Ийээ, биһиги күүтэбит!
Уонун саҥа ааспыт Маахыс оҕо иитэр дьиэҕэ кэлбитэ үһүс ыйа. Бииргэ төрөөбүт балтын Айтаны сааһа кыратынан Дьокуускайга ыыппыттара, оттон кинини манна аҕалбыттара. Оҕо чараас сүрэҕэ барытын өйдүүр. Ол күн оскуолаттан үөрэнэн кэлбитэ, дьиэтигэр улуус кииниттэн дьахталлар кэлэн олороллоро. Ийэлэрэ идэтинэн итирик этэ.
Балта Айта, үһүгэр баран эрэр кырачаан киһи, атах сыгынньаҕын дьиэттэн тахсан барбыт. Сарсыарда Маахыс балтын аһатан, оһоҕун оттон барбыта, ийэтэ дьыбааҥҥа утуйа хаалбыта. Ол икки ардыгар ааны ким аспыт буоллаҕай, сылаас дьиэттэн оҕо тахсан баран араллаан тахсыбыта. Ол түмүгэр оҕолору икки аҥыы араартаан, былдьаан ылбыттара.
Дьиҥэр, ийэлэрэ испэтэҕинэ наһаа үчүгэй. Алаадьылыыр, дьиэтин ып-ыраас гына сууйан-сотон кэбиһэр. Ити барыта аҕалара суох буолуоҕуттан саҕаламмыта. Аҕалара баарына наһаа үчүгэйдик олорбуттара. Маахыс аҕатынаан муус ылар, мас мастыыр этилэрэ… Онтон балта Айта күн сирин көрбүтэ. Аҕалара куоракка таҥас-сап, мал-сал атыылаһа барбыта уонна оһолго түбэспит этэ.
Оҕо дьиэтигэр
Үс ый түүл-бит курдук ааста. Ийэтэ билигин ханна баара буолуой, иһэрэ дуу, иһэн бүппүтэ дуу. Маахыс киэһэ ахсын дьиэтин, ийэтин уонна балтын ахтар. Оронун булан сытта да хараҕын уута халыс гынар. Дойдуларыгар аҕаларын аймахтара бааллар даҕаны, оҕолору ким да эпиэкэҕэ ылыан баҕарбатаҕа. Итириксит дьахтар буулаан баран араҕыа суоҕа диэн ийэтиттэн Лизаттан куттаннахтара. Оттон Маахыска төрөөбүт дойдутуттан, дьиэтиттэн уонна табаарыстарыттан тэйбитэ наһаа куһаҕан этэ. Балтын бүтэһиктээҕин көрсөрүгэр кырачаан Айта билбэт дьахталларын кытта барсымаары, убайыгар иилистэн баран сылдьыбыта. “Убаай, убаай”, – дии-дии ытаабыта. Оҕолору күүстэринэн араартаан баран уолу “Уазикка”, кыыһы хонтуораҕа илдьэ хаалбыттара. Массыына түннүгүнэн уолчаан балтын көрө сатаабыта, саҥа таһааран ытаан барбыта. Онуоха суоппар Михаил төһө да аһыннар, дьаһал ылбыт киһи хайыай, тохтообокко айанната турбута.
Уолчааны оҕо иитэр дьиэҕэ атын улууска аҕалбыттарыгар, Михаил тахсан суумкалаах малын-салын массыына кэнниттэн хостуу туран: “Маахыс, санааҕын түһэримэ, ийэҕит көнүөҕэ, оччоҕо хайаан да кэлэн төттөрү ылыаҕа”, – диэбитэ. Оттон кини төһө да кыра буоллар, билэр этэ, ийэтэ наһаа муҥкук, оннооҕор улуус киинигэр соҕотох киирбэт этэ. Атын улууска тугунан айаннаан кэлэн, икки сиринэн сылдьан оҕолорун хомуйтуой? Харыстанара хараҕын уута, көмүскэнэрэ көмүскэ уута буолан, уолчаан хараҕын уута бүөлүү түһэн туман курдук буолбут тулатын ситэ көрбөккө, билбэт улахан мас икки этээстээх дьиэ кирилиэһигэр хаампыта.
Суоппар Михаил уолчаан аҕатын кытта бииргэ үөрэммиттэрэ. Төһө да истиҥ доҕордуу буолбаталлар, син алтыһаллар этэ. Кинилэр нэһилиэктэрэ суол айаҕар буолан, олохтоох атыыһыттар айан дьонугар анаан аһыыр сир аһан үлэлэппиттэрэ. Онно Лиза диэн тулаайах кыыс ыраах улуустан үлэлии кэлбитэ. Кыра уҥуохтаах, олус сэмэй, элбэх саҥата-иҥэтэ суох кыысчааны Михаиллаах Ваня иккиэн сөбүлээбиттэрэ. Ол эрээри кыысчаан Ванялыын доҕордоһор буолбута. Сотору кэминэн кинилэр ыал буолбуттара уонна Маахыстаах Айтаны оҕоломмуттара.
Ваня өлүөҕүттэн Лиза иһэр-аһыыр буолбутун Михаил сүөргүлүү көрөрө да, хайыыр да кыаҕа суоҕа. Кини бэйэтэ кэргэннэнэн, дьиэ-уот туттан ньир-бааччы олороро. Арай куһаҕана диэн, оҕолоро суоҕа. Маахыстаах Айтаҕа иһигэр ымсыыра саныыра да, кэргэнигэр ис санаатын сатаан кэпсээбэтэҕэ. Урут сөбүлүү сылдьыбыт кыыһым иһээччи буолан оҕолорун былдьатта, ону иитэ ылыах диэтэҕинэ, кэргэнэ хайдах хомойуо суоҕай? Маахыһы ыраах улууска аҕалан халларыаҕыттан өйө-санаата барыта бу оҕолор тула этэ. Улуус киинигэр киирэн социальнайдартан сүбэ-ама ылбыта. Оҕо дьиэтигэр барбыт оҕолору эпэкиин быһыытынан ылыахха сөбүн билбитэ. Кини кэргэнэ Аняны кытта хайаан да кэпсэттэҕинэ сатанар.
Кэпсэтии
Михаил тоҕо эрэ аан бастаан кэргэнин кытта буолбакка, оҕолор ийэлэрэ Лизаны кытта кэпсэтэргэ быһаарыммыта. Уруккута Ванялаах Лиза сэргэх, сэнэх дьиэлэрэ киһи билбэт буолбут этэ. Тиэргэн хаара күрдьүллүбэтэҕэ ырааппыт. Дьиэҕэ киирбитэ, халыҥ сонун бүрүнэн баран Лиза остуол уһугар олороро. Дьыбааҥҥа икки билбэт дьахтара утуйа сытара.
– Лиза, дорообо, кэпсэтэрдээх кэллим, – Михаил уруккута олус сэмэй кыыс кырыыланан, дьүһүн-бодо буолан олорорун бэркиһии да көрдөр, кэпсэтэргэ быһаарыммыта.
– Дорообо, Миисэ.
– Хайа бу, олох күн аайы бырааһынньык дуу…
– Буолумуна, оҕолорбун былдьатан баран, уолбун эн обургу илдьибит сурахтааҕыҥ. Оттон Айтам, кыысчааным? – дьахтар синим биир диэбиттии, улаханнык саҥарбыта, тутан олорбут чааскытын тыастаахтык остуолга уурбута.
– Лиза, эн көнөр суолга турдаххына, оҕолоргун ылар кыахтааххын билэр инигин.
– Билэр инигин буолбакка, мин олохпунан эн олорон көрбүтүҥ дуо? Ваня олохтон барыаҕыттан миэхэ ким эмит күүс-көмө буолбута дуо?
Кэпсэтии тахсыа суоҕун өйдөөн, эр киһи остуолтан турбута уонна үтүлүгүн, бэргэһэтин кэтэн баран:
– Биһиги Анялыын оҕолору иитэ ылаары гынабыт, Маахыс суолу быһа ытаан айаннаабыта. Көрбүтүҥ буоллар, хонтуора иннигэр убайдаах балыс ыар арахсыыларын. Айтушка убайыгар иилистэн баран сылдьыбыта… Онно эн ханна бааргыный? Мин ол Маахыһы оҕо иитэр дьиэтигэр күүспүнэн илдьибит үһүбүн дуо, үлэм сорудаҕа буоллаҕа! – диэн кытаанахтык саҥараат ыарахан халҕаны тыастаахтык сабан тахсыбыта.
Лиза бу олорон оҕолорун били туман быыһынан саныыр бэйэтэ эмискэ санаан кэлбитэ. Арахсар сарсыардаларыгар кур сыттаҕына, уолчаана кэлэн: “Ийээ, биһигини ханна даҕаны биэримэ, баһаалыста, иһимэ ээ”, – диэн уу-хаар баспыт харахтарынан көрдөспүтэ эбээт. Онуоха кини, ийэ буолуохсут, ону истибитэ дуо? Үс ый устата көнөр суолга турда дуо? Суох, бу сыталлар дии арыгы аргыстаах дьүөгэлэрэ. Лиза ойон турбута. Дьыбааҥҥа утуйан оҥторо сытар дьахталлары күүскэ тардыалаан уһугуннартаабыта:
(Салгыыта тахсыа).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: