Салгыы
Ийэ хапытаалын сууматынан массыынаны ылыахха сөп дуо?

Ийэ хапытаалын сууматынан массыынаны ылыахха сөп дуо?

04.06.2024, 16:51
Хаартыска: Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.
Бөлөххө киир:
Ийэ хапытаалын үбүн тырааныспары ыларга ыытыахха сөп дуо? Бу ыйытыыга Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ хоруйдуур.
Федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын үбүнэн тырааныспары ылар көҥүллэммэт. Федеральнай сокуон хапытаал үбүн туохха ыытары чопчу ыйар уонна бу дойду үрдүнэн тутуһуллар. Иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) бэриллэр эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын суумата федеральнай хапытаал 30%-гар тэҥнэһэр уонна туһаныы быраабылата эмиэ соннук буолар.
«Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал уонна үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) бэриллэр «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын үбүн тырааныспары ыларга ыытыахха сөп.

«Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаал суумата — 300 тыһыынча солкуобай. Үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, бэриллэр.

«Үйэ оҕолоро» хапытаал суумата — 110 705 солкуобай, хаһыс оҕо төрөөбүтүттэн тутулуга суох, 2027 сылга диэри бэриллэр.

Бу хапытааллар суумаларынан массыынаны эрэ буолбакка: мотуордаах оҥочону, снегоходу, о.д.а. ылыахха сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
18 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -12°Влажность: 79% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: