Салгыы
Ийээ, биһиги күүтэбит!

Ийээ, биһиги күүтэбит!

02.02.2025, 19:00
ХААРТЫСКА: HTTPS://PXHERE.COM/RU.
Бөлөххө киир:

(Бүтүүтэ. Иннин манна ааҕыҥ).

Туруҥ, дьиэлээҥ!

– Хайа, бу дьахтарбыт хайдах буолла, абырах баар да, – диэн арыый аҕам саастаах Тина саҥарбыта.

– Абырах суох, тахсан барыҥ! Мин оҕолорбун аҕалтыам, олохпун ыһымаҥ, – диэн хатаннык часкыйбытыгар, ыалдьыт дьахталлар тыастаахтык хомунан барбыттара.

Лиза оһоҕор мас эбэн, чаанньык уурбута. Урут бу оһоххо төһөлөөх минньигэс күөстэри, алаадьылары астыыр этэй? Ваня маны барытын көрөрө буоллар. Бэйэм да тулаа­йаҕым сөп. Тыыннаах эрээри оҕолорбун тулаайах хааллар­таан эрэбин дии санаан баран төлөпүөнүн ылан, оҕолору былдьыы кэлбит социальнай үлэһит Светланаҕа эрийбитэ…

Санаа күүһэ

Лиза сүр ыксалынан туран дьиэтин-уотун бэрийбитэ. Сууйуллубатаҕа ырааппыт муостатын кылбаччы сууйбута, нэдиэлэ устата мунньуллубут бөҕүн-саҕын таһааран бырахпыта. Хонтуораҕа киирэн уу баһааччыттан көрдөһөн, буочукаларыгар уу куттарбыта. Киэһэ хойукка диэри, сэниэ­тэ эстиэр диэри таҥас бөҕөтүн сууйтарбыта. Аччыктаабытын билбитэ. Холодильнигын аһан көрбүтэ, арай бэҕэһээ киэһээҥҥи арыгытын тобоҕо турара. Дьахтар бытыылкалаах арыгыны ылан хаппахтаан баран, таһырдьа таһааран бөххө бырахпыта. Бу кэргэнэ өлүөҕүттэн санаатын уоскуппута буолар аһыы утах кини олоҕун ыспытын дьэҥкэтик өйдөөбүтэ. Киэһээҥҥитин аһаан баран, аны сарсын докумуоннарын сааһылыан наадатын, оскуола остолобуойугар  үлэҕэ ыҥырбыттарын са­­наан, ол диэки кэпсэтэ барарын былааннаан утуйбута.

Ийэ

Кырачаан Айта ийэтин, убайын суохтаан, улаханнык ыалдьан хаалбыта. Кини аанньа аһаабатын, биир кэм “убаай”, “убаай” диэн хатылыы сылдьарын иһин үлэһиттэр наһаа аһыммыттара. Ордук иитэр дьиэ аҕам саас­таах үлэһитэ Софья Ивановна сүрэҕэ ыалдьара. Иһигэр сэ­­мээр,  ийэлэрэ, баҕар, көнөн оҕолорун ылыа диэн эрэнэ саныыра. Арай биир сарсыарда улуус кииниттэн кыыс ийэтэ кыыһын уонна уолун төннөрүөн баҕарарын туһунан сураҕы соһуйа, үөрэ истибитэ. Ити күн кини кырачаан киһиэхэ: “Айтуша, убайыҥ, ийэҥ кэлиэхтэрэ, сотору дьиэҕэр барыаҥ”, – диэн баттаҕын өрө туран кэпсээбитэ. Элбэҕи саҥарбат-иҥэрбэт кыысчаан үөрэн харахтара чаҕылыҥнаһа түспүттэрэ. Ол киэһэ оннооҕор сөбүлээбэт горохтаах миинин испитэ. Бу сурах 12-лээх Маахыска эмиэ тиийбитэ. Уолчаан бастаан итэҕэйбэтэҕэ. Кинини кытта сэргэстэһэ сытар оҕолор эмиэ итэҕэйбэтэхтэрэ:

– Ити ийэҥ албынныыр, биһиги дьоммут эмиэ испэппит, иһиэхпит суоҕа дииллэрэ уонна син биир иһэллэр этэ, – диэн Игорь уол чуопчаарбыта. Маахыс туох да диэтэллэр, эрэлинэн олорбута. Кини ордук балтын Айтаны ахтара.

Көрсүһүү

Лиза бары докумуонун ситэрэн, үлэҕэ киирэн, дьиэтин-уотун дьахталлар көмөлөрүнэн өрө тардан, өрөмүөннээн, бүгүн оҕолорун ыла тиийэр долгутуулаах күнэ. Ыал да буоларыгар маннык долгуйбутун өйдөөбөт. Бу иннинэ сүбэ-соргу ыла аҕам саастаах, сахалыы куттаах дьахтарга сылдьыбыта. Социальнай тэрилтэ суоппара Миисэ кэлэрин кэтэһэ таарыйа, хонтуораҕа киирбитэ. Улуус киинигэр диэри барсыахтаах Миисэ кэргэнэ Аня кэлэн Лизалыын кэпсэтиини саҕалаабыта:

– Дорообо, Лиза.

– Дорообо.

– Оҕолоргун ыла бараары күүтэ сылдьаҕын дуо? Миисэ оҕолорго наһаа ымсыырар, көҥүллүүр буоллаххына, оҕолор биһиэхэ эмиэ сылдьыахтара этэ, Миисэҕэ Маахыс ­илии-атах буолуо, маскытын-муускутун дьаһайыахтара дии…

Дьон көмөлөһө сатыыра туох куһаҕаннаах буолуой, оҕото суох дьон оҕоҕо ымсыыраллара кэмнээх буолуо дуо дии санаабыта Лиза. Миисэ оҕолорго ымсыыран кэлэн кэпсэтиини саҕалаабатаҕа буол­лар, Лиза өйдөнүө биллибэт этэ. Онон иһигэр киниэхэ махтана саныыра.

– Оннук, Маахыс аҕатын суохтуур, оҕолорум кэллэхтэринэ, эһиги да сылдьар буо­лаарыҥ ээ, – диэбитэ.

Балыстаах убай көрсүһүүлэрэ үгүс киһини уйадыппыта. Айтуша убайын көрөөт бастаан саараан, кыбыстан турбута. Онуоха Маахыс балтын көрөн, сиргэ чохчойон олорон икки илиитин даллаппыта. Кини өрүү итинник гынара, оччоҕуна балта сүүрэн түөрэҥэлээн кэлэн кууһа түһэрэ.  Икки кыра­чаан сүрэхтэр төһөлөөх үөрбүттэрэ буо­­луой, Айтуша уба­йыттан түспэккэ, көтөхтөрөн баран сылдьыбыта. Түстэхпинэ, эмиэ икки аҥыы араартыахтара диэбиттии, кырачаан тарбахтарынан убайын синньигэс моойун ыга кууһаахтаабыт этэ. Оҕолор ийэлэрэ хаһан кэлэрин кэтэһэ түннүгүнэн көрө турбуттара. Сотору дьиэлэригэр тии­йиэхтэрэ уонна хаһан да арахсыахтара суоҕа.  Лиза харахтарын уутун кыаммакка, түннүгү одуулаан көтөхсөн турар уоллаах кыыһын кэннилэриттэн көрөн, мичээрдиир икки, ытыыр икки турбута…

+1
15
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
2 февраля
  • -37°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 74% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: