Ийэ тылыгар «Күөрэгэй» бэстибээл үһүс төгүлүн ыытыллыаҕа
Саха тылыгар «Күөрэгэй» III бэстибээлэ бу сыл сэтинньи 17 күнүгэр «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга ыытыллыаҕа.
Тэрийээччилэр саха тылын сайдар кэскилин туһугар үлэлэһэр, ийэ тылбыт инники дьылҕатын туһугар долгуйар дьону ийэ тыл түһүлгэтигэр ыҥыраллар.
Бэстибээлгэ маастар-кылаастар, сэминээрдэр, лиэксийэлэр, сахалыы остуол оонньуулара, куонкурустар ыытыллыахтара, ону тэҥэ саха тылын харыстааһын боппуруостарын дьүүллэһиэхтэрэ.
Тэрээһин сүрүн сыалынан оҕону төрөөбүт тылынан иитэргэ сахалыы эйгэ баарын көрдөрүү туһуланан сэтинньи 17 күнүгэр сарсыарда 11-тэн киэһэ 17.00 чааска диэри «Үлэ кыбаарталыгар» буолуоҕа.
Санаттахха, «Күөрэгэй» ийэлэр түмсүүлэрэ 2019 сыллаахха бастакы ыыппыт бэстибээллэригэр тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыта, үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Иккис бэстибээл былырыын сэтинньи 26 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар буолбута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: