Салгыы
Ийэ хапытаалын үбүн оҕо тииһин эмтэтэргэ туһаныахха сөп

Ийэ хапытаалын үбүн оҕо тииһин эмтэтэргэ туһаныахха сөп

24.04.2024, 20:23
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

 «Дьиэ кэргэн» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын үбүн оҕо тииһин оҥорторорго ыытыахха сөп буолла. Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар дьокутааттар   Ийэ хапытаалын туһунан сокуоҥҥа уларытыылары киллэрдилэр.

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 4-14 саастаах оҕолор 80-90%-рын тиистэрэ алдьаныылаах. Ону тэҥэ, оҕо тииһин эмтэтии, сыҥааҕын көннөрүү, брекети олордуу олус сыаналаах — 80-150 тыһыынча солкуобай. Ыраах улуустарга олорор оҕолорго тииһи эмтэтии, брекети туруортарыы олус эрэйдээх.

Ил Дархан ыйааҕынан, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн, үһүс оҕоҕо бэриллэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ. Бу сыл саҕаланыаҕыттан 670 дьиэ кэргэн бу Ийэ хапытаалын ылан туһаннылар.

Бу иннинэ дьокутааттар Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын туһаныы хайысхаларын кэҥэппиттэрэ — оҕо эмтэнэ барарыгар айанын ороскуота төлөнөр буолбута уонна үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн ылар кыахтаммыттара.

Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылларыгар оҕолор доруобуйаларыгар болҕомто ууруллар, сокуонунан бигэргэнэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 мая
  • 3°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 65% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: