Ийэлэргэ аналлаах куонкурус ыытылынна

Ийэлэргэ аналлаах куонкурус ыытылынна

27.10.2022, 19:02
Бөлөххө киир:

Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Ирина Лебедева көҕүлээһининэн, доруобуйаларынан хааччахтаах ийэлэргэ анаан бүгүн, алтынньы 27 күнүгэр, «Эрэл” култуура киинигэр куонкурус ыытылынна.

Ол курдук, Дьокуускай куорат араас уокуруктарыттан, өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан ийэлэр кытыннылар. Куонкурус үс түһүмэхтээх буолла. Бэйэни билиһиннэрии, талааны көрдөрүү уонна суһуоҕу өрүү. Куонкуруска дьүүллүүр сүбэ састаабыгар “Мой бизнес” тэрилтэттэн Ульяна Сокорутова, “Көмүлүөк” хампаанньа менеджерэ Алгыстаан Друзьянов, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйаачы Маргарита Лазарева буоллулар. Куонкурус түмүгүнэн кыайыылаах үрдүк аатын Дьокуускай куорат Строительнай уокуругуттан кыттыбыт ийэ Александра Слепцова ылла. “Мой бизнес” тэрилтэ салайааччыта Зоя Седалищева, “Чороон 21 үйэ” салайааччыта Софья Попова, “Сахатайм” издательскай дьиэ салайааччыта Анжелика Кондратьева бары кыттыбыт ийэлэргэ сыаналаах бириистэри туттардылар.

Ньургуйаана Скрябина хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: