Үөрэххэ ураты наадыйар устудьуоннар, аспираннар уонна исписэлиистэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, педагогика наукатын хандьыдаата, ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһин сайдыытыгар Хотугулуу-Илиҥҥи научнай-инновационнай киин дириэктэрэ Пантелеймон Романович Егоров төрөппүт ийэтин, бүгүн төрөөбүтэ 100 сылын туолар Дьоруой Ийэ Марфа Алексеевна Егорова туһунан ахтан-санаан ааста. edersaas.ru — Мин ийэм Марфа Алексеевна Егорова 1922 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр Өлүөхүмэ оройуонун Улахан
Үөрэххэ ураты наадыйар устудьуоннар, аспираннар уонна исписэлиистэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, педагогика наукатын хандьыдаата, ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһин сайдыытыгар Хотугулуу-Илиҥҥи научнай-инновационнай киин дириэктэрэ Пантелеймон Романович Егоров төрөппүт ийэтин, бүгүн төрөөбүтэ 100 сылын туолар Дьоруой Ийэ Марфа Алексеевна Егорова туһунан ахтан-санаан ааста.
edersaas.ru
— Мин ийэм Марфа Алексеевна Егорова 1922 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр Өлүөхүмэ оройуонун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр Елена Никифоровна Габышева уонна Алексей Лукич Егоров дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ.
Эбэм бииргэ төрөөбүт кыра балта Анна Никифоровна Габышева Өлүөхүмэ оройуонун Киндигир сэлиэнньэтигэр олорбута уонна тыа сирин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Егоровтар дьиэ кэргэттэрэ
— Эбэлээх-эһэм аҕыс оҕолоохтор этэ. Ол гынан баран, оччолорго Саха сиригэр ыарахан кэмнэргэ үгүстэрэ кыра эрдэхтэринэ күн сириттэн туораабыттара. Ийэм улахан эдьиийэ Мария Алексеевна 1917 сыл от ыйын 28 күнүгэр Өлүөхүмэ оройуонун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ.
Кыра балта Галина Алексеевна 1929 сыл муус устар 27 күнүгэр Улахан Мунку сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Кыра быраата Пантелеймон моряк этэ, Тиксиигэ борохуот саахалланар кэмигэр дьону быыһыы сылдьан хомолтолоохтук өлбүтэ.
Марфа Алексеевна -. Алексей Лукич Егоров тапталлаах кыыһа этэ. Марфа Егорова сэттэ оҕону дьоһуннаахтык ииппитэ, барыларыгар идэ биэрбитэ. Кинилэртэн үс оҕо орто анал, түөрт оҕо үрдүк үөрэҕи баһылаабыттара. Икки уол — оҕо эрдэҕиттэн хараҕынан бастакы группалаах инбэлиит, кинилэр иккиэн үрдүк үөрэхтээхтэр. Биирдэстэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин харахтарынан көрбөттөр интеллигенцияларын ортолоругар педагогика наукатын бастакы хандьыдаатынан буолбута.
Бу 60 сыл анараа өттүнээҕи былыргы хаартыскаҕа биһиги төрөөбүт-үөскээбит дьиэбит көстөр. Мин аҕам Юрий Павлович Слепцов сааһын тухары суоппарынан үлэлээбитэ. Хайыы-үйэ 6 оҕолоох /иккитэ көрбөт кэриэтэ оҕолор/ ийэбин көрсөрүгэр толкуйдуу барбакка, кэргэн ылбыта. Мин ийэбиттэн аҕыс сыл балыс этэ. Ол курдук, мин ийэм кэрэ мөссүөнэ кинини абылаабыта. Бу аҕам өттүттэн ураты хорсун быһыы этэ. Билиҥҥи эр дьон ортотугар итинник киһи баара дуу, суоҕа дуу дии саныыбын.
Марфа Алексеевна Егорова олоҕун тухары, 46 сыл устата норуот хаһаайыстыбатын эйгэтигэр учуоттуур кассиртан саҕалаан, кылаабынай буҕаалтырга тиийэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 1941 сыллаахха рабфагы бүтэрэн баран, «Холбос» управлениетыгар учуоттуур кассирынан үлэтин саҕалаабыта, онтон наркомпищепромҥа үлэлээбитэ, 1952-1962 сылларга буҕаалтырынан, 1962-1978 сылларга ветеринария куораттааҕы поликлиникатыгар кылаабынай буҕаалтырынан үлэлээбитэ. 1970-с сыллар бүтүүлэригэр, куорат бухгалтерияларын барытын биир кииннээбиттэригэр Дьокуускай куорат горисполкомун бухгалтериятыгар үлэлээн баран, 1987 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Билигин Дьокуускай куорат дьаһалтатын дьиэтин иккис этээһигэр бэтэрээннэр истиэндэлэригэр кини мэтириэтэ ыйанан турар.
Ийэм эдэр эрдэҕинэ олус кыраһыабайа, 85 сааһын туоларыгар да олус номоҕон этэ. Кини тилэҕэр тиийэ сыһар хойуу уонна уһун суһуохтааҕа. Сэрии уонна сэрии кэннинээҕи ыарахан сылларга эбэлээх эһэм 8 оҕолоруттан үс эрэ кыыс хаалбыта — ийэм улахан эдьиийэ Мария Алексеевна, мин тапталлаах «Тетя Маням», ийэм уонна кыра балта Галина Алексеевна. Миигин ийэм быраата, сахаттан биир бастакы моряк аатынан ааттаабыттара. Пантелеймон диэн аат былыргы грек тылыттан тылбаастаатахха, үтүөрдээччи, үтүө санаалаах диэн буолар. Арааһа, бу аат мин дьылҕабын быһаарбыта. Мин ийэм олус үчүгэйдик ыллыыра, ол иһин, биһиги муусукаҕа уонна поэзияҕа сыстаҕаспыт. Мин бииргэ төрөөбүттэрим Роман уонна Розалия Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумугар устудьуоннуу сылдьан, ааспыт үйэ 60-с сылларыгар уус-уран самодеятельноска куруук кытталлара, куорат уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран көрүүлэр лауреаттара этилэр. Үгүс сэбиэскэй ыал курдук, биһиги элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ халандаар кыһыл күннэрин, төрөөбүт күннэри, сыбаайбалары уонна үбүлүөйдэри барытын бэлиэтиирбитин сөбүлүүрбүт. Бу бэһиэлэй бырааһынньыктар хайаан да байаан доҕуһуолунан ырыалаах буолаллара. Наар ийэбитигэр аныыр саамай сөбүлүүр ырыабытынан И.Дашков тылларыгар, А.Аверкин мелодиятыгар «Милая мама» ырыа буолара. Мин дьиэ кэргэммэр бырааһынньыктарга бу ырыа күн бүгүҥҥэ диэри ылланар. Бу ырыабыт толорулларын тухары мин ийэм аата кинини утумнааччылар сүрэхтэригэр, дууһаларыгар махталынан ахтыллыаҕа.
Ийэм сааһын тухары ветеринария поликлиникатыгар кылаабынай буҕаалтырдаабыта. Поликлиника Белинскэй уонна Каландаришвили уулуссалар муннуктарыгар, билигин университет научнай бибилэтиэкэтин таһыгар баар кураанах сиргэ турбута. Ийэм сэттэ оҕотун аһатар-таҥыннарар, улаатыннарар туһугар хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри үлэлиирэ. Биһиги, оҕолор, кини үлэтигэр элбэхтик кэлэрбит уонна поликлиника улахан дьиэтигэр дуоһуйуохпутугар диэри астына оонньуурбут. Ынаҕы баайар быанан баайыллыбыт хачыалга хачыаллыырбытын үчүгэйдик өйдүүбүн. Мин мантан олус астынарым, тоҕо диэтэххэ, дьиэ өһүөтүгэр тиийэ сыһарым. Ийэм биир идэлээхтэрэ, дьүөгэлэрэ биһигини олус таптыыллара. Баҕар, быраатым Сэмэнниин мөлтөхтүк көрөрбүт иһин, ийэлии аһыналлара эбитэ буолуо.
Белинскэй уулуссатын 64 нүөмэрдээх дьиэбитигэр уһаайбалаах уонна кыра хаһаайыстыбалаах – ынахтаах уонна сылгылаах этибит. Сайын ынахпытыгар анан Күөх хонууга от охсорбут. Арааһа, мин дьылҕам сирдээн буолуо, биһиги уһаайбабыт билигин ХИФУ үөрэтэр-лабораторнай куорпуһун фойета турар сиригэр баара. Онон, мин кимиэхэ барытыгар бу сиргэ дьиэбит, оппутун харайар сирбит, ампаарбыт, гарааспыт, хотоммут уо.д.а. ханан турбуттарын барытын көрдөрөр кыахтаахпын.
Мин хараҕа суохтар уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи анал оскуолаларыгар үөрэммитим. Ол кэмҥэ биһиги таспытыгар тутулла турар Саха судаарыстыбаннай университетын кылаабынай куорпуһун таһынан ааһан иһэн, хаһан эрэ бу куорпуска үөрэниэм, бэл, доруобуйаларыгар кыһалҕалаах устудьуоннары айар үлэҕэ, үөрэххэ көҕүлээн үлэлиэм диэн санаан да көрбөт этим.
Марфа Алексеевна Егорова буҕаалтыр дуоһунаһыгар өр кэмнээх үтүө суобастаах үлэтигэр биир да сэрэтии, сэмэ диэн тугун билбэтэҕэ. Горисполком, Олохтоох бырамыысылыннас министиэристибэтин, идэлээх сойуус, Дьокуускай куорат норуодунай дьокутааттарын куораттааҕы сэбиэтин үгүс ахсааннаах Бочуотунай грамоталарынан, дипломнарынан наҕараадаламмыта. Кини – сэрии, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр үлэ фронугар үтүө суобастаах үлэтин иһин мэтээлинэн, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 65 сылынан үбүлүөйдээх мэтээлинэн, Ийэ Албан аата II истипиэннээх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Марфа Алексеевна Егороваҕа 2003 сыл от ыйын 10 күнүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин дастабырыанньата, 2012 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр «Гражданскай килбиэн» мэтээлэ туттарыллыбыттара.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…