Ийэ хапытаалын тобох харчытын биэрэн саҕалаатылар

Share

Арассыыйаҕа Социальнай пуонда федеральнай Ийэ хапытаалыгар хаалбыт тобох харчыны дьиэ кэргэттэргэ биэрэн саҕалаата. Бүгүҥҥү күҥҥэ 70 тыһыынча сайабылыанньа киирбититтэн, сэрэдэттэн саҕалаан, 13,8 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ төлөбүрү  номнуо ыыттылар.

Ийэ хапытаалын ылан туһаммыт дьоҥҥо 10 тыһыынча солкуобайга диэри тобох харчы хаалбыт буоллаҕына, ону ылан, ханнык баҕарар сыалга  туһаныахтарын сөп. Бу туһунан бэрэсидьиэн Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт тэрээһин кэмигэр  эппитэ.

Сайабылыанньаны «Госуслуги» портал нөҥүө, эбэтэр, Социальнай пуонда салаатыгар, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ баран, биэриэххэ сөп. Буостанан да ыытыахха сөп. 10 үлэ күнүн иһинэн сайабылыанньаны көрөн, быһаарыыны ылыныахтаахтар. Төлөбүр анаммыта 5 үлэ күнүн иһинэн, харчы счекка түһүөхтээх.

Ийэ хапытаала 2007 сылтан иккис оҕо төрөөтөҕүнэ, бэриллэр. 2020 сылтан бастакы оҕоҕо бэриллэр буолбута. Бүгүҥҥү күҥҥэ Ийэ хапытаалын 14,3 мөлүйүөн дьиэ кэргэн ылан туһанна.

Ийэ хапытаала сыл аайы индексацияланар. 2007 сыллаахха 250 тыһыынча солкуобай эбит буоллаҕына, 2024 сылга иккис оҕоҕо 833 тыһыынча солкуобай бэриллэр.

Recent Posts

  • Сонуннар

Ил Дархан Айсен Николаев Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлиир

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо, энэргэтиичэскэй комплекс үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ! Эһиги үрдүк таһымнаах үлэҕит, эппиэтинэскит, бэриниилээх…

2 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сүрүн

Дьокуускайга оҕолор гаастан үгээрдээтилэр

Дьокуускайга чааһынай дьиэҕэ 17, 11 уонна 9 саастаах оҕолор ититии систиэмэтиттэн тахсар гаастан үгээрдээбиттэр. Борокуратуура…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит ыаллар саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата быйыл алдьатыылаах халаан кэнниттэн эмсэҕэлээбит нэһилиэктэринэн сылдьан, чөлүгэр түһэрии үлэтин…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буолла

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буола сырытта. Бу туһунан РФ…

1 час ago
  • Сүрүн

Биллиилээх бэлиитик Виктор Губарев олохтон туораата

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, биллиилээх бэлиитик уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Виктор Губарев олохтон туораабытын туһунан Ил…

2 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Үп-харчы гороскоба. Бу нэдиэлэҕэ үп-харчы өттүгэр сулустар тугу сүбэлииллэрий?

Күн Чубуку бэлиэтигэр киириитэ үпкэ-харчыга сыһыаны уларытар. Ыһыы-тоҕуу кэмэ ааһан, барытын чопчу былаанныыр, кэмчилиир уонна…

2 часа ago