Салгыы
Ийэ сылыгар 6000-тан тахса тэрээһин ыытыллыбыт

Ийэ сылыгар 6000-тан тахса тэрээһин ыытыллыбыт

02.02.2023, 21:41
"100 сыл оҕолоро" хапытаалы 12 ытһыынча кэриҥэ оҕо ылла
Бөлөххө киир:

Ил Түмэҥҥэ Ийэ сылын түмүгүн таһаарар парламентскай истиилэр буоллулар. Сүрүн дакылааты үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова аахта. Норуот дьокутааттара, министиэристибэлэр үлэһиттэрэ, уопсастыбанньыктар кыттыыны ыллылар.

Ааптар түһэриитэ.

Кини этэринэн, Ийэ сылыгар барыта 6 тыһыынчаттан тахса тэрээһин ыытыллыбыт. 2022 сылга 11 667 оҕо (5652 кыыс, 6015 уол) төрөөбүт. Бары Ил Дархан олохтообут 100 тыһыынча солкуобайдаах “100 сыл оҕолоро” хапытаалы ылбыттар. Кинилэртэн 2729 дьиэ кэргэн бу хапытаалы ылан, номнуо туһаммыттар. Бу хапытаал индексацияланан, быйыл 105 тыһыынча солкуобай буолла. Ону тэҥэ, өссө 5 сылга уһаата.

Ийэ сылыгар демографическай сайдыыны өйүүргэ эбии алта миэрэ ылыллыбыта. Барыта 16 нуорма-быраап аахталара ылылыннылар. Холобур, 2023 сылтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр босхо сир учаастагын оннугар 200 тыһыынча солкуобайы харчынан ылар бырааптарын туһунан сокуон ылылынна. Бу сууманы ипотеканы сабарга, эбэтэр, дьиэ туттарга, атыылаһарга ыытыахха сөп. 14 саастан балыс уонна инбэлиит оҕону иитэ ылар ыалларга ыйдааҕы төлөбүр базовай кээмэйэ икки төгүл үрдээтэ.

Дьахталлар доруобуйаларын бөҕөргөтүүгэ элбэх тэрээһин ыытылынна. 136 тыһыынча дьахтар кэлим чинчийиини аастылар. Ону тэҥэ, дьахталлар дьарыктаах буолалларыгар, идэ ылалларыгар, үлэ булалларыгар болҕомто уурулунна. Дьарыктаах буолуу киинигэр 13 тыһыынча дьахтар үлэ көрдөөн тиийбититтэн, 7,5 тыһыынча дьахтар үлэ булбут. 1184 дьахтар эбии үөрэммит. Дьиэ кэргэни, ийэ буолууну өйүүр бырайыактарга гранынан өйөбүл 2 төгүл үрдээтэ, — диэн миниистир кэпсээтэ.

Парламент истиилэригэр дьокутааттар чопчулуур ыйытыыларыгар хоруйу ыллылар. Ол кэнниттэн эбии этиилэри киллэрдилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 апреля
  • -6°C
  • Ощущается: -12°Влажность: 53% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: