Ийэ тылбыт кэскилэ

Share
Ыччаппыт сайдыы суолугар төрөөбүт тылын умнубакка хардыылыа дуо?

 Саха норуотун биир тирээн турар кыһалҕата – төрөөбүт тылы норуот култууратын сүрүн бэлиэтин, нууччалыы эттэххэ, култуурунай код быһыытынан үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдии буолар. Ол иһин бүгүн төрөөбүт тылбытын харыстаан, үүнэр көлүөнэҕэ чөл туруктаах тиэрдэр туһугар долгуйар ааҕааччыларбытыгар бэйэбит ыыппыт этнопсихолингвистическай кэтээн көрүүбүт түмүгүн билиһиннэриэм. Бу кэтээн көрүү Дьокуускай куоракка 2007, 2014, 2021 сылларга ыытыллыбыта, онно кыттыбыт дьонтон 40% кэриҥэ 16-25 саастаах эдэр ыччат.

Дьокуускай ыччата төрөөбүт тылын билиниитэ: аныгы сүүрээннэр

Чинчийии көрдөрөрүнэн, ыччат төрөөбүт тылын били­ниитэ үрдээн иһэр (1 №-дээх табл.): саха ыччата төрөөбүт тылынан саха тылын билинэрэ бигэ көрдөрүүлээх, оттон туора омук тылын (нуучча тылын) төрөөбүт тылынан билинэрэ аҕыйаан иһэр эбит. Икки төрөөбүт тылы билинии, чуолаан, саха уонна нуучча тылын иккиэннэрин тэҥинэн төрөөбүт тыл быһыытынан ылынара, ыччат ортотугар эрэ буолбакка, сахалар истэригэр кэлин бэлиэтэнэр көстүү. Бу көстүү биһиги чинчийиибит устатын тухары үрдүүр-намтыыр хабааннаах, ол эрээри мэлдьи баар көстүү буолла.

РФ атын эрэгийиэннэригэр ыытыллыбыт чинчийиилэр түмүктэрин, ол иһигэр ыччат төрөөбүт тылыгар сыһыанын көрдөрөр дааннайдарын көрдөххө, маннык. 2012 с. Л.М. Низамова ыыппыт социологическай чинчи­йиитигэр кыттыбыт та­­таар киһитин 87 %-на  төрөөбүт тылынан татаар тылын ааттаабыт, оттон 10 %-на төрөөбүт тылын быһыытынан нуучча тылын ааттаабыт. Владикавказ куоракка 2018 с. осетин омук 36,2 %-на төрөөбүт тылын быһыытынан нуучча тылын ааттаабыт. Марий Эл Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллыбыт ыйытыкка хоруйдаабыт ыччат 46,7 %-на икки төрөөбүт тыл­лааҕын билинэр; 40 % – төрөөбүт тылынан марий тылын, оттон 12 % – нуучча тылын ааттаабыт.

Уопсайынан эттэххэ, чинчи­йиигэ кыттыбыт саха киһитэ барыта омугун билиниитин таһыма уһун кэм устата улаханнык хамсаабат, оттон ыччат ортотугар бу көрдөрүү 14 сыл устата халбаҥныырын бэлиэтиэххэ сөп.

Дьокуускай к. орто уонна аҕа көлүөнэ олохтоохторо омук быһыытынан билиниилэрин, ол  иһигэр төрөөбүт тылы билинии­лэрин, көрдөрүүлэрэ бигэ турук­тааҕын төрүөтэ уларыта тутуу саҕаттан билиҥҥэ диэри тыа дьоно куоракка көһөн киирэн, киин куорат сахатын элбэтэн, сахалыы саҥарар эйгэни кэҥэтэн сылдьалларыгар буолар.

Салгыы ыччат төрөөбүт тылын билиниитигэр олохсуйбут араас хайысхалаах сүүрээннэр үөскүүр, сайдар усулуобуйаларын, кэскилин ырытарга холонуохха. Тиһэх ыйытыкпытыгар «Киһи атын тылга көстөҕүнэ омуга эмиэ уларыйар, бэйэтин омук быһыытынан сүтэрэр диэн этиигэ сөбүлэһэҕин дуо?» диэн ыйытыы баара. Онно хоруйдаабыттарыттан көрдөххө, ыччат бэйэтин омугун билиниитэ төрөөбүт тылын төһө билэриттэн/билбэтиттэн улахан тутулуга суох буолбут: ыччат 57,5 %-на маннык этиигэ сөбүлэспэт, 24,6 %-на сөбүлэһэр, оттон 17,9 %-на туох диэн эппиэттиэҕин мунаарбыт.

Онон, чинчийиибит туоһулуурунан, ыччаппыт төрөөбүт тылыгар сыһыана утарыта соҕус суолталаах: биир өттүнэн ыччат бэ­­йэтин омугар тардыһар (этноцентризм күүһүрэр), иккис өттүнэн – төрөөбүт тылы билинии көрдөрүүтэ бытарыйыыта (фрагментация) бэлиэтэнэр. Маннык көстүү атын эрэгийиэннэргэ ыытыллыбыт чинчийиилэргэ эмиэ бэлиэтэнэр. Бу көстүүнү ыччат бэйэтин омугун тылыгар наады­йыыта күүһүрбүтүн курдук уонна, ону кытта тэҥҥэ – ыччат сорҕото саҥа үйэ ирдэбилинэн, быдан киэҥник туттуллар тылга көһөн баран, кэтэх өйүгэр, ис сүрэҕэр төрөөбүт тылын илдьэ сылдьарга бэлэм эбит диэн быһаарыахха сөп быһыылаах.

1 №-дээх таб.

 Саха ыччатын төрөөбүт тылын билиниитэ (сылларынан)

 (Дьокуускай к., 2007, 2014, 2021 сс., %)

Чинчийии сыллара 2007 с. 2014 с. 2021 с.
Барыта Ыччат Барыта Ыччат Барыта Ыччат
Саха тыла 82 84,4 83,9 77,5 84,0 82
Нуучча тыла 8,1 3,9 3,7 4,2 2,4 3
Саха уонна нуучча тыла 13 11,7 12,4 18,3 13,2 15
Бэйэ омугун тылын билии: кистэлэҥ кыах дуу, ааһар көстүү дуу?

2021 с. ыйытык көрдөрбүтүнэн, бэйэтин омугун тылынан холкутук саҥарар ыччат элбээбит (2 №-дээх табл.). Ону сэргэ, мөлтөхтүк да буоллар, сахалыы билэр, а.э., саҥарар эрээри са­­таан суруйбат, өйдүүр эрээри сатаан саҥарбат, олуттаҕастык саҥарар ыччат кыра-кыралаан элбээн иһэрэ бэлиэтэнэр.

Оттон салгыы бэриллибит ойоҕос ыйытыылар балаһыанньа дьиҥнээҕэ хайдаҕын ырылыччы көрдөрдүлэр: ыйытыкка кыттыбыт ыччат 32,5 %-на сахалыы билбэтиттэн хаһан даҕаны эрэйи көрбөтөх; оттон 27,5 %-на – нууччалыы мөлтөхтүк билэриттэн эрэйдэммэтэх эбит. Үгүс респондент билиммитинэн, сэдэхтик да буол­лар, сахалыы саҥарарыгар-суруйарыгар ыарырҕатар (49,2 %) эбит, оттон нууччалыы саҥарарыгар-суруйарыгар сэдэхтик ыарырҕатар киһи оннооҕор аҕы­йах эбит – 42,1 %. Саха тылын туттарга «куруутун ыарырҕатабын», «чаастатык ыарырҕатабын» диэччи ахсаана 17,1 %, ол нуучча тылын куруутун уонна чаастатык ыарырҕатааччы ахсааныттан (29,6 %) биллэрдик аҕыйах. Онон, омугун тылын холкутук билэбин диэбит ыччат улахан аҥаара – 79,6 % төрөөбүт тылынан саҥарар эйгэтэ быдан кыараҕас буолан тахсар. Ол аата ыччат кэпсэтии истиилин баһы­лаабыт, төрөөбүт тылынан араас идэ эйгэтигэр, дьон иннигэр саҥарар сатабыла намыһах. Нууччалыы билии­лэрин таһыма   86,6 % эрээри олох сөпкө, нуучча тылын баа­­йын барытын туһанан саҥарар ыччат эмиэ ити көрдөрүүттэн намыһах. Аны туран, куорат эйгэтэ үксэ, билиҥҥи туругунан, нууччалыы баран хаалла, ол иһин сахалыы үрдүк таһымнаах саҥаны истэллэрэ да аҕыйах. Ол иһин бэйэлэрин тылы билиилэрин таһымын эмиэ сыыһа-халты сыаналыахтарын сөп.

Билиҥҥи ыччат омугун тылын билиитэ мөлтүүрэ объек­тивнай лингвополитическай фактор дьайыы содула буолар.

2 №-дээх таб.

 Саха ыччата омугун билиитин туттар таһымА

 (Дьокуускай к., 2007, 2014, 2021 сс., %)

Ыйытык ыытыллыбыт сыллара 2008 с. 2014 с. 2021 с.
Холкутук саҥарабын, ааҕабын, суруйабын 84,9 77,2 79,6
Саҥарабын, ааҕабын эрээри, сатаан суруйбаппын 5,9 5,3 5,8
Саҥарабын эрээри, сатаан аахпаппын-суруйбаппын 1,3 4,2 4,6
Олуттаҕастык саҥарабын 5,3 6,3 3,3
Барытын өйдүүбүн эрээри, сатаан саҥарбаппын 0,7 0 1,7
Тугу саҥаралларын уопсайынан өйдүүбүн эрээри, сатаан саҥарбаппын 2 5,8 4,6
Сатаан саҥарбаппын, аахпаппын, суруйбаппын / Билбэппин 0 1,1 0,4
Социокултуурунай өрүттэр: ыччат омугун тылын билинэригэр төрүөт буолар экстралин-гвистическай усулуобуйа

2014 с. чинчийии көрдөрбүтүнэн, омугун тылын төрөөбүт тылынан билинэр киһи ордук сайаҕас буолар эбит: өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр олохсуйа барар баҕалаах респондент 77,1 %-на төрөөбүт тылынан саха тылын билинэр киһи; 16,9 %-на икки тылы иккиэннэрин төрөөбүт тылынан билинэр ыччат эбит. Омугун тылын төрөөбүт тылынан билиммэт дьон быдан нэс эбиттэр (5,9 %), ону ааһан социальнай туруктара (үөрэхтэрэ, дохуоттара) бэрт намыһах.

2021 с. ыйытык көрдөрөрүнэн, Дьокуускайга уонна улуустарга ыйытыкка кыттыбыт дьон
70 %-на аныгы ситиһиилээх киһи уобараһыгар үс тылланыы улахан ­оруоллааҕын ыйар – «саха, нуучча тылын сэргэ норуоттар икки ардыларыгар туттуллар тылы үчүгэйдик билиэххэ наада». Маныаха саха ыччатын 17,2 %-на английскайдыы холкутук саҥарар, оттон 31,4 %-на английскайдыы кэпсэтии сүрүн ис хоһоонун өйдүүр кыахтаах эбит.

Тыллары үөрэтиигэ уонна атын омук тылын күннээҕи олоххо туттууга сыһыан туһунан этэр буоллахха, ыччат 30 %-на сүрүннээн английскай тылга тардыһар, 15 % «саха, нуучча уонна омук тыла (Европатааҕы)» диэбит, оттон 12 % бэйэтин омугун тылын, о.э. саха тылын үөрэтиэн баҕарарын туһунан эппит. Ыйытыкка кыттыбыт киһини барытын көрөр буоллахха, омук тылын (Европатааҕы) үөрэтиэн баҕарар киһи өлүүтэ 55,9 % буолбут; 43,4 % киһи саха тылын, оттон   25,1 % нуучча тылын үөрэтиэн баҕарар эбит.

Английскай тыл аныгы Арассыыйаҕа оруола уларыйбытын, нуучча култууратын эйгэтин, ол иһигэр билим эйгэтин, английскайга тардыһыннарыы утум­наахтык ыытылларын уо.д.а. туһунан чинчийээччилэр элбэхтик суруйаллар. Ол суруйууларыгар омук быһыытынан билинии, тылы харыстааһын, омукка кини төрөөбүт тыла куттала суох буолуутун мэктиэлээһин (лингвистическая безопасность) кыһалҕаларын көтөҕөллөр. О.Р. Бондаренко (2020) бэлиэтииринэн, английскай тыл нууччалыы кэпсэтэр эйгэҕэ балысханнык тоҕо ааҥнаан киириитэ нуучча тыллаах дьон саҥарар, толкуйдуур, олоҕу анаарар үөрүйэхтэрин сүтэрэн, бу дьон бэйэлэрин омук быһыытынан билиниилэрин алдьатар. Онон кэнники 30 сыл устатыгар нуучча тыллаахтар ураты култуураларын сүтэрэ быһыытыйбыт усулуобуйаларыгар, чуолаан, Арассыыйа эдэр гражданнара бэйэлэрин омук быһыытынан билинэллэригэр бу английскай тыл улахан сэрэхтээх диир.

Оттон биһиэхэ саха ыччата интэриниэт эйгэтигэр туттар тылынан нуучча тыла уонна английскай тыл буолаллар (3 таб. көстөр).

Онон тылы харыстыыр кыһалҕа өттүттэн Арассыыйа норуоттарын ыччатын тылы туһанар уратытын туһунан салгыы анааран бардахха, бу эдэр оҕолор бэйэни билиниилэрэ олохсуйарыгар икки хос алдьатыы­лаах уларыйыыны көрсөллөр эбит. Ыччат олоххо ситиһии­лээх буоларын туһугар аан дойдуга норуоттар алтыһар тылларын үөрэтэн билиэх­тээх диэн аныгы олох ирдэбилэ буолбутун өйдүүбүт. Маннык быһыыга-майгыга аҕыйах киһи билэр, кыараҕас эйгэҕэ туттуллар төрөөбүт тылбыт көйгөтүллэрин өйдүүбүт, көрө-билэ сылдьабыт. Тоҕо диэтэр, икки тыллаах эйгэҕэ аҕыйах киһи туттар тыла, о.э. миноритарнай тыл, алдьатыылаах охсууга, улахан уларыйыыга тиксэр, оттон элбэх киһи туттар иккис тыла, о.э. мажоритарнай тыл, биллэн турар, бэрт бигэ туруктаах буолар.

Салгыы ыччат төрөөбүт тылын бэйэтин омук быһыытынан билиниитин сорҕотун быһыытынан ылынарыгар туох уларыйыы тахсыбытын көрдөрөр биһиги ассоциативнай эспэримиэммит түмүгүн билиһиннэрэбит. Эрдэ бэлиэ­тээбиппит курдук, устудьуоннар «саха тыла» диэн өйдөбүл ис хоһоонугар киллэрэр анаарыылара уларыйбыт: кинилэр ассоциативнай эспэримиэн кэмигэр биэрбит эппиэт­тэрэ туоһулуурунан, баһыйар үгүстэригэр (82%) саха тыла төрөөбүт тыл буолар эрээри, билигин үөрэтэргэ, туһанарга “уустук”, “ыарахан” тыл диир эбиттэр. Оттон 2007 с. “саха тыла” диэтэххэ, үксүгэр “төрөөбүт тыл” диэн хоруй тахсар эбит. Маннык хоруйга оччотооҕу ыччат бэйэтин омугун тылын омук ураты култууратын көстүүтүн быһыытынан сыаналыыра көстөр.

Онон, киһи бэйэтин омук быһыытынан билинэригэр тыл миэстэтэ диэн кэм-кэрдии аастаҕын аайы, киһи, чуолаан ыччат, олорор сирэ уларыйдаҕын аайы уларыйар-тэлэрийэр уратылаах чинчийии барамайа буолар.

Биһиги кэтээн көрүүбүтүнэн саха тылын «уустук» диэн тылынан бэлиэтээһин 2007 уонна 2014 сс. икки ардыгар аан бастаан бэлиэтэммит. Ол аата маннык бэлиэтээһини 1990-с сылларга төрөөбүт ыччат оҥорор эбит. Бу ыччат саха тылын сайдыытыгар бэрт көдьүүстээх кэмҥэ – ос­­куолаҕа национальнай-эрэги­йиэннээҕи компонент баар кэмигэр – үөрэммит. Ол эрээри тоҕо саха тылын ыарыр­ҕатара буолуой? Ол быһаарыыта судургу: уларыта тутуу кэнниттэн биһиэ­хэ омук бородууксуйата кэмэ суох тарҕанар буолбута, ол иһигэр бастакы электроннай оонньуулар. Бу 90-с сыллар оҕолоро, а.э. миллениаллар олохторун биир уратыта. Кэлин бу оҕолор улаатаннар, кибер-эйгэни көхтөөхтүк туһанар араҥа буол­буттар. Билигин нууччалыы эрэ саҥарар кыра кылаас оҕолоро – ити эйгэҕэ кинилэрдээҕэр өссө дириҥник киирбит көлүөнэ – миллениаллар оҕолоро.

Билиҥҥи кэмҥэ чинчийээччилэр гаджеттары тулалыыр эйгэни баһылыыр ньыма быһыытынан билинэллэр, биһиги бары күннээҕи олохпутугар кибер-эйгэ үтүөлэринэн туһанабыт.

Ол эрээри миноритарнай тылларга, ол аата аҕы­йах туһа­нааччылаах тылларга, бу кибер-эйгэ дьайыыта бэрт омсолоох буолла – бу эйгэҕэ атын омук тыллара туттуллар буолан, оҕо-ыччат бэйэтин омугун тылын көйгөтүтэр, туттарын ыарырҕатар буолла. Билигин биһиги уопсас­тыбабыт төрөөбүт тыл үүнэр көлүөнэҕэ бэриллиитин туһугар бэркэ долгуйар: ыйытыкка кыттыбыт Дьокуускайга олорор саха 73,4 %-на уонна улууска олох­тоох кыттааччы 80 %-на оҕо тыллары туттар үөрүйэҕэ уларыйбытыттан, саҥарар саҥа култуурата намтаабытыттан дьиксинэр. Саха уутуйан олорор тыатын сиригэр сахалыы саҥарар саха ыалын оҕотун 6,8 %-на нуучча тылыгар көспүтэ, ол аата төрөөбүт тылбыт көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр утума быстан эрэрэ тас дьайыынан быһаарыллар – саҥа информационнай технологиялар күннээҕи олохпутугар киириилэрин содула буолар диэн түмүк Иванова, Никитина, Филиппова 2021 с. үлэлэригэр тахсыбыт. Ити кыһалҕа турбута ыраатта, он­­нооҕор олохтоох нууччалар
34 %-нара саха тылын балаһыанньата үөрэх эйгэтигэр бөҕөргүүрүн өйдүүр.

Бэйэ омугун тылын билэргэ ыччат интэриэһэ тоҕо мөлтүүрүн чинчийэн көрдөххө, бу – бүтүн аан дойду үрдүнэн тарҕанан эрэр сүүрээн буолар. Атыннык эттэххэ, саҥа олохсуйан эрэр информационнай уопсастыбаҕа индивидуализация баһыйар буолан иһэр. Оттон аныгы киһи кыра сааһыттан информационнай алтыһыыга киирэргэ күһэллэрин быһыытынан, оҕо социализацияны ааһар иккис кэр­диис кэмэ, о.э. үөрэтии-иитии биир бэлиэ түһүмэҕэ – индивидуализация – тыыннаах дьон салалтатынан буолбакка, информационнай эйгэҕэ баар араас квазисубъектар (чопчу кимэ-туга биллибэт, үһү-тамах субъектар) салалталарынан ыытыллар диэн чинчи­йээччилэр бэдлиэтииллэр.

Ити курдук киһи бэйэтин омугун, төрөөбүт тылын билинэригэр, ылынарыгар харгыс буолар экстралингвистическай (тастан дьа­йар) төрүөт олус элбэх уонна күн-түүн  үксээн иһэр.

Онон саха ыччата бэйэтин ураты тыллаах туспа омук быһыытынан билинэригэр уонна олоҕу көрүүтүгэр дьайар үтүө да, мөкү да төрүөттэр олус элбэхтэр, араас хайысхалаахтар.

Ол эрээри, билиҥҥи ыччат төрөөбүт тылбыт мөлтөөтө, хайдах эрэ гынан сахалыы саҥаны элбэтиэххэ, сурукка-бичиккэ тарҕатыахха диэн бигэ са­­наалаах, ол көрдөрүү ыйытынньыкка кыттыбыт дьон барытын көрдөрүүтүгэр майгылыыр: холобур, “Төрөөбүт тылыҥ инникитин хайдах сыаналыыгын?” диэн ыйытыыга 56,8 % саха “Дьиксинэбин” диэбитэ, ол иhигэр эдэр ыччат 51,2% эмиэ итинник хоруйдаабыт; “улаханнык дьиксинээбин” диэн 14,5 % саха эппит, ол иhигэр эдэр ыччата 14,17 %. Аны туран, 13 % кэриҥэ ыччат “Саха тыла туруктаах, дьиксиммэппин» диэбит. Ол эрээри 21,6 % эдэр киhи хоруйдуурун мунаарбыт.

Ол аата: билиҥҥи эдэр ыччат 65,37 % кыһалҕа тирээбитин өйдүүр, үлэлэһэргэ бэлэм. Бэйэлэрин оҕолорун сахалыы уһуйааҥҥа, оскуолаҕа үөрэтэр-иитэр баҕалаахтар. Оннук көрдөрүүлэри биһиги ылбыппыт.

3 №-дээх таб.

 Саха ыччата массмедиа уонна интэриниэт бородууксуйатын туһанарыгар туттар тыллара

 (Дьокуускай к., 2021 г., %) 

Тыллар Интэриниэт ТВ Араадьыйа Хаһыат Кинигэ
Саха тыла 4,2 5,4 28,4 17,3 7,1
Нуучча тыла 56,3 61,4 28,9 45,6 65,7
Саха уонна нуучча тыла 21,7 24,2 28,4 27,9 20,1
Нуучча уонна английскай тыл 9,2 2,9 0 0 3,3
Саха, нуучча уонна английскай тыл 3,8 2,1 0 0 3,1
Английскай тыл 3,8 1,7 3,9 1,3 0
Дьоппуон тыла 0 2,9 0 0 0
Түмүк

Саха омуга бэйэтин туспа омук быһыытынан сананар кыаҕын күүһүрдэргэ, ол иһигэр ыччат бэ­­йэтин омугун тылын билинэригэр, судаарыстыба өйөбүлэ инники күөҥҥэ турар улахан төһүү күүс буолар. Судаарыстыба көмөтө, өйөбүлэ манныкка көстөр: оҕо уһуйааныттан саҕалаан үөрэҕирии тиһигэр бүтүннүүтүгэр төрүт култуураҕа тирэҕириигэ; киһи уонна бар дьон төрөөбүт тылыгар быраабын туһунан сырдатар үлэни ыытыыга; тыл бэлиитикэтин ыал таһымыгар салайыыга; оҕо кибер-эйгэҕэ үктэнэр кыаҕын хааччахтыыр туһунан боппуруоһу көтөҕөн, үрдүк таһымҥа быһаарыы ылынары көҕүлээһиҥҥэ.

Икки тылланыы иһийэ сытар кыаҕа бу икки тыл – бэйэ омугун тыла уонна иккис тыл – муҥутуур киэҥник туттуллар эрэ буоллахтарына үөскүүр. Ол иһин икки тыл тэҥ буолар усулуобу­йата тэриллиэх­тээх, онуоха сахалыы саҥарар эйгэни кэҥэтэр суол тутуһуллуохтаах. Ол эйгэҕэ сахалыы саҥарарга саҥардыы үөрэммит уонна саха тылын мөлтөхтүк билэр дьон эмиэ тардыллыахтаах.

Мин бигэтик эрэнэбин: саха тылын чөлүгэр түһэрии атын тыыннаах тыллары (естественные языки) чөлүгэр түһэриигэ туттуллар ньыма көмөтүнэн барыах­таах. Ол аата оскуолаҕа төрөөбүт тылы үчүгэйдик үөрэтии, дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы саҥарары көҕүлээһин, тылы үөрэтэр лааҕыр­дары тэрийии уо.д.а. Ол эрээри тылы чөлүгэр түһэрэр сыалтан информа­ционнай технологиялары кэпсэтэр эйгэҕэ туһанары, кибер-эйгэҕэ саха тылын тарҕатары суос-соҕотох ньыма быһыытынан ылынары утарабын. Бу ньымалар төрөөбүт тылбыт тыыннаах буоларын хааччыйар эбии көмө эрэ буолуох тустаахтар.

Н.И. Иванова.

А.А. Васильева тылбаастаата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

8 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

10 часов ago