Ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар

Share

Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр Ийэ күнүн көрсө, сэтинньи 22 күнүгэр Саха сиригэр элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар. 

Хаартыска: СИА.

Икки дьахтарга «Дьоруой Ийэ» ааты, үс дьахтарга — «Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэни, 11 дьахтарга — «Ийэ Албан аата» II уонна III истиэпэннээх бэлиэлэри туттардылар.

Үрдүк наҕараадалары бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков туттарда.

— Ийэ диэн — ханнык баҕарар киһиэхэ бастакы тыла, бастакы таптала. Бу олоҕуҥ тухары саамай сылаас тыл. Эр дьон ааттарыттан Ийэ түбүктээх, сөҕүмэр, ыарахан эрээри, сырдык үлэтин ытыктыырбын, сүгүрүйэрбин биллэрэбин. Олоҕу биэрэн, иринньэх эрдэҕиттэн иитэн, ыарахан күннэригэр өйөөн, ситиһиилэриттэн үөрэн, тапталынан бүөбэйдээн улаатыннаран, олох киэҥ аартыгар атааран, кини улуу дьыаланы оҥорор. Саха сирэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрдээх эрэгийиэҥҥэ киирсэринэн киэн туттабыт. Бу биһиги киэн туттуубут эрэ буолбатах, инникибит буолар, — диэн кини эттэ.

Хаартыска: СИА.

Үрдүк наҕараадалары 11 улуустан кэлбит, 5-10 оҕолоох ийэлэр ыллылар. Кинилэр ааттарыттан харда тылы Кэбээйи улууһуттан кэлбит, 9 оҕону төрөппүт, «Ийэ Албан аата» бэлиэ  III истиэпэнин туппут Алла Никитина эттэ.

— Бүгүҥҥү күн биһиги дьиэ кэргэммит устуоруйатыгар киириэҕэ. Элбэх оҕолоох ийэлэр, биһиги, судаарыстыба өйөбүлүн билэбит. Биһиги дьоһун, үлэһит, үтүө дьону иитэн таһаарар соруктаахпыт, — диэн кини эттэ.

«Дьоруой Ийэ» ааты Үөһээ Бүлүүттэн 10 оҕо ийэтэ Татьяна Обоеваҕа туттардылар.

«Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэни Бүлүү улууһуттан 7 оҕону төрөппүт, ииппит Клавдия Петрова уонна Бүлүү уһууһун Тааһаҕар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, 5 оҕону төрөтөн улаатыннартаабыт Мария Харлампьева ыллылар.

Маны тэҥэ, 50 сылы быһа бииргэ олорбут кэргэнниилэри, 9 паараны «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэнэн наҕараадалаатылар.

Хаартыска:  Андрей Сорокин/СИА.

«Дьоруой ийэ» аата 10-тан тахса оҕону төрөппүт, ииппит ийэлэргэ бэриллэр. Кинилэргэ 1 мөлүйүөн солкуобай туттарыллар.

«Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэ кэнники олохтоммута. Өрөспүүбүлүкэ олоҕор улахан кылааты киллэрбит, көхтөөх гражданскай позициялаах оҕолордоох ийэҕэ туттараллар. Наҕараадаҕа эбии 100 тыһыынча солкуобай туттарыллар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

3 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

3 часа ago