Ааспыт ыйга өрөспүүбүлүкэ өссө биир ытык кырдьаҕаһыгар Анисия Гаврильевна Габышеваҕа уһун үйэлээхтэргэ бэриллэр “Үйэ саас” бэлиэ туттарылынна (өрөспүүбүлүкэҕэ13 уһун үйэлээх баар).
100 сааһын туолбут Анисия Гаврильевнаны РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтилэр.
Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэни туттарарыгар Анисия Гаврильевна биһиэхэ барыбытыгар оҕо, сиэн, хос сиэн тапталынан толору дьоллоох олоҕу олоруу холобурун көрдөрөрүн бэлиэтээтэ.
* * *
Анисия Гаврильевна – Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна сэрии кэннинээҕи сыллары тулуйбут, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар тугунан да сыаналаммат кылааттаах көлүөнэ биир бастыҥ бэрэстэбиитэлэ.
Кини Чурапчы улууһун Кытаанах сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. 1947 сыллаахха сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбит Георгий Габышевка кэргэн тахсан, биэс оҕону төрөтөн, атаҕар туруорбуттара. Георгий Романович сахаҕа үрдүк уҥуохтааҕын, бөдөҥ-садаҥ көрүҥнээҕин, киэҥ-холку майгылааҕын, киһини бэйэтигэр тардарын, эйэҕэс майгылааҕын туһунан билэр дьонноро ахталлар.
Учуутал идэтин баһылаан, олоҕун бүтүннүү анаабыт Анисия Гаврильевна үөрэппит оҕолорунан куруук киэн туттар. Сүүһүнэн оҕону “киһи киһитэ” буоллуннар диэн олох киэҥ суолугар сирдээн киллэрбитэ. Сорох оҕолорун ааттарын умнан кэбиспититтэн сонньуйар. Ол иһин, аныгы учууталлар үөрэнээччилэрин ааттарын суруна сылдьалларыгар сүбэлиир.
Анисия Гаврильевна уопсастыбаннай үлэттэн туора турбатаҕа: хаста да нэһилиэк дьокутаатынан талыллыбыта, дьахтар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 2018 сыллаахха 95 сааһыгар “Көмүс түгэн” диэн аҕам саастаахтарга аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл Кылаан бирииһин ылбыта. Кини чуор куолаһа, муударай алгыһа, ырыата мустубут дьону абылаабыта. Бүгүҥҥү дьоруойбут 2023 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ уһун үйэлээхтэрин рекордун кинигэтигэр киллэриллибитэ. Элбэх наҕараадатыттан саамай күндүтүк саныыра – “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Учууталларын учуутала” түөскэ кэтиллэр бэлиэ.
“Киһини дуоһунас киэргэппэт, дуоһунас диэн бүгүн баар, сарсын суох. Орто дойду олоҕор киһи киһиэхэ сыһыана, дьон-сэргэ туһугар тугу, туох үчүгэйи оҥорбутунан сыаналанар” диэн ханнык да ыарахан кэмнэргэ олох сыаннастара уларыйыа суохтаахтарыгар баҕатын тириэрдэр.
Габышевтар оҕолоро тапталлаах төрөппүттэрэ кинилэри тыа олоҕор, үлэҕэ-хамнаска эрдэттэн үөрэппиттэригэр олус махтаналлар.
Кыра уоллара Виктор Габышев ийэтин туһунан: “Ийэбит төһө да 100 сааһын хаарын ууллара сырыттар, билигин да өйө-санаата чөл, төлөпүөммүт нүөмэрдэрин өйүттэн билэр, дьон аатын умнубат. Биир да дьиэ кэргэн бырааһынньыга ийэбит ырыата-хоһооно, алгыһа суох ааспат. Олус элбэх ырыаны, хоһоону билэрин сөҕөбүт эрэ. Ийэбит олус кытаанах хараахтардаах, туруоруммут сыалын-соругун хайаан да ситиһэр, олоххо дьулуура олус күүстээх. Эдьиийим Светлана нэдиэлэ аайы киниэхэ куруук хаһыат ааҕар, ол иһин, аан дойду сонуннарыгар тиийэ билэр, ханнык баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтэр кыахтаах”, – диэн күндүттэн күндү киһилэрэ күн бүгүҥҥэ диэри үөрдэ сылдьарын туһунан астына кэпсиир.
Сиэннэр, хос сиэннэр эбээлэрэ кинилэри олоххо чэпчэкитик сыһыаннаһарга, дьоҥҥо үчүгэйи эрэ булан көрөргө уонна сырдыгы баҕарарга, бэйэ-бэйэни харыстаһарга, баҕа санааны хайаан да ситиһэргэ үөрэппитин ылынан, эбээлэрин, хос эбээлэрин хаһан да түһэн биэрбэт буоларга кыһаллаллар. “Инникитин даҕаны биһиги төрүппүт туһунан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэпсии, билиһиннэрэ сылдьыахпыт”, – диэн эбээлэригэр махталларын этэллэр.
Москваҕа олорор сиэнэ Наталья кэпсииринэн, Анисия Гаврильевна 80 сааһыгар Москваҕа оҕо көрсө кэлбит, ол кэнниттэн аны 5 сылынан сиэннэрэ саҥа ылбыт кыбартыыраларынан эҕэрдэлии көтөн кэлбит. Саҥа дьиэҕэ лиип холбоно илик буолан, күн аайы 8-с этээскэ сатыы тахсан сиэннэрин сөхтөрбүт. 95 сааһыгар түүҥҥү Москванан күүлэйдиир, Кыһыл болуоссакка хаамыталыыр саха кырдьаҕас эмээхсинин көрөр, арааһа, сэдэх буолуо. Манна ытык кырдьаҕас күн бүгүҥҥэ диэри илиитин-атаҕын, этин-сиинин эрчийэ, бэйэтин доруобуйатын көрүнэ сылдьара көмөлөстөҕө диэн сэрэйиэххэ эрэ сөп.
“Киһи үтүө санаалаах, айылҕа биэрбит сибиэһэй аһылыгынан аһыыр, элбэхтик хамсанар-имсэнэр буоллаҕына өр олорор. Мин сарсыардам эрчиллиилэри оҥорууттан саҕаланар уонна күнүм эмиэ итинник түмүктэнэр. Өйгө тутар дьоҕурбун өр илдьэ сылдьар туһугар куруук хоһоон, ырыа үөрэтэбин, кинигэни дорҕоонноохтук ааҕабын. Чөл олоҕу тутуһабын”, – диэн өр олоруу кистэлэҥнэриттэн үллэстэр.
Быйыл Учуутал уонна Уһуйааччы сылыгар Учууталлар учууталлара Анисия Гаврильевна Габышева оруобуна 100 сааһын томточчу туолбута эмиэ кэрэ бэлиэ.
Ийэ дьоло – оҕолоругар
Владимир Георгиевич Габышев – Хоптоҕотооҕу “Дириҥ уоттара” айар түмсүү салайааччыта, “Лауреат-97” ХЭУо дириэктэрэ, мелодист, мусукаан этэ. Оҕолоохтор.
Афанасий Георгиевич Габышев – ССРС тустууга маастара, нуучча дуобатыгар маастарга хандьыдаат, ИДьМ биэнсийэлээҕэ, 3 оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр.
Георгий Георгиевич Габышев – Нам сэлиэнньэтин дьаһалтатын үлэһитэ, 1 разрядтаах дуобатчыт, 2 оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр.
Светлана Георгиевна Егорова – Үөһээ Бүлүүтээҕи И.Н.Барахов аатынан орто оскуолаҕа учууталынан, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи попечительскай сэбиэт дириэксийэтин толорооччу дириэктэринэн, үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр институкка методиһынан үлэлээбитэ. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. 3 оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр.
Виктор Георгиевич Габышев – инженер-технолог, нуучча дуобатыгар маастарга хандьыдаат, 5 оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр.
– Үлэни, үөрэҕи ис сүрэхтэн баҕаран туран үлэлиэххэ, үөрэтиэххэ, оччоҕо туох барыта түмүктээх буолар;
– Оҕо да уратылаах, учуутал да араастаах. Ол гынан баран, ханнык да түгэҥҥэ учуутал оҕону атаҕастыа, сэниэ суохтаах;
– Учуутал үлэтин сүрүн түмүгэ – оҕо олоххо миэстэтин булуута;
– Киһи киһиэхэ үчүгэйи эрэ баҕарыахтаах;
– Уһуннук олоруу кистэлэҥэ – ыраас суобас, үтүө санаа.
– Оҕоҕо хаһан да хаһыытаама, оҕо кута куттанан куотар.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…