Ийэ тыл эйгэтин кэҥэтэр туһугар

Ийэ тыл эйгэтин кэҥэтэр туһугар

21.02.2023, 11:00
Хаартыска: Денис Попов.
Бөлөххө киир:

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик дэкээдэтин чэрчитинэн, хаһыат “Сэмсэ санаа” рубрикатыгар СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, көрдөрөр-иһитиннэрэр ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева ыалдьыттыыр.

Билим эрэгийиэннээҕи киинэ

– Сис кэмитиэт салайар хайысхата элбэх, онон Төрөөбүт тыл дэкээдэтин иитинэн, кэпсэтиибитин тыл боппуруоһуттан саҕалыахха. Былырыын Билим академиятын иһинэн тыллары сайыннарыынан дьарыктаныахтаах киин тэриллибитэ. Уопсайынан, тыл сайдыытыгар үлэ-хамнас туһунан кэпсиириҥ буоллар.

– Тыл – норуот баарын тухары баар сүрүн баайа. Биһиги салайааччыларбыт, биллиилээх уопсастыбаннай диэйэтэллэрбит М.К.Аммосов, П.А.Ойуунускай өссө 1935 сыллаахха Саха сиригэр билим (наука) тэрилтэтэ баар буолуохтаах диэн Тыл уонна култуура институтун тэрийбиттэрэ. Институт 1944 сылтан Тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа института диэн ааттаммыта. Биһиги билимҥэ оччолортон тирэхтээх этибит.

Биир бөдөҥ салайааччыбыт И.Н.Барахов 1926 сыллаахха түүр омуктар сийиэстэригэр Баку куоракка тиийэн, сахалар бэйэбит алпаабыттаахпыт, төрөөбүт тыллаахпыт диэн тыл этэн турар. Онтон тыл сайдыытыгар, сахалыы сурук-бичик олохсуйарыгар улахан төһүү киһибитинэн С.А.Новгородов буолар, 1917 сыллаахха бастакы сахалыы букубаары оҥорон таһаартарбыта. Бу букубаар төрүттэммитэ 100 сылынан сибээстээн, 2017 сыллаахха далааһыннаах тэрээһиннэри ыыппыппыт.

1991 сыллаахха Үрдүкү Сэбиэт РСФСР норуоттарын тыллара бүттүүн Арассыыйа норуоттарын национальнай баайа-дуола буоларын ыйан туран, “РСФСР норуоттарын тылларын туһунан” Сокуону ылыммыта. Онтон ыла дойду үрдүнэн биир эрэ тыл буолбакка, атын олохтоох омуктар тыллара эмиэ судаарыстыбаннай уонна бэйэлэрэ түөлбэлээн олорор сирдэригэр официальнай тыллар олохсуйуохтаахтар, тыл бэлиитикэтэ, национальнай бэлиитикэ маны көрүөхтээҕин, социальнай сыал-сорук туруоруллуохтааҕын ыйбыта. 1991 сыллаахха ылыныллыбыт Сокуон тыллар сайдыыларыгар улахан төрүөтүнэн буолбута. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 1992 сыллаахтан тыллар туһунан туспа Сокуон баар буолбута. Онно олоҕуран саха тыла судаарыстыбаннай, эбээн, эбэҥки, юкагир, чукча, долган тыллара официальнай таһымнаналлар. Былырыын тус­таах Сокуон олоххо киирбитэ 30 сылыгар улахан тэрээһиннэр барбыттара.

Тыл бигэ туруктанарыгар, олоххо киирэригэр араас мэхэньиисимнэр бааллар. Тылга сыһыаннаах бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһар сокуон элбэх. 2019 сыллаахха кэмин баттаһа Конституционнай сууттан быһаарыы ылан турабыт. СӨ Төрүт (Конституция) Сокуонун 22-с ыстатыйатын 4-с чааһыгар уларыйыылар киирбиттэрэ, онон тылбыт, норуоттар уратылара эмиэ учуоттаныахтааҕа Төрүт Сокуонунан мэктиэлээх, көмүскэллээх. Ол хааччыллалларын туһугар судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир. Бырагыраама маҥнай өссө 1990-с сылларга ылынылла сылдьыбыта. Хас да төгүл чөлүгэр түһэриллибитэ эрээри, атын бырагыраамалар үлэлииллэрин быһыытынан тохтоон хаалыталаабыта. Улаханнык туруорсан, кэҥэтиллэн, 2019 сылтан “2020-2024 сс. судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары чөл хаалларыы уонна сайыннарыы” бырагыраама үлэлиир, үбүлээһинэ икки бүк эбилиннэ. Уопсастыбаннас күүскэ туруорсан, дьокутааттар СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта үгүс үлэни оҥоробут.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр алта уонтан тахса сыл устата үлэлээбит Төрүт оскуолалары чинчийэр институт федеральнай таһымнанна. Тыл дьиэ кэргэҥҥэ, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа уйаланарын быһыытынан, дьокутааттар оҕону төрөөбүт тылыгар уһуйарга билимҥэ олоҕурбут төрүттэр баар буолуохтаахтар диэн туруорсан, Ил Дархан өйөөн, СӨ Билим академиятын иһинэн төрөөбүт тыллары үөрэтэр, чөл хаалларар уонна сайыннарар эрэгийиэннээҕи киин тэрилиннэ.

“СӨ Конституционнай сокуоннарыгар уларытыылары киллэриигэ олоҕуран, эрэгийиэннээҕи сокуон барыллара Саха сирин Парламеныгар нууччалыы, сахалыы оҥоһуллан киириэхтэрэ. Тыа сирин сайдыытыгар аналлаах сахалыы тылынан бастакы сокуону номнуо ылынан эрэллэр. Бу эмиэ улахан күүстээх хамсааһын буоларын бэлиэтиир оруннаах. Онон норматив да, сокуон даҕаны өттүнэн көмүскэллээхпит, салгыы үлэлэһэбит.

– Эрэгийиэннээҕи киин тугунан дьарыктанар?

– Саха сиринээҕи Билим академиятын иһинэн билим-чинчийэр киин быһыытынан тэрилиннэ. Билимҥэ чинчийиилэри, мэтиэдикэни, технологияны, үөрэх кинигэлэрин оҥоруунан, кэтээн көрүүнэн дьарыктанар, базовай экспериментальнай оскуолалары, саха тылын учууталларын, уһуйаан иитээччилэрин уонна уопсастыбаннаһы кытта ыкса ситимнээхтик түмсэн үлэбитин биир сүрүннүүр тэрилтэ буолар. Манна билимҥэ чинчийэр өттө ордук баһыйар.

Учууталлар иккис сийиэстэрэ

– Феодосия Васильевна, сэтинньигэ саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култуура учууталларын иккис сийиэһэ буолан ааста. Онно ылыллыбыт этиилэр Бырабыыталыстыбаҕа, Ил Түмэҥҥэ, уопсастыбаннаска туһаайыллаллар. Ол туһунан кэпсиириҥ буоллар.

– Бастатан туран, бу сийиэстэр ситимнэрин бэлиэтээн ааһар оруннаах. Ол курдук, 2017 сыллаахха саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын бастакы сийиэстэрин тэрийбиппит. Сийиэһи сахалыы маассабай суругу-бичиги төрүттээччи, лингвист, учуонай С.А.Новгородов оҥорбут букубаара тахсыбыта 100 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна СӨ Конституцията ылыныллыбыта 25 сылыгар анаабыппыт. Бу сийиэс саха тылын учууталларын бука барыларын түмэр аан бастакы сийиэс быһыытынан суолталаах, уратылаах. Атын биридимиэт учууталлара ассоциациялаах эбит буоллахтарына, саха тылын учууталлара сийиэскэ түмсэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияны тэриммиттэрэ. Сийиэс иннинэ олус элбэх докумуону хаһыспыппыт, үөрэппиппит, былааннарбытын толкуйдаабыппыт. Ол биһиэхэ 2017 сыллаахха Генеральнай борокуратуура, Рособрнадзор улахан бэрэбиэркэлэрэ кэлбитигэр көмөлөөх буолбута. Бэрэбиэркэ кэлэрин билбэт этибит эрээри, сийиэскэ бэлэмнэнэ таарыйа элбэҕи иҥэн-тоҥон, хасыһан үөрэппит, чинчийбит буолан бэлэмнээх көрсүбүппүт. Бу өттүгэр сийиэс улахан оруоллааҕын бэлиэтиир наада.

Иккиһинэн, бу ааспыт сэтинньигэ тэриллибит сийиэс эмиэ бэйэтэ туспа кэнсиэпсийэлээх, үөрэх саҥа ыстандаарта ылыллар кэмигэр тоҕоостоох уонна “СӨ Тыл туһунан” сокуон ылыныллыбыта 30 сылыгар ананна. Сийиэс сүрүн тэрээһинин СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ, идеологическай, бэлитиичэскэй боппуруостарын Ил Түмэн иилээн-саҕалаан ыыттыбыт, билигин даҕаны ситэрэ-хоторо, үлэлэһэ сылдьабыт. Резолюцияҕа саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын сийиэһин үс сылынан тэрийэргэ диэн пуун киирдэ. Тоҕо? Бүтэһик биэрэпис түмүгэ көрдөрөрүнэн, Саха сирин төрүт омуктара бырыһыанынан ыллахха, ахсааммыт (55 %) эбиллибит эрээри, урут төрөөбүт тылын билэр дьон ахсаана 95 бырыһыаҥҥа тиийэ сылдьыбыт эбит буоллаҕына, билигин 79 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Бу биһигини долгутар. Маныаха оҕону төрүөҕүттэн төрөөбүт тылыгар, култууратыгар сыһыаран иитии, үөрэтии сүҥкэн оруоллаах.

Аны үөрэх саҥа ыстандаарта киирэригэр тэрээһин үлэтэ саҕаланан, бастакы долгуйуулар биллэн барбыттара. Оскуола биэс күннээх кыраапыгынан үлэлиэн, оччотугар төрөөбүт тыл чааһа көҕүрүөн сөп диэн эрдэ биллибитэ. Уопсай докумуон олоххо киирэригэр ылыныллыбыт бирикээскэ, төрөөбүт тылы үөрэтии чааһа филология биридимиэттэригэр аҕыйаабыта. Ол иһин улахан мунньахтарга, кэмпириэнсийэлэргэ, пуорумнарга, ордук төрүт омуктар тылларын боппуруостарынан Санкт-Петербурга ыытыллыбыт киэҥ далааһыннаах мунньахха уустук боппуруос баарын тиэрдибиппит, санаабытын эппиппит. Маҥнай иҥэн-тоҥон өйдөөбөтөхтөрө. Муус устарга Сибиир уонна Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэрин ыҥыран, Ил Түмэҥҥэ улахан мунньаҕы тэрийбиппит. Манна дойду үөрэҕин министиэристибэтин, субъектарын бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбаннас кыттыбыта. Киэҥ, суолталаах этиилэрбитин, ырытыыларбытын бэлэмнээн тиксэрбиппит. Федеральнай таһымнаах төрөөбүт тыллар институттарыгар тиийэн үлэлэһэн, көннөрүүлэр киирбиттэрэ. Ол түмүгэр, хас да тэрилтэнэн бигэргэтиллэн, төрүт тыллар чаастарын төттөрү оннугар түһэрдилэр. Манна сийиэс ыытыллыыта эмиэ төһүү күүстээх. Тыл бары эйгэни хабарын, сыһыаннааҕын быһыытынан, бу сийиэс резолюциятыгар Үөрэх уонна билим, Сибээс, инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технологиялар, Култуура уонна духуобунай сайдыы, Урбаан, атыы уонна туризм министиэристибэлэрэ, кинигэ кыһалара, сонуну киэҥник тарҕатар сириэс­тибэлэр бары киирдилэр. Ордук төрөппүттэр, уопсастыбаннас күүскэ үлэлээбиттэрин бэлиэтиир оруннаах. Киэҥ далааһыннаах докумуон ылылынна.

Резолюцияны сэргэ саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын биридимиэтин үөрэтиитин кэнсиэпсийэтэ оҥоһуллар. Урукку өттүгэр маннык быһаарыы суоҕа. Бастакытынан, биридимиэт иһинэн эрэ хааччахтаммакка, социокультурнай эйгэни кэҥэтэбит: успуорт, култуура, атыы-эргиэн, тырааныспар, суол бэлиэлэрэ, о.д.а. салаалар бары кыттыһаллар. Иккиһинэн, кэнсиэпсийэ таһымнарынан, хайысхаларынан арааран үөрэтиини көрүөҕэ: саха тылын лаппа билэр оҕо; өйдүүр, кыралаан саҥарар оҕо; атын омуктар судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтиилэрэ; доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор; орто анал уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр. Итиэннэ кэнсиэпсийэ оҕону төрүөҕүттэн саҕалаан уһуйааҥҥа, алын кылааска, орто, үрдүкү кылаас­тарга хайдах үөрэтэри кэлимник, киэҥник ырытан көрүөҕэ.

Педагог уонна уһуйааччы сыла

– Быйылгы сылы дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Педагог уонна уһуйааччы сылынан биллэрдэ. Манна туох былааннар бааллар?

–  Үгүстэр өйдүүр буолуохтаахтар, 2010 сыллаахха Учуутал сыла биллэриллэн ыытыллыбыта, бэрт элбэх тэрээһин барыта. 1995 сыллаахха “СӨ Учуутал туһунан” Сокуона ылыллыбыта. Ол гынан баран, олохпут, сокуоннарбыт уларыйдылар, онон 1995 сыллаахха ылыныллыбыт Сокуон саҥардыллара уолдьаста. Биһиги былырыыҥҥыттан күүскэ ылсан, Уһуйааччы (педагог) статуһун туһунан сокуону ылаары үлэлэһэ сылдьабыт, үгүс идиэйэлээхпит. Биллэн турар, сокуоҥҥа барыта киирбэтэ чахчы эрээри, урукку ситиһиилэрбитин уонна билигин туох ирдэнэрин учуоттуохтаахпыт. Манна профессиональнай этика, учууталлар социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолууларын боппуруостара киириэхтэрэ, идэлэрин таһымын үрдэтинэллэригэр, сайдалларыгар кыах биэрэр сокуон буолуохтаах диэн толкуйдуубут. Ону таһынан, быйылгыттан уһуйааччыларга туттарыллар Ил Дархан бириэмийэтэ лаппа суолталаах.

Педагогическай каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ эмиэ болҕомто ууруллар, уустуктар баалларын өйдүүбүт. Педагогтар статустарын өрө таһааран, өйөөн, хаачыстыбалаах үөрэҕи иҥэрэр, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир педагогтары иитэн таһаарыахтаахпыт диэн соруктаах бу сыл ыытыллыахтаах. Дойду, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бигэргэммит былааннар бааллар. Бүгүҥҥү балаһыанньаны учуоттаан, былаан сыл устата олоххо киириэхтээх, ыытыллыахтаах.

Арассыыйа норуоттарын үйэлээх баайа

– Ааспыт сыл Арассыыйа норуоттарын үйэлээх баайын сылынан биллэриллибитэ. Туох улахан хамсааһыннар таҕыстылар?

– Былырыын Арассыыйа норуоттарын нэһилиэстибэтин сылынан бэрт таһымнаах, элбэх тэрээһиннэр бардылар. Бу тэрээһиннэр лоп курдук
Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр сөп түбэһэн, өссө байытыллан, кэҥэтиллэн ыытылыннылар. Манна улахан болҕомто култуурабыт сүрүн хайысхаларыгар – олоҥхоҕо, оһуохайга, норуот маастардарыгар уурулунна, олохтоох үйэлээх баайга элбэх тэрээһиннэр тэрилиннилэр, көрүлүннүлэр.

Олоҥхо ыһыаҕар аан дойду шедеврдэрин көрсүһүүлэрэ үрдүк тэрээһиннээхтик ааспыта. Олоҥхо ыһыаҕа эһиил Өймөкөөн улууһугар барара бигэргэммитэ. Сахалар олоҥхобут аан дойду култуурунай нэһилиэстибэтин муҥутуур үрдүк чыпчаалынан ааттанарыгар Олоҥхо ассоциацията улахан өҥөлөөх. Оччолорго олоҥхону ЮНЕСКО таһымыгар ассоциация уопсастыбаннай көҕүлээһин быһыытынан таһаарыахтаах диэн ыйыллара. Манна бастакы хардыыны тустаах ассоциация оҥорбута. Улуустарга ыытыллар Олоҥхо ыһыахтарын кыраапыктарын бастакы бырайыагын эмиэ ассоциация бэлэмнээбитэ. Ааспыт сылга чыпчаал быһыытынан өйдөнөн хаалбыт биир бэлиэ түгэнинэн, “Ньургун Боотур” олоҥхо опера быһыытынан туруутун ааттыахха сөп. Итини көрөн, ханнык баҕарар дойдуга туруорар кыахтаах эбиппит диэн түмүккэ кэллибит.

Кэлиҥҥи кэмҥэ креативнай экэниэмикэ хайысхатынан бэрт элбэх маастардар, киинэни туруорааччылар, АйТи үлэһиттэр сайдан эрэллэр. Аҥаардас сиртэн хостонор баайынан, тыа хаһаайыстыбатынан эрэ муҥурдаммакка, бэйэбит илиибитинэн, өйбүтүнэн айарбыт эмиэ өрөспүүбүлүкэҕэ көмөлөөх, сайдарбытыгар төһүү буолара, үлэ хайысхата туспа суолланан-иистэнэн иһэрэ биһирэнэр.

Саха киинэтэ

– Соторутааҕыта “Российскай Федерация” сурунаал тахсыбытын көрөн аһарбытым. Киинэни өйөөһүҥҥэ уларытыылары киллэриэхпитин баҕарабыт диэн ис хоһоонноох ыстатыйаҥ тахсыбыт этэ. Киинэ туһунан биһиги былырыын сокуон ылыммыппыт. Аны федеральнай таһымҥа үлэҕититтэн сырдатан ааһарыҥ буоллар.

– Бу Сокуон эрэгийиэн таһымыгар хааччахтардаах. Федеральнай сокуоҥҥа олоҕурдахха, киинэни оҥоруу үбүлээһинин РФ Култууратын министиэристибэтэ эрэ быһаарыахтаах диэн ыйыллар, субъектар олоччу үбүлүүллэрэ кыаллыбат, Бүддьүөт кодекса утарсар. Биһиги граннарынан, бырагыраамаларынан көмөлөһөбүт. Ол гынан баран, холобур, тылбааһы, кулгаахтарынан истибэт, кыайан аахпат дьоҥҥо аналлаах киинэни таһааралларын үбүлүүр кыахпыт суох. Онон субъектарга көҥүл биэрэллэрин курдук бэйэбит этиибитин киллэрдибит. Атын национальнай киинэни оҥорор субъектар биһиги көҕүлээһиммитин, бырайыакпытын өйөөтүлэр. Ол эрээри, федеральнай таһымҥа сокуону ылыныы уустук. Бу сокуон бырайыагын эрэгийиэн таһымыгар үөрэтэр кэмитиэт көрдө, билиҥҥитэ биллэ илик.

“Сахафильм” тэриллибитэ номнуо 31 сыл буолла. Аны өрөспүүбүлүкэҕэ киинэни оҥорор, “Сахафильмы” кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир уонтан тахса устуудьуйа баар. Уопсайынан, саха киинэтин ситиһиитэ баһырхай, “Царь-птица”, “Надо мною солнце не садится”, “Дьулуур: Мас-рестлинг”, “Кэрэни көрбүт”, о.д.а. киинэлэр аан дойду таһымыгар аатырдылар, көрөөччүлэр биһирээтилэр. Ону кытта бэйэбит режиссердарбыт Алексей Романов, Эдуард Новиков, Любовь Борисова, Дмитрий Давыдов, уо.д.а. ааттара киэҥник билиннэ, үрдүк таһымҥа таҕыстылар, онон киинэ сайдар кэскиллээх. Эппитим курдук, креативнай экэниэмикэ биир бастыҥ көрдөрүүтүнэн буолар. Урут киинэ 74 бырыһыана омук киинэлэрэ этэ, үп-харчы кинилэргэ бара турдаҕа. Билигин олохтоох киинэ күүскэ сайдан, атын эрэгийиэннэргэ, дойдуларга тарҕанар түгэнигэр өссө кэскиллэнэр кыахтаах. Сокуон баара буоллар, саха киинэлэрин туох да хааччаҕа суох өссө күүскэ өйүөх этибит. Холобур, норуот тыйаатырдара да, профессиональнай тыйаатырдар даҕаны сайдан, анал каадырдардаах уонна норуоппут бэйэтэ талааннаах буолан киэҥ сураҕыраллар. Бу барыта биһиги сүдү баайбыт.

Түмүктээн эттэххэ, бары төрөөбүт тылбытын билиэхтээхпит, сэҥээриэхтээхпит, кини сайдарын туһугар кыһаныахтаахпыт. Бэйэбит судаарыстыбаннай тылбытынан көрдөрөр-иһитиннэрэр тэлэбиидэнньэлээхпит, литэрэтиирэлээхпит, үөрэхтээхпит, култууралаахпыт… Сүрүн олуктар бааллар. Ийэ тылбыт өссө да үгүс үйэлэри уҥуордуурун туһугар, харыстыаҕыҥ. Бу этэрим ылбычча буолбатах, аны 100 сылынан аан дойдуга баар 7 тыһ. кэриҥэ тылтан аҥаара эрэ хаалыа диэн сабаҕалыыллар. Биһиги аҕыйах ахсааннаах омукпут, онон тылбытын харыстаатахпытына, сайыннардахпытына эрэ уһун үйэлэниэҕэ, чэчирии сайдыаҕа.

Чокуур Гаврильев кэпсэттэ.

Людмила Попова бэчээккэ бэлэмнээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: