Саха сирин дьоно-сэргэтэ байыаннай эпэрээссийэҕэ инники кирбиигэ сылдьар дьоммутугар туох кыаллар көмөнү оҥорууга кытта олорор. Ол курдук Чурапчы улууһун Одьулуунугар ийэлэр, дьахталлар, кыргыттар бары биир сомоҕо буолан түмсэ түһэннэр, кыайыы туһугар өйдөрүн-санааларын уураннар, Т.Г. Тоскин аатынан «Сайдыс» норуот айымньытын дьиэтин (НАДь) дириэктэрэ Валентина Аржакова толкуйдаан таһаарбыт “Сидушка” бырайыагынан саллааттарга анаан сиргэ-уокка олорорго табыгастаах олбохтору тигэн ыыппыттара. Ол туһунан Валентина Аржакова саайтка санаатын үллэһиннэ.
— Саллааттарбыт байыаннай дьайыылар барар сирдэригэр ардах, хаар аннынан, бадараан, тымныы усулуобуйатыгар олорон, хонон, инники кирбиигэ сылдьаллар. Маны учуоттаан, ыраах сылдьар буойуттарбытын өйөөн, «Сидушка” диэн бырайыакпынан «Мы вместе” аахсыйаҕа кыттыбыппыт. Одьулуун нэһилиэгин 48 дьахталлара, ийэлэрэ, кыргыттара дьиэлэриттэн иистэнэр массыыналарын илдьэ кэлэн олорон, икки өрөбүл күн устатыгар туох баар кыһамньыларын, сүрэхтэрин сылааһын иҥэрэн туран, ыраах сылдьар дьоммутугар көмөлөстүн диэн санаанан 50 олбоҕу тикпиттэрэ. «Сайдыс” НАДь бүддьүөтү таһынан бэйэтэ киллэриммит үбүттэн таҥаһы атыылаһыы ороскуотугар 25 тыһ. солкуобайы уйуммута.
Киин куоракка Одьулуунтан төрүттээх биир дойдулаахтар түмсүүлэрин салайааччыта Владислав Петров бу олбохторбутун Дьокуускайга гуманитарнай көмөнү тутар пууҥҥа таксыынан илдьэн илдьэн тиксэрбитэ. Нэһилиэкпит ийэлэрэ, кыргыттара сиргэ-уокка араас усулуобуйаҕа илдьэ сылдьан олорорго олус табыгастаах бу олбоҕу олус биһирээтилэр. Онон үөрэ-көтө аны бэйэлэрин эр дьонноругар булка, идэһэ астааһыныгар игин илдьэ сылдьалларыгар диэн тиктэн эрэллэрэ хайҕаллаах.
Түгэнинэн туһанан, нэһилиэгим амарах санаалаах бары далбардарыгар, кэрэ куоларыгар аахсыйаны ис сүрэхтэн өйөөбүттэригэр «сайдыстар» ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Инникитин даҕаны ханнык баҕарар уустук да, үөрүүлээх да түгэннэргэ бу курдук түмсүүлээх буола туруоҕуҥ. Биһиги маннык түмсүүлээх буоллахпытына, ким да, туох да кыайбатыгар, ханнык да ыарахаттары уопсай күүһүнэн туоруохпутугар эрэллээхпит!
Олонхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол…
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Эһигини Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс…
Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 5 буруйу оҥоруу түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, олорунан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытыллар уонна холуобунай дьыалалар…
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…
Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…