Ийэ хапытаалын тобоҕун ылан туһаныахха сөп буолла

Share

Ийэ хапытаалын тобоҕун  биирдэ ылыахха сөп буолуоҕа. Госдуума Ийэ хапытаалын тобоҕун  биирдэ ылан туһанары көҥүллүүр сокуон барылын иккис ааҕыытыгар  ылынна. 

Санатар буоллахха, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Это у нас семейное» куонкурус финалистара бэрэсидьиэн Владимир Путиҥҥа Ийэ хапытаалын тобоҕун ылан туһанары көҥүллүүр туһунан көрдөспүттэрэ.

Бу биирдэ бэриллэр көмөҕө 10 тыһыынча солкуобайга тиийэ ылыахха сөп. Маннык көмөнү 730 тыһыынча дьиэ кэргэн ылан туһаныан сөп диэн Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин этэр.

— Сокуон бэчээттэнэн таҕыста да, күүһүгэр киириэҕэ. Онон бу көмө миэрэтинэн дьиэ кэргэттэр сайыҥҥы уоппуска кэмигэр, эбэтэр, оҕолору оскуолаҕа бэлэмнииргэ ылан, ханнык баҕарар сыалга туһаныахха сөп, — диэн Володин эттэ.

Федеральнай Ийэ хапытаалын тобоҕо хаалбыт да буоллаҕына, сыллата индексацияланар. Ийэ хапытаалын бырагыраамата  2026 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үлэлиир.

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Петр Иванов: “Сүрүн сорук – эрэллээхтик уотунан хааччыйыы”

Энэргиэтиктэр күннэринэн быйыл тэриллибиттэрэ 60 сылын туолбут “Якутскэнерго” ПАУо  Киин элэктэриичэскэй ситимнэрин салайааччыта Петр Гаврильевич…

5 минут ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Айсен Николаев Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлиир

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо, энэргэтиичэскэй комплекс үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ! Эһиги үрдүк таһымнаах үлэҕит, эппиэтинэскит, бэриниилээх…

20 минут ago
  • Быһылаан
  • Сүрүн

Дьокуускайга оҕолор гаастан үгээрдээтилэр

Дьокуускайга чааһынай дьиэҕэ 17, 11 уонна 9 саастаах оҕолор ититии систиэмэтиттэн тахсар гаастан үгээрдээбиттэр. Борокуратуура…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит ыаллар саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата быйыл алдьатыылаах халаан кэнниттэн эмсэҕэлээбит нэһилиэктэринэн сылдьан, чөлүгэр түһэрии үлэтин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буолла

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буола сырытта. Бу туһунан РФ…

2 часа ago
  • Сүрүн

Биллиилээх бэлиитик Виктор Губарев олохтон туораата

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, биллиилээх бэлиитик уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Виктор Губарев олохтон туораабытын туһунан Ил…

2 часа ago