Ийэ сылын түмүктэрэ
Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ийэ сылын биллэрбитэ. Бу ааспыт сылга туох үлэ-хамнас ыытылынна, сыал-сорук туолла дуо? Сүрүн тэрээһиннэри ырытан көрүөҕүҥ, түмүктэри оҥоруоҕуҥ.
Ийэ сылыгар барыта 6 тыһыынчаттан тахса тэрээһин ыытыллыбыт. Ол иһигэр, дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтөр 2000-тан тахса тэрээһин ыытыллан, Ытык Ийэ өйдөбүлүн үрдэтэргэ туһуламмыт. Холобур, Ийэҕэ анаммыт сквердэр, стелалар, өйдөбүнньүктэр тутулуннулар, онно көҕөрдүү, өрөмүөн үлэтэ ыытылынна, ийэ туһунан кинигэлэр, тэлэбиидэнньэҕэ биэриилэр таҕыстылар, ырыалар-хоһооннор айылыннылар, куонкурустар буоллулар. Ийэ, дьиэ кэргэн 325 кулууба тэрилиннэ.
2000-тан тахса киһини хабан ыытыллыбыт Төрөппүт пуорума, дьахталлар сийиэстэрэ, Уһук Илиннээҕи демографическай кэмпириэнсийэ ыытыллыбыттара.
2022 сылга 11 667 оҕо (5652 кыыс, 6015 уол) төрөөбүт. Бары Ил Дархан олохтообут 100 тыһыынча солкуобайдаах “100 сыл оҕолоро” хапытаалы ылбыттар. Кинилэртэн 7827 дьиэ кэргэн барыта 379,5 мөлүйүөн солкуобай суумалаах хапытаалы ылан, номнуо туһаннылар. Ол иһигэр, 2019 ыал олорор усулуобуйаны тупсарыыга, 662 ыал тырааныспары атыылаһыыга, 20 ыал кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, о.д.а. ыыппыттар. Бу хапытаал индексацияланан, быйыл 105 тыһыынча солкуобай буолла. Ону тэҥэ, болдьоҕо өссө 5 сылга уһаата.
Бу ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалыттан көмө быһыытынан ылан, 30 тыһыынча солкуобайдаах төлөбүрү 5098 дьиэ кэргэн туһаммыт. Ил Дархан дьиэ кэргэни, ийэ-аҕа буолууну өйүүр гранын суумата икки төгүл үрдээн, 5 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ.
Саха сирэ дьиэ кэргэн сыаннастарын тарҕатарга туһуламмыт социальнай эрэкэлээмэ федеральнай куонкуруһугар видео, аудио, бэчээт эрэкэлээмэтигэр үс номинацияҕа кыайда.
Ийэ сылын былааныгар киирбит 168 тэрээһинтэн 77%-на биирдэ ыытыллыбыт, оттон 23%-на – быйылгы сылга салҕанар тэрээһиннэр.
Элбэх оҕолоох ыалларга көмө
Бу сыл элбэх оҕолоох ыалларга көмө быһыытынан эбии миэрэлэр ылылыннылар. Холобур, 3-4 оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ култуура уонна успуорт судаарыстыбаннай тэрилтэлэригэр сылдьалларыгар 50 бырыһыаннаах чэпчэтии оҥоһуллар. Онтон 5-тэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр бу тэрилтэлэргэ босхо сылдьар буоллулар. Бу төрөппүттэргэ биир дьоһун көмө буолара саарбаҕа суох.
Биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар судаарыстыба биир кэмнээх төлөбүрү биэрэр. Ол эрээри, манна уһун уочарат баар. Билиҥҥи туругунан, уочаракка 1947 дьиэ кэргэн турар. 2022 сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн 500 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ, бу үбүнэн 124 ыал дьиэлэннэ. Оттон 2023 сылга 250 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт. Ил Түмэн дьокутааттара бу суума үс төгүл үрдүүрүгэр туруорсаллар.
Уочараты аҕыйатар туһуттан, бу төлөбүр аҥаарын харчынан ылар кыах баар буолла. Холобур, дьиэ кэргэн хас эмэ сылы быһа уочарата кэлэрин күүппэккэ, төлөбүр аҥаарын харчынан ылан, дьиэ туттарга, атыылаһарга, эбэтэр, ипотеканы сабарга туһаныан сөп.
Ону тэҥэ, элбэх оҕолоох ыалларга босхо учаастак сирэ бэриллэр. Манна эмиэ уочараттара кэлэрин күүппэккэ, 200 тыһыынча солкуобайы ылан, туһаныахтарын сөп буолла.
Үс игирэ оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыыга бэриллэр көмө быраабылатыгар уларыйыылар киирдилэр. Манна дьиэ кэргэн дохуота, баайа-дуола ааҕыллыбат. Дьиэ сыанатыттан 35 %-нын уу харчынан биэрэр буоллулар.
Доруобай ийэ – доруобай оҕо
Дьахталлар доруобуйаларын бөҕөргөтүүгэ элбэх тэрээһин ыытылынна. Мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр аһаҕас ааннар, араас аахсыйалар буоллулар. 136 тыһыынча дьахтар кэлим чинчийиини ааста.
Искэн ыарыытын сэрэтэр аахсыйаҕа 2 тыһыынчаттан тахса дьахтар аҥкыатаны толорбутуттан, 1200 дьахтар доруобуйаны дириҥник чинчийиигэ ыҥырыллыбыттар. Кинилэртэн 81 дьахтарга ыарыы, кэһиллии баара булуллан, эмтэммиттэр. Искэн ыарыыта төһөнөн эрдэ булуллар да, соччонон киһи үтүөрэр кыаҕа улаатар. Сотору кэминэн искэн ыарыытыттан үтүөрбүт дьахталлар кулууптара тэриллиэҕэ.
Ааспыт сыл элбэх оҕолоох ийэлэр тиистэрин эмтэтэллэригэр анал тэрээһин ыытыллыбыт. 3745 ийэ тииһин эмтэппит, оҥорторбут. 2021 сыллааҕы Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис көрдөрөрүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 84 621 элбэх оҕолоох ийэ баар. Онон, кинилэртэн 4,4%-ра эрэ тииһин оҥорторбут. Ол эрэн, бу тэрээһин үүммүт сылга эмиэ салҕаныахтаах.
Ону тэҥэ, улаатан эрэр кыргыттар доруобуйаларын чинчийиигэ, бөҕөргөтүүгэ эмиэ болҕомто уурулунна. Кинилэр – кэнэҕэски ийэлэр, аны 10-20 сылынан демография боппуруоһа кинилэр доруобуйалырын туругуттан тутулуктаах буолар.
2022 сыл алтынньы ыйдааҕы туругунан, Үөрэх министиэристибэтин чахчыларынан, өрөспүүбүлүкэҕэ оскуола 73,3%-на толору хааччыллыылаах, 26,5%-на сылаас туалеттаах, 0,1% (1 оскуола) таһырдьа тымныы туалеттаах. Ийэ сылыгар бу боппуруоска үлэ барда. Былырыын 14 оскуолаҕа туалет уонна канализация систиэмэтэ өрөмүөннэммит, 4 саҥа сылаас туалет тутуллубут.
Саха сиригэр Перинатальнай кииҥҥэ Уһук Илиҥҥэ бастакы Ийэ үүтүн баана аһылынна. Манна ийэ үүтэ 3 ыйга диэри хараллыан сөп. Бу болдьоҕун иннинэ төрөөбүт оҕолоох ийэлэр үүттэрин ыаналларыгар, хаһааналларыгар туһуламмыт бырайыак. Сотору кэминэн, ийэ үүтүгэр дуонардар баар буолуохтара, оччоҕо үүтэ суох ийэлэр оҕолоругар эмиэ иһэрдиэхтэрин сөп. Ийэ үүтэ – олох төрдө, оҕо доруобуйатын мэктиэтэ!
Саҥа ыал буолбут дьоҥҥо ЗАГС-ҕа “Эдэр ыал сэртипикээтин” биэрэр буолуохтара. Бу сэртипикээтинэн эдэр дьон ийэ-аҕа буолар кыахтарын, доруобуйаларын эрдэттэн чинчийэр, кэһиллии баар буоллаҕына, эмтэнэр кыахтаахтар.
Дьарыктаах буолуу
Бу сыл дьахталлар дьарыктаах буолалларыгар, идэ ылалларыгар, үлэ булалларыгар болҕомто уурулунна. Ил Дархан сорудаҕынан, социальнай хантараак сууматын – бэйэ дьыалатын арыйан үлэлэтэргэ бэриллэр көмөнү 350 тыһыынча солкуобайга, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга 250 тыһыынча солкуобайга диэри үрдэттилэр. 4752 ыал 648,1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах социальнай хантараак көмөтүн ылан туһаммыт, дьарыктаах, дохуоттаах буоларын хааччыммыт.
Атыы-эргиэн, бырамыысыланнас балаататын иһинэн Дьиэ кэргэн биисинэһин киинэ аһылынна. Дьарыктаах буолуу киинигэр 13 тыһыынча дьахтар үлэ көрдөөн тиийбититтэн, 7,5 тыһыынча дьахтар үлэ булбут. 1184 дьахтар эбии үөрэммит. Дьиэ кэргэни, ийэ буолууну өйүүр бырайыактарга гранынан өйөбүл 2 төгүл үрдээтэ.
Федеральнай таһымҥа салҕаныаҕа
2022 сыл ахсынньы 15 күнүгэр бэрэсидьиэн Владимир Путин дойдуга төрөөһүн биллэ аҕыйаабытын бэлиэтээн туран, оҕолоох дьиэ кэргэттэри, төрөөһүнү элбэтэр эбии миэрэлэри ылынар туһунан бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрбитэ.
Ахсынньы 26 күнүгэр РФ бырабыыталыстыбата дьахталлар интэриэстэрин көмүскүүр Национальнай стратегияны бигэргэттэ. Бу стратегия 2030 сылга диэри үлэлиэхтээх. Ийэ буолууга эбии миэрэлэр ылыллыахтара.
Онон, Саха сиригэр ыытыллыбыт Ийэ сыла үтүө түмүктэрдээх буолла, ылыммыт соруктарын толордо. Ийэ сылын сыала-соруга уонна үтүө саҕалааһыннара сыыйа федеральнай таһымҥа салҕаныахтара.
Салайааччы санаата
“16 нуорма-быраап аактата ылылынна”
Елена Волкова, үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ:
— Ийэ сылыгар демографическай сайдыыны өйүүргэ эбии алта миэрэ ылыллыбыта. Бу сыл барыта 16 нуорма-быраап аактата уонна Ил Түмэҥҥэ 5 сокуон ылыллыбыта. Холобур, 2023 сылтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр босхо сир учаастагын оннугар 200 тыһыынча солкуобайы харчынан ылар бырааптарын туһунан сокуон оҥоһуллубута. Бу сууманы ипотеканы сабарга, эбэтэр, дьиэ туттарга, атыылаһарга ыытыахха сөп.
14 саастан кыра уонна инбэлиит оҕону иитэ ылар ыалларга ыйдааҕы төлөбүр базовай кээмэйэ икки төгүл үрдээтэ.
Дьиэ кэргэттэргэ, оҕолорго көмө киинэ тутуллуоҕа. Билигин бырайыактыыр үлэлэрэ ыытылла тураллар. Судаарыстыбаннай наҕараадалары – Дьоруой Ийэ аатын, “Ийэ Албан аата” мэтээли ылбыт дьахталлар тута “Үлэ бэтэрээнэ” ааты ылар буоллулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: