“Ийэ тыл” санаа атастаһыытын түһүлгэтэ буолан ааста
Бэһис-алтыс кылаастан кыра оҕолор сахалыы саҥарбаттарын, бэйэлэрин икки ардыларыгар нууччалыы эрэ кэпсэтэллэрин үгүс улахан киһи бэлиэтии көрөр. Билигин саба быраҕан гаджет, ютуб оҕолоро диэн ааттыыбыт уонна саамай сүрүнэ итини туоратар, быһаарар туох үлэ ыытыллыахтааҕын иҥэн-тоҥон билбэппит.
Дьэ, ити көлүөнэ оҕолору саха тылыгар сыһыарыыга, бэйэ диэки иэҕиигэ туох кэскиллээх үлэ ыытыллара ирдэнэрин тобулар соруктаах бүгүн “Ийэ тыл-2024” санаа атастаһыытын улахан түһүлгэтин тэрийдилэр.
Кэпсэтии хас да сиринэн тарҕанан барыта тоҕус түһүлгэнэн барда. Ол курдук, “Дьокуускай куоракка саха оскуолаларын төрөппүттэрин Сүбэтин үлэтэ”, “Төрүт тыл” логопед түмсүүтэ, “Ааҕар Саха сирэ”, “Сахалыы тыыннаах оскуолалар уонна уһуйааннар”, “Саха тыла аныгы кэмҥэ”, “Биридимиэти сахалыы үөрэтии”, “Төрөөбүт тылга олоҕуран элбэх тылланыы”, “Уол оҕо – ийэ тыл эйгэтигэр”, “Ийэ тылбыт – итэҕэлбит” диэн түһүлгэлэр үлэлээтилэр.
Тэрээһин өрүү буоларыныы дьон болҕомтотун тарта. Тус бэйэм “Биридимиэти сахалыы үөрэтии” түһүлгэҕэ сэҥээрэн сырыттым. Кэпсэтии үс чаас кэриҥэ барбытыттан да сылыктаатахха, кыра оҕолору тылга сыһыарыы боппуруоһа элбэх киһини долгутарын туоһулуур.
Манна Дьокуускай куорат, улуустар оскуолаларын учууталлара, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет преподавателлэрэ кытыннылар.
“Олоҥхо ассоциацията” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэсидьиэнэ Февронья Шишигина: “Сэргэх кэпсэтии таҕыста. Оскуолаҕа нууччалыы тыллаах оҕолор кэлэр буоллулар диэн учууталлар долгуйбуттар. Кинилэри хайдах үөрэтиэхтээхпит, ханнык көмө кинигэлэр ирдэнэллэрэ уонна мэтиэдикэ боппуруостара таарылыннылар. Бу оҕолор ханнык тылынан толкуйдуулларый диэн психология боппуруостарыгар тиийэ ырытыһыы буолла. Онон нууччалыы саҥарар саха оҕолорун үөрэтэр ньымаларын тобулуу барыахтааҕын кэпсэттибит.
Олимпиадаҕа кыайыылаах оҕолору үөрэппит учууталлар, сахалыы толкуйдуур, сахалыы саҥарар оҕо ситиһиитэ үрдүк буолар диэн эттилэр. Сахалыы ийэ тылынан толкуй киһи айар дьоҕурун ордук сайыннарар эбит диэн түмүккэ кэлбиттэр.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет преподавателлэрэ билиҥҥи устудьуоннар нууччалыы үөрэнэллэрин уонна оскуолаҕа тиийэн сахалыы үөрэтэргэ бэлэмэ суохтарын этэллэр. Онон бүгүҥҥү күҥҥэ каадыры бэлэмнээһин боппуруоһа эмиэ кэпсэтиигэ таҕыста.
Алын кылаас учууталлара санааларын эттилэр. Билигин саамай улахан болҕомто уһуйаан уонна алын кылаас үөрэнээччилэрин үөрэтии ньыматыгар, онно аналлаах босуобуйаларга, үөрэх кинигэлэригэр, бырагыраамаларга ууруллуохтаах.
Бу билиҥҥи тыҥаан кэлбит быһыыга-майгыга кэпсэтии саҕаланыыта эрэ буолар. Ордук бэлэмнээх математика учууталларын бөлөҕө тэрилиннэ, биология, тулалыыр эйгэ учууталлара үлэлииргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр. Бөлөхтөр мустан баран салгыы хайдах быһыылаахтык үлэлииллэрин былаанныахтаахтар”, — диэн санаатын үллэстэр.
СӨ үтүөлээх учуутала, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт математикаҕа учуутала Илья Кысылбаиков: “Лиссиэйгэ кэлиэм иннинэ Бүлүү гимназиятыгар үлэлээбитим. Оччолорго оҕолор олимпиадаҕа көрдөрүүлэрэ өрө тахсыбыттара. Дириэктэрбин кытта кыра анаалыс оҥорбуппут. Ситиһиилээх оҕолорбутун сыымайдаан көрбүппүт бары дэриэбинэҕэ үөскээбит оҕолор ситиһиилэнэллэр эбит этэ.
Лиссиэйгэ кэлэн сүүрбэччэ сыл үлэлээтим, эмиэ олимпиадаҕа кыттар оҕолору дьарыктыыбын. Олимпиадаҕа Арассыыйа таһымыгар физика, математика биридимиэттэригэр миэстэлэһэр оҕолорбут бары кыра эрдэхтэриттэн сахалыы үөрэммит оҕолор. Ол иһин оҕо билиини бэйэтин төрөөбүт тылынан иҥэринэр буоллаҕына кини сайдыыта ордук күүстээх буолар эбит диэн, мин, дьарыктана сылдьар киһи быһыытынан, бигэргэтиэхпин баҕарабын. Бука, ханнык баҕарар биридимиэттэргэ ити курдук саха тыла оҕо өрө тахсарыгар төһүү буолуо”, — диэн бэлиэтиир.
Түһүлгэҕэ мустубут дьон бары сахалыы үөрэтии ордук тиийимтиэтин, сахалыы үөрэх босуобуйата ирдэнэрин, ордук элбэхтик туттуллар тиэрминнэри араастык суруйбакка сахалыы биир сүрүннүүр, туруору тылбаастаммыт тыл соччо биһирэммэтин, тылы “искусственнайдык” тылбаастааһын киирбитин, тыл бэйэтэ үөскүүр сокуонннааҕын, о.д.а. санаалар этилиннлэр.
Тэрээһин туһунан сиһилии “Саха сирэ” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: