Ийэ тыл күнүгэр аналлаах хоһооннор

Share

Өлүөхүмэ улууһун ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Кыыллаах Арыытыттан төрүттээх Мария Еремеевна Поскачина, Күөх Ньурбаттан силистээх Тамара Николаева-Сарыада Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах хоһооннорун ааҕыҥ, сэргээҥ.

Сахабын ээ, сахабын

Сахам сирин таптыырбынан,

Саха тылын улуу гынан

Куруук үөһэ тутарбынан.

Саха тыына сайаҕаһа,

Айылҕабар биллэн ааһар,

Налыччыта эбэ уутун

Ырааһыгар тэҥнэһэр.

Ардыгар мин кыыһырабын,

Халааннаабыт эбэ тэҥэ,

Ол онтубун аһарабын,

Чуумпурабын, налыйабын.

Саха буолан сайаҕаспын,

Үтүө дьонтон үөрэбин,

Куһаҕаны өрө тардар,

Оннук үтүө майгылаахпын.

Тыйыс сиргэ олоробун,

Онон дьоҥҥо эрэнэбин,

Саха киһи алдьархайтан

Куота көппөт майгытыгар.

Сахабын ээ, сахабын,

Дьүһүммүнэн, дууһабынан,

Айыылары өрө тутар

Дьикти кэрэ олохпунан.

Тамара Николаева-Сарыада.

Сахалыы саҥалаах буоламмын,

Сайаҕас санаалаах эбиппин,

Айылҕа алгыһын ылынан,

Оһуохай тылыгар этэбин.

Мин ырыам дьиктилээх иэйиитэ,

Дьиҥ санаам муҥурун булларар,

Кутуллар дорҕоонун быыһыгар,

Сахалыы эйэ- дьол дуорайар.

Ити,мин тылбынан суугунуур

Сайынын,аар хатыҥ барахсан,

Ити мин тылбынан дьурулуур,

Сонунун сэһэргиир,күөрэгэй.

Мин тылым сүтүөҕүн сатаммат,

Тыл сүтүө,айылҕам иһийиэ,

Үрүйэ сүүрүгэ ньимийиэ,

Хомойон имири сүтүөҕэ.

Мин тылым,айылҕа суугуна,

Субуллар уһун суол ырыата,

Сайылык дьиэрэтэр тойуга,

Сир Ийэ иһирэх таптала.

Тамара Николаева-Сарыада.

САХАЛЫЫ САҤАРАР БУОЛАММЫН…

Сахалыы саҥарар буоламмын

Тулабын сахалыы хайгыыбын:

Айылҕам саас кэлэн тылларын,

Күөгэйэ нусхайан турарын.

Сайыҥҥы күөх халлаан үрдүгүн,

Ол дуолга күөрэгэй туойарын.

Күһүҥҥү үүт туман хойуутун,

Дьыбардаах салгына дьэҥкирин.

Кыһыҥҥы тоһуттар тымныытын

Хаар түһэн сымнатан ыларын.

Дьыл кэмэ барыта солбуйсан

Кэлиэхтээх кэмигэр кэлэрин,

Ол ааһар былыкка олорсон

Сыл-хонук элэҥнээн ааһарын.

Сахалыы саҥарар буоламмын

Дойдубун сахалыы таптыыбын,

Мин дойдум кэхтибэт дьылҕатын

Сахалыы саҥаҕа көрдүүбүн.

Сахалыы саҥарар буоламмын…

Мария Поскачина.

МИН САХАБЫН

Мин сахабын… Быдан ааспыт үйэлэргэ

Олорон ааспыт төрүт дьоннорум,

Үйэлэргэ үрдүк ааттаммыт өбүгэлэрим,

Олохторун салҕыыр кыыстара буолабын.

Эбэм, эһэм күннэтэ иҥэрбит

Төрүт тылбынан саҥарабын,

Сахалыы саҥанан санаабын этинэн

Көҥүллүк, киэҥник тыынабын.

Мин сахабын. Сахалыы саҥаны таптыыр,

Сахалыы үгэһи тутуһар,

Дойдубун сахалыы таптыыр буоламмын,

Сарсыҥҥы күҥҥэ бигэ эрэллээхпин.

Саҥалыы олоххо Сахабын дэнэргэ айыллан,

Айылҕам биэрбитин сиэннэргэ иҥэрэн,

Доҕоттор, мин дьиҥ дьоллоохпун,

Симэлийбэт дьылҕалаахпын.

Мин Сахабын! Үөрэбин сахалыы сэмэйдик,

Ытаан да ылыам симиктик,

Таптыыбын сахалыы уйаннык,

Эрэнэбин сахалыы ыйаахпар бигэтик.

Мин Сахабын. Дууһам сахалыы долгуйар,

Өйүм сахалыы өрүкүйэр,

Сүрэҕим сахалыы үөрэр,

Дойдубар тапталы туойарбар.

Мин Сахабын… Мин дьоллоох дьылҕалаах киһибин.

                                                                                                                                  Мария Поскачина

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олох очурдара: Хас биирдиибит сырдык күннээх

Баһылайаптар оҕолоро улаатан, бары киэҥ сиринэн тэлэһийэн, дойдуларыгар да кэлбэт-барбат буоллулар. Икки этээстээх дьиэлэрэ, бэл,…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Ийээ, өллөхпүнэ ытаамаар»…

Бүгүн Саха сиригэр Ийэ күнэ. Орто дойдуга кыыс оҕо буолан айыллан кэлэн, кэргэн тахсан уоллаах…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Араҥас ньирэйдээх ынаҕа – тыа сирин олоҕун пааматынньыга

Тыа сиригэр кэлиҥҥи сылларга араас социальнай суолталаах тутууну тэҥэ устуоруйаны үйэтитэр араас пааматынньыктар, искибиэрдэр тутуллаллар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Светлана Свинобоева: “Саамай сүрүнэ, оҕону ис сүрэхтэн таптыахха наада…”

Светлана Свинобоева – элбэх оҕолоох ийэ, бэйэ дьыалатын сайыннарар урбаанньыт. Кини аныгы үйэ дьахталларыттан уратыта…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ааспыт сыллар ахтылҕаннарынан

Саха сиригэр Ийэ күнүн көрсө Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин "Угуйаан" култуура киинигэр күн күбэй ийэлэрбитигэр,…

6 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Аныгыскы паралимпиадаҕа өссө биир эрэллэннибит

Соторутааҕыта успуорт эйгэтиттэн өссө биир үөрүүлээх сонун кэллэ. Эдэркээн Айаал Сивцев паралимпиецтарга чэпчэки атлетикаҕа дьаадыраны…

7 часов ago