Ийэ хапытаалын үбүн оҕо тииһин эмтэтэргэ туһаныахха сөп

Share

Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар Ил Дархан  Айсен Николаев ыам ыйын бүтүүтэ анал сокуоҥҥа уларыйыыны киллэрэр туһунан илии баттаата.  Ол түмүгэр, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» Ийэ хапытаалын туһанарга уларыйыы киирдэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» Ийэ хапытаалын үбүн туһанарга билигин оҕо тииһин эмтэтэргэ уонна ортодонт өҥөтүнэн туһанарга туттуохха сөп буолла.

Сороҕор оҕо тииһин эмтиэххэ эрэ буолбакка, сыҥааҕын көннөрүөххэ наада буолар. Ону оҕо уҥуоҕа кытаата илигинэ, эрдэттэн эмтиир, көннөрөр ордук. Оттон стоматолог, ортодонт быраастар өҥөлөрүн сыаналара олус ыарахан. Онуоха дьиэ кэргэҥҥэ бу хапытаал үбэ көмө буолуон сөп.

Бырабыыталыстыба сотору кэминэн туһаныы бэрээдэгин оҥоруоҕа. Саҥа көмөнөн бу сылтан туһаныахха сөп диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Санатар буоллахха, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» Ийэ хапытаала үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) ананар. Суумата быйылгыттан икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ. 

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

ОЛОХ ОЧУРДАРА: Сүрэх бааһа

Лия бөлүүн түһээн эмиэ оҕо сааһыгар, олорбут дьиэтигэр, оонньообут тэлгэһэтигэр, үрдүк эмпэрэ биэрэктээх Өлүөнэ кытылыгар…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Энэргиэтиктэн сылтаан, инбэлиит буолбут…

Энэргиэтик утахтартан сылтаан, эдэр дьон доруобуйалара айгыраабытын туһунан сурахтар кэлэр буоллулар. Туох буортулааҕый уонна тоҕо…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Иэйии» 5 сыллаах биһирэмэ

Айар куттаах суруйааччылар ахсынньы 7 күнүгэр аам-даам тымныыны аахсыбакка ахсынньы аргыарын ортотунан «Ника» уораҕайга ыраахтан…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Ньурбалар түмсэр түһүлгэлэрэ» үрдүк таһымнаахтык ааста

Ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Өрөгөй» улахан уораҕайыгар «Ньурбалар түмсэр түһүлгэлэрэ» диэн элбэх биир дойдулаахтарын…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өймөкөөн улууһа махтанар

Быйыл Өймөкөөн улууһугар айылҕа иэдээнэ – улахан алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну таһаарбыта. Ахсынньы 2-3 күннэригэр…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Николай Васильев туһунан кинигэ сүрэхтэннэ

“... Наһаа улахан киһи кэлэн ааста... Омуна суох, ууну-уоту ортотунан ааспыт салайааччыбыт киһиэхэ үчүгэйи эрэ…

6 часов ago