Хаартыска: видеоттан скрин
Бу аҕыйах хонуктааҕыта социальнай ситимҥэ «Детдомҥа барыахпын баҕарбаппын» диэн ытыы олорор уолчаан видеота киэҥник тарҕанан үгүс дьону уйадыппыта. Бу түгэн тула СӨ Оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунай Туяра Васильева санаатын үллэстибитэ. Оттон бүгүн оҕолорун былдьатыан баҕарбат эдэркээн ийэ хараҕын уутунан суунар видеота тарҕанна. Видеоҕа көрдөххө, үс оҕо ийэтэ эдэркээн кыыс.
Билиҥҥи туругунан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дьылҕатынан Мииринэй оройуонун сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар социальнай чөлгө түһэрэр «Харысхал» киин дьарыктанар эбит.
«Биһиги кииммит сүрүн соруга — оҕо интэриэһин көмүскээһин уонна дьиэ кэргэни уустук кэмҥэ өйөөһүн буолар. Элбэх оҕолоох Валентина Аржакова дьиэ кэргэнин туһунан иһитиннэрии бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанна. Билигин бу дьиэ кэргэн уустук балаһыанньаҕа сылдьар. Оҕолор билиҥҥи туругунан социальнай чөлгө түһэрэр кииҥҥэ олороллор. Олороллоругар бары усулуобуйа баар. Кииммит оҕолор ийэлэрин кытта сибээһи туталларын өйүүр. Онон көрсүһэр, кэпсэтэр усулуобуйаны тэрийэбит. Бу дьыл от ыйын 10 күнүгэр эдэр ийэҕэ быраабын хааччахтыыр туһунан суут уурааҕа тахсыбыта», — диэн «Харысхал» кииҥҥэ иһитиннэрдилэр.
Бэлиэтээн суруйдахха, СӨ Оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунай Туяра Васильева иһитиннэрбитинэн, бу дьыала кини тус хонтуруолугар сылдьар. Ону сэргэ ийэ аһыы утахтан эмтэниини ааһарга сөбүлэспит.
Түөрт уон арыы диэн ааттанар сир Бүлүү өрүс Өлүөнэҕэ силбэһэр сириттэн саҕалаан 300 көстөөх сиринэн…
"Защитники Отечества" пуонда Саха сиринээҕи филиала байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөтүн салгыыр.…
Күн-дьыл туран биэрэн, ханна баҕарар отчуттар күөх быйаҥы сомсон хааллылар. Сииттэ нэһилиэгэр отчуттар былааннаммыт отторун…
Сахабыт сирин биир чөл олохтоох нэһилиэгинэн Уус Алдан улууһун Тумул нэһилиэгэ буолар. Манна арыгы атыытын…
Социальнай ситиминэн, мессенджеринэн: “Бүгүн М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет уопсайыгар киирэллэригэр, устудьуоннартан сыллааҕы төлөбүрү олоччу…
Саха сирин Оройуоннааҕы балыыһаларыгар мэдиссиинэ 45 тырааныспара бэрилиннэ. Тиэхиньикэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Уһун…