Таатта улууһун Уус Таатта нэһилиэгин олохтооҕо, үс оҕо ийэтэ Мотрена Владимировна Винокурова оҕотун байыаннай дьайыыга атаарбыт ийэлэртэн биирдэстэрэ буолар.
– Биһиги дьиэ кэргэн үс оҕолоохпут. Улахан кыыспыт Галина тылбаасчыт идэтигэр Кытайга үөрэммитэ. Үөрэҕин бүтэрбитэ. Ити кыыс кэнниттэн икки игирэ уолаттардаахпыт. Тулус уонна Тускул диэн ааттаахтар. Уолаттар иккиэн тохсус кылаас кэнниттэн үөрэнэ барбыттара. Тулус Дьокуускайдааҕы «Технология уонна дизайн” кэллиэһигэр муос кыһааччы идэтигэр үөрэнэ киирбитэ, оттон Тускул – Чурапчытааҕы кэллиэскэ. Уолаттар 2021 сыллаахха, иккиэн 18 саастарын туолаат, аармыйаҕа ыҥырыллан Бурятияҕа сулууспалыы барбыттара. Тулус этэҥҥэ сулууспалаан дойдутугар кэлбитэ, оттон Тускул хантараак түһэрсэн салгыы сулууспалыы хаалбыта. Мин бастаан ону истэн баран, ийэ киһи быһыытынан олох сөбүлээбэтэҕим. Ол да буоллар хайыамый, оҕом быһаарыныыта буоллаҕа… Олунньу 24 күнүгэр уолум «аҕыйах кэмҥэ сибээстэн сүтэн ылыаҕым, суохтаама” диэн суруйбут этэ. Онтон оҕом сибээстэн төрүт даҕаны сүтэн хаалбыта. Ол кэм устата биһиги сүрэхпит төһөлөөх аймаммыта буолуой? Утуйар уубут көппүтэ. Арай сайын бэс ыйын саҕана оҕом сибээскэ тахсан үөрдүбүтэ. Украина сиригэр-уотугар баарбын диэбитигэр биһиги айманыы, соһуйуу бөҕө буолбуппут. 18 эрэ саастаах оҕом хайдах онно тиийэн хаалла диэн уйадыйбытым, санаан кэллэҕим ахсын хараҕым уута сүүрэрэ.
– Ахсынньы 11 күнүгэр оҕом уон биэс хонуктаах уоппуска ылан дойдутугар кэлэн барбыта. Билигин байыаннай дьайыыга сылдьар. Оҕобутун дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан «Эр санаа» уордьанынан наҕараадалаабыттара. Ону сэргэ сулууспалыыр чааһын салалтата “За боевые отличия” мэтээлинэн наҕараадалаабыта. Тускул дойдутугар кэлэн дьонун-сэргэтин көрсөн, күүс-уох ылан, өйүн-санаатын сааһыланан, астынан барда. Уолбутугар өйөбүл буолбут бар дьоммутугар, чуолаан улууспут баһылыга Михаил Михайлович Соровка, нэһилиэкпит баһылыга Егор Николаевич Постниковка махтанабыт. Ол курдук, улууспут аатыттан “Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин” бастакы истиэпэннээх анал бэлиэни уонна улуустааҕы суһал ыстаап аатыттан 100 тыһыынча солкуобай анаммытын туһунан туоһу суругу биэрбиттэрэ. Маны сэргэ нэһилиэкпит дьаһалтата уон туонна таас чоҕунан хааччыйбыта, муус киллэрэн көмөлөспүтэ. Күһүн нэһилиэкпит эр дьоно муҥха кэннэ собо бэрсэн үөрдүбүттэрэ. Оҕобут бу сынньалаҥын кэмигэр Дэбдиргэҕэ аймахтарыгар тиийэ сырыттаҕына, нэһилиэк баһылыга Егор Алексеевич Марков Тускул тус бэйэтэ туттарыгар рация биэрбитэ. Онон уолбут астынан барбыта. Байыаннай сулууспалаахтарга көрүллэр 200 тыһыынча төлөбүр туһунан этэр буоллахха, оннук көрүллэр үһү да, уолбутугар Улан-Удэттэн ыспыраапка кэлбэккэ, ити төлөбүрү ыла иликпит. Оҕом Тускул «Эбэлэрбититтэн, эһэлэрбититтэн уустук кэмҥэ көрдөһүҥ, оччоҕо чэпчиир ээ”, – диир. Кини биирдэ эбит сибээскэ тахсан кэпсэттэҕинэ, өрүү уоскутар: «Ийээ, долгуйума, куттаныма, прорвемся!» – диир. Оҕом этиитин санааммын хас сарсыарда, киэһэ утуйаары сытан өбүгэлэрбиттэн оҕом туһугар көрдөһөбүн. Байыаннай дьайыыга сылдьар бары аҕалар, убайдар, оҕолорбут этэҥҥэ эйэлээх олоххо эргиллэн кэллиннэр!
Сатабыллаах сахалар
Бу ый саҥата «Сахамедиа» байыаннай кэрэспэдьиэннэрэ Донбасска байыаннай дьайыыга сылдьан, биир дойдулаахтарбытын көрсүбүттэрэ. Онно «Сунтаар» диэн позывнойдаах киһини көрсөн кэпсэппиттэрэ.
– Дорообо, позывнойуҥ ким диэний?
– Позывнойум “Сунтаар” диэн.
– Бэйэҥ Сунтаартан сылдьаҕын дуо?
– Оннук.
– Манна кэлбитиҥ төһө өр буолла?
– Байыаннай дьайыыга кэлбитим түөрт ый буолла. Мантан чугас сытабыт. Анаан дьоммун көрсөөрү кэлэн турабын.
– Оттон сынньаталлар эҥин дуу?
– Биһиги сынньанар бириэмэбит кэлэн эрэр.
– Бэйэҥ, суһал хомуурга ыҥырыллан кэлбитиҥ дуо?
– Оннук. Маннык ыҥырыллыбыттар элбэхпит. Сахалар батальоммутугар 150-чабыт, оттон ротаҕа 50-чабыт.
– Бүтэһик бириэмэҕэ балаһыанньа хайдаҕый?
– Саҥа дьыл иннинэ улахан артиллерийскай охсуулар элбэхтэр этэ. Коптердар көтөн кэлбэт буоллулар. Анараа өттүттэн мөлтөөтүлэр быһыылаах. Хамандыырдарбыт этэллэринэн, кинилэр тэйэн биэрбиттэр үһү. Ол иһин билигин арыый холку.
– Хааччыллыы хайдаҕый?
– Аһынан-үөлүнэн этэҥҥэ хааччыйаллар. Ким тугу сиэн баҕарбытын, тоҕоостоох түгэн баар буоллаҕына, атыылаһыан сөп. Булугас толкуйдаах, сытыы-хотуу киһи булар-талар.
– Сахалар бултууллар эҥин диэн кэпсээн баар дии…
– Бултуубут, куобахтыыбыт. Хонуу буолан куобах элбэх. Киһи эт сиэн баҕарар, куруук кэнсиэрбэнэн сылдьартан киһи хал буолар. Ол иһин уолаттар куобахтыыллар. Нууччаларбыт, хамандыырдарбыт ону көрөн үөрэллэр. Сахалар аһаталлар диэн. Мин оһохчут идэлээх буоламмын окуопа иһигэр оһох эҥин оҥоробун. Барыта этэҥҥэ.
– Этэҥҥэ буолуҥ!
Хаартыска Винокуровтар дьиэ кэргэн архыыбыттан.
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…
Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…