕа дойду Улуу сэриитин уотун ортотунан ааспыт көлүөнэ дьон Сулуһа суох Дьоруойунан билинэр,…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Вальс үҥкүү холбообут ыала Ефимовтар «Кыайыы вальсыгар» дайдылар

Бэҕэһээ, ыам ыйын 8 күнүгэр, Дьокуускай куоракка аан бастыкытын ыытыллыбыт "Кыайыы вальсыгар" үгүс киһи үөрэ-көтө…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга «Өлбөт үйэлээх полк» аахсыйаҕа 50 тыһыынчаттан тахса киһи кытынна

Дьокуускайга "Өлбөт үйэлээх полк" Бүтүн Арассыыйатааҕы үгэскэ кубулуйбут аахсыйа буолан ааста. Быйыл манна 50 тыһыынчаттан…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ленскэй куорат аннынан муус хамсаата

Ленскэй оройуонугар муус көхтөөхтүк устарын бэлиэтииллэр. Муус хамсааһынын орто диэн сыаналаатылар, уу таһыма рейкэ кээмэйигэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Саһарбыт страницалар: 80 сыл анараа өттүгэр

80 сыл анараа өттүгэр, ыам ыйын 9, 10 күннэригэр, “Кыым” хаһыакка тугу суруйбуттарай? Бу суруйуулары…

2 часа ago
  • Култуура
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

ВИДЕО: “Кэнникинэн оҕолор эрэпэтииссийэ хаһан буолар?” — диэн бэйэлэринэн ыйыталлар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Өлүөнэ кытылын үрдүгэр, Дьоруойдар аллеяларыгар сэрии кэминээҕи таҥастаах эдэркээн кыргыттар, уолаттар…

3 часа ago