Ийэ сылыгар Ил Дархан гранын суумата икки төгүл улаатта

Share

2022 сылга Ил Дархан дьиэ кэргэни, ийэ-аҕа буолууну, оҕо аймаҕы өйүүр граннарын уопсай суумата 5 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ.

Ил Дархан сорудаҕынан, Ийэ сылыгар грант суумата, былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, икки төгүл улаатта. Онон социальнай хайысхалаах кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр көхтөрө эмиэ улаатта. Барыта 39 сайаапка киирбититтэн, 5 бырайыагы өйөөтүбүт, — диэн ыччакка, социальнай коммуникацияларга миниистир Петр Шамаев кэпсээтэ.

Ол курдук, 2 мөлүйүөн 225 солкуобай суумалаах грант “Дети Саха-Азия” пуондаҕа бэрилиннэ. Кинилэр «Комплексная поддержка кризисной семьи в условиях проживания в приюте» бырайыагы үлэлэтиэхтэрэ. Чопчулаан эттэххэ, приют иһинэн ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьахталларга көмөлөһөр киини, оҕо хоһун арыйыахтара.

2019 сыллаахха приютка 26 ийэ уонна 78 оҕо олорбута, 2020 сылга – 27 ийэ, 61 оҕо олорбуттара. Бу маннык хос арылыннаҕына, ийэлэр үлэлиир кэмнэригэр приютка оҕолорун көрөллөр. Оччотугар ийэлэр үлэлиир, хамнас аахсар кыахтаахтар. Приютка дьиэтэ-уота, үлэтэ суох, дьиэлэригэр кырбанан, куотан кэлбит дьахталлар, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит хат дьахталлар киирэр кыахтаахтар. Кинилэргэ үлэ булалларыгар, уустук балаһыанньаттан тахсалларыгар  көмөлөһөллөр.

974,5 тыһыынча солкуобайы «За мир в семье: семейная медиация» бырайыактарыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиация киинигэр биэрдилэр. Дьиэ кэргэҥҥэ иирсээн баар буоллаҕына, арахсаары гыннахтарына, бу кииҥҥэ кэлэн, иллэһиннэрэр өҥөнөн босхо туһаныахтарын сөп.

«Подруги-Дьүөгэлэр» дьахталлар аһаҕас пуорумнарын «Мать и дитя: здоровая семья» бырайыактарыгар 792,5 тыһыынча солкуобай бэрилиннэ. Бу бырайыагынан улуустарга тахсан, сэминээрдэри, консультациялары, Ийэлэр оскуолаларын, о.д.а. араас тэрээһиннэри ыытыахтара.

Маны тэҥэ, 529 тыһыынча солкуобайы Бүтүн Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын Мииринэйдээҕи түмсүүтэ «Мамины каникулы» бырайыагар,  478 тыһыынча солкуобайы Чурапчы улууһугар «Лучики солнца» нейропсихологическай киини тэрийиигэ биэрдилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

13 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

14 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

14 часов ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

15 часов ago