«Ийэ – урбаанньыт» саҥа федеральнай бырагыраама үлэлээтэ

Share

Бу бырагыраама биисинэһи арыйары былаанныыр ийэлэр бэйэлэрин дьыалаларын олоххо киллэриигэ уонна сайыннарарга саҥа кыахтары биэриэҕэ.

Дойдуга саҥа «Ийэ – урбааньыт» федеральнай бырагыраама үлэлээбитин туһунан РФ Экэниэмикэҕэ сайдыытын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы дьахтар пуорумун чэрчитинэн оҕо күүтэр дьахталлар уоппуска кэмигэр грант бырагырааматын туһаналларыгар, ол иһигэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоох ийэлэргэ, эппиэкэҕэ оҕолору иитэ ылбыт дьахталларга көмөлөһөргө быһаарыы ылыллыбыта. Сотору кэминэн «Ийэ-урбанньыт» бырагырааманы үлэлэтэр эрэгийиэннэр испииһэгэ оҥоһуллуоҕа.

Бу үөрэхтээһин бырайыага. Бырагыраама иһинэн элбэх хонуктаах тэтимнээх трениннэр ыытыллыахтара, кыттааччылары дьыалабыай эйгэҕэ сыһыарыахтара, бисинэс-былааннары оҥорорго үөрэтиэхтэрэ. Бырайыак түмүгэр ийэлэр биисинэс-идиэйэлэрин көмүскүөхтэрэ уонна киэҥ эйгэҕэ таһаарыахтара. Бырагыраама кыайыылааҕа 100 тыһ. солк. грант ылыаҕа.

РФ Экэниэмикэҕэ сайдыытын миниистирин солбуйааччы Татьяна Илюшникова быһаарбытынан, быйыл бырайыакка 1500-тэн тахса дьахтар кыттыыны ылаллара күүтүллэр. Сүрүн бирииһи таһынан, бастыҥ бырайыактарга табаардарын эбэтэр өҥөлөрүн оҥорууга эбии өйөбүлү оҥоруохтара. Бырагыраама «Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киллэриллэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago